Егор Борисов “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр гражданнар сорох категорияларын социальнай өйөбүллэрин туһунан” диэн муус устар 21 күнүнээҕи ыйааҕа хайдах толоруллан иһэрий? Бу ыйаах чэрчитинэн, кыаммат ыалларга уонна ыарахан балаһыанньалаах дьоҥҥо аадырыстаах материальнай көмө оҥоһуллуохтааҕын туһунан этиллибитэ.
edersaas.ru
Алтынньы 27 күнүнээҕи туругунан, бары улуустарга, нэһилиэктэргэ 409 хамыыһыйа үлэлээтэ. Бу хамыыһыйалар судаарыстыбаттан социальнай көмөнү ыларга сайабылыанньалары көрдүлэр. Нэһилиэктэр дьаһалталара Социальнай көмүскэл управлениеларын кытары бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһиилэри түһэрсибиттэрэ.
Хамыыһыйалар 706 мунньаҕы ыыттылар. Олохтоохтортон барыта 5689 сайабылыанньа киирбит. Олортон 4631 сайабылыанньаны муниципальнай тэриллиилэр хамыыһыйалара көрдүлэр. Кинилэр 2508 сайабылыанньаҕа сөбүлэҥнэрин биэрдилэр. Оттон социальнай көмүскэл управлениелара 2431 сайабылыанньаны бигэргэппиттэр.
Саамай элбэх сайабылыанньаны Хаҥалас улууһун олохтоохторо биэрбиттэр – 685 (итинтэн 345 киһиэхэ көмө оҥоһуллар буолбут). Ити оннооҕор Дьокуускай олохтоохторун сайабылыанньаларыттан элбэх (киин куоракка – 342 сайаапка). Оттон саамай аҕыйах сайабылыанньаны Жатай (13) уонна хотугу улуустар биэрбиттэр.
Кыаммат ыалларга уонна соҕотох олорор, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо аһы-таҥаһы атыылаһалларыгар барыта 58,5 мөлүйүөн солкуобайы түҥэттилэр.
Билиҥҥи туругунан, 2332 дьиэ кэргэҥҥэ материальнай көмөнү ыларга 34 мөлүйүөн 14 тыһ. солкуобай (көрүллүбүт үп 58,1 %-на) счеттарыгар ыытылынна.
Маны таһынан, социальнай хантараагы түһэрсэргэ 667 сайабылыанньа киирбититтэн, 203 дьиэ кэргэҥҥэ 39 мөл. 507 тыһ. солкуобайы түҥэттилэр.
Сыл бүтүөр диэри үлэ салҕанар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru