Кыаммат араҥаҕа көмө кээмэйин нэһилиэктэр быһаарыахтара

Бөлөххө киир:


Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ 2016 сылга ыыппыт үлэтин отчуоттаата.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

2016 сылга министиэристибэҕэ дьарыктаах буолуу, дьиэ кэргэн уонна демографическай бэлиитикэ, эпиэкэ уонна попечитель буолуу боломуочуйалара бэриллибиттэрэ. Икки судаарыстыбаннай бырагырааманы сүрүннүүр: “2012-2019 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр гражданнар социальнай өҥөөһүн”, “2012-2019 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буоларыгар көмөлөһүү”.
Ааспыт сылга министиэристибэ хайысхатынан уопсай үбүлээһин 17,5 млрд. солк. тэҥнэспитэ, итинтэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 13,5 млрд. солк., федеральнай бүддьүөттэн – 3,9 млрд. солк., Биэнсийэ фондатыттан – 2,2 млрд. солк., РФ президенин резервнэй фондатыттан – 9,9 мөл. солк.
Дьэ, бу үп хайдах тыырыллыбытый? Социальнай өйөбүл быһыытынан – 11,3 млрд. солк., социальнай хааччыйыыга – 3,2 млрд. солк., дьарыктаах буолууга – 0,8 млрд. солк., эпиэкэҕэ – 1,7 млрд. солк., атын бырагыраамаларга – 0,5 млрд. солк. барбыт.
Өрөспүүбүлүкэҕэ орто хамнас 55 545 солк. тэҥнэспит. Ити 2015 сылга тэҥнээтэххэ, 5,6%-нан улааппыт эбит. Орто хамнас кээмэйинэн Уһук Илин уокурук регионнарыгар Саха сирэ 5-с миэстэлээх.
2016 сыл от ыйын 1 күнүгэр хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) 9,3%-нан үрдээн, 16824 солк. тэҥнэспитэ. Ити өрөспүүбүлүкэҕэ тиийинэн олоруу кээмэйиттэн кырата суох суума.
Бу сылга РФ Үлэ, социальнай көмүскэл миниистирэ Максим Топилин кэлэн, билсэн, үлэлээн барбыта. Кини социальнай тэрилтэлэргэ сылдьан баран, өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ олоҕун таһымын үрдэтэргэ, социальнай хааччыйыыга улахан үлэ ыытылларын бэлиэтээбитэ.
Дьокуускайга тутулла турар 100 куойкалаах уонна 150 эмтэнэр миэстэлээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕону реабилитациялыыр киин доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго улахан туһалаах, көмөлөөх буолуоҕа саарбахтаммат. Оттон бэтэрээннэргэ анаммыт реабилитациялыыр киин 2-с уочаратын аһыллыыта биир бэлиэ түгэнинэн буолбута.
Миниистир Александр Дружинин иһитиннэрбитинэн, ааспыт сылга ситэриилээх былаас уорганнарын, уопсастыбаннай түмсүүлэри, муниципальнай тэриллиилэри кытары ситимнээх үлэ түмүгүнэн, бары ылыныллыбыт соруктар сүрүннээн толоруллубуттар. Быйыл министиэристибэ тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтиир.
Үүммүт сылга кыаммат араҥа дьадайыытын тохтотор туһуттан, аадырыстаммыт көмө баар буолуо. Хамнас акылаатын үрдэтэргэ саҥа ньымалары көрдөөһүн, хамнаска иэһи кыччатарга туһуламмыт үлэ салҕаныа. Социальнай өҥөнү оҥоруу хаачыстыбатын үрдэтэргэ, инбэлииттэр сылдьар сирдэрин табыгастаах оҥорууга, кырдьаҕастар көхтөөх сынньалаҥнарын тэрийиигэ болҕомто ууруллуо. Социальнай өҥөнү оҥорууга коммерческайа суох тэрилтэлэри кытыннарыахтара.
Биир сүрүн уратынан кыаммат араҥаҕа аадырыстаммыт көмөнү оҥорууну муниципальнай тэриллиилэргэ биэриэхтэрэ. Нэһилиэктэр ким ордук көмөҕө наадыйарын быһааран, кимиэхэ харчынан, сорохторго социальнай хантараах түһэрсэн көмөлөһүөхтэрэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0