Кыаммат араҥаҕа туох көмө оҥоһуллар?

11.10.2017
Бөлөххө киир:

Судаарыстыба нэһилиэнньэҕэ биэрэр көмөтүн сорох дьон туһаммакка хаалар. Онон, бу сырыыга  араас чэпчэтиилэр туһунан кэпсиэхпит.

edersaas.ru


Гааһы киллэртэриигэ – 100 тыһ. солкуобай

СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин хайысхатынан кыаммат араҥаҕа көрүллэр көмө манан эрэ муҥурдаммат. Ол курдук олорор дьиэ­ни гаастааһыҥҥа биир кээмэйдээх көмө оҥоһуллар.

«Кыаммат араҥа уонна гражданнар сорох араҥалара гаас киллэрэллэригэр биирдэ бэриллэр аадырыстаммыт материальнай көмө туһунан» СӨ бырабыыталыстыбата 2010 сыллаахха тахсыбыт уурааҕар олоҕуран, 100 тыһ. солк. диэри харчынан көмө оҥоһуллар.

Киин ититиигэ холботторууга – 125 – 140 тыһ.солкуобай

Билигин үгүс нэһилиэнньэлээх пууннар киин ититиигэ холбонон эрэллэр. Ол эрээри сорох ыаллар ититии ситимнэрин тардалларыгар үгүс ороскуоту көрсөннөр, кирэдьиит ылар да түгэннэрэ баар.

Ил Дархан Егор Борисов дьаһалынан тахсыбыт «Кыаммат араҥа уонна гражданнар сорох араҥалара киин ититиигэ холботтороллоругар анаан биирдэ бэриллэр аадырыстаммыт материальнай көмө туһунан» СӨ бырабыыталыстыбатын уурааҕар олоҕуран, 2013 сылтан судаарыстыбаттан харчынан көмөлөһөр буолбуттара. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ бастакы зонатыгар, ол аата Арктика улуустарыгар олорооччуларга – 140 тыһ. солк. диэри, оттон иккис зона олохтоохторугар – 125 тыһ. солк. диэри көмө оҥоһуллар.

Уотунан ититиигэ – 50 тыһ. солкуобай

220 кВ үрдүк күүрүүлээх уот ситимэ тутуллуоҕуттан, Бүлүү умнаһынан олорооччулар уотунан ититиигэ холбонон, сорох ыаллар оһохторун көтүрдүлэр. Ыйдааҕы ороскуоттара даҕаны аҕыйаата. Эбиитин чэпчэтиллибит тарыыбынан туһаналлар.

«Электричествонан ититиигэ холбооһуҥҥа гражданнар сорох араҥаларыгар биирдэ бэриллэр аадырыстаммыт материальнай көмө туһунан» СӨ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, уотунан ититиигэ холботторооччуларга 50 тыһ. солк. диэри көмө көрүллэр.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0