Кыаммат араҥа нолуоктан босхолонуо

Бөлөххө киир:

РФ вице-премьерэ Ольга Голодец суруналыыстары кытары көрсүһүү кэмигэр, кыаммат араҥа подоходнай нолуоктан босхолонуохтарын сөбүн эттэ.

Билигин РФ бырабыыталыстыбата туһааннаах боппуруоһу үөрэтэ сылдьар. Кыра хамнастаах дьон нолуоктан босхолоннохторуна, балаһыанньалара арыый да тупсуон сөп. Дьадаҥы дьон ахсаана лаппа аҕыйаан барыа.

Санатан эттэххэ, 2001 сыллаахха диэри үрдүк дохуоттаах дьон нолуоктара төһө эмит үрдүк этэ. Онтон 2001 сылтан уларыйыылар киириэхтэриттэн, нолуок кээмэйэ биир таһымынан быһыллан, холобур, 6500 солк. хамнастаах үлэһит 13%-нын нолуокка аттарар.

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0