Кыайыыны уруйдуур ырыалар

Бөлөххө киир:

Александр Дунаев – олоххо актыыбынай позициялаах киһи. Ол иһин да, хоһоонноро күннээҕи олоххо тус сыһыаныттан үөскээн тахсар уратылаахтар. Кылгастар, чопчулар, ардыгар көр-күлүү дэгэттээхтэр. Сырдыктар. Баҕар, сорохторо арыый да быһаччы, судургу курдук көстүөхтэрэ. Ол эрээри, ааптар түмүктээһиннээх санааны уус-ураннык этэргэ дьулуһарыттан көрдөххө, сааһырдааҕын аайы улам дириҥиир, эҥсиэлэнэр.

edersaas.ru


Александр Григорьевич Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1970 сыллаахха орто оскуола кэнниттэн аармыйаҕа сулууспалаабыта. 1976 сыллаахха Намнааҕы педагогическай училищены, 1985 сыллаахха Хабаровскайдааҕы педагогическай институт художественнай-графическай факультетын бүтэрбитэ. Хамаҕатта орто оскуолатыгар учууталынан, тэрийээччинэн, дириэктэринэн үлэлээбитэ. 1989-1993 сылларга нэһилиэк сэбиэтигэр бэрэссэдээтэллээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Е.М.Ларионов көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ.

Мелодист быһыытынан биллэр. 1978 сылтан ырыа айар буолбута. Барыта 60-ча ырыалаах. “Хамаҕатта – мин дойдум” диэн отут нуоталаах ырыата киирбит кинигэлээх. Маҥнайгы ырыатын мелодиятын хачыгааркаҕа чох быраҕа сылдьан булан ылбыт. Бэйэтэ гитараҕа оонньуур уонна ырыаларын бэйэтэ толортуур.
Айар үлэтин үөрэнэн ылбыт идэтинэн, маҥнайгы скульптор быһыытынан саҕалаабыта. Ол курдук, төрөөбүт нэһилиэгэр гражданскай сэриигэ өлбүт Охлопков-Соттой кэриэһигэр скульптура оҥорбута. Сэрии бэтэрээннэригэр аналлаах обелиһы тупсаран оҥорбута. Маска уонна графикаҕа үлэлэрдээх.
Хоһоону суруйууга ырыа айар кыһалҕаттан кэлбитэ. Сорох ырыаларын бэйэтэ суруйбута, кэлин тэттик хоһооннору суруйан, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, “Чолбон” сурунаалга, Нам улууһун олохтоох хаһыатыгар, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэр.

“Саха сирэ”, edersaas.ru сайтка анаан Николай ВИНОКУРОВ-УРСУН.

Бүгүн А.Дунаев Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр аналлаах сорох ырыатын нуоталарын бэчээттиибит.

Ветеран ырыата

Т.Замятин тыллара, А.Дунаев мелодията

Оҕолоох оҕотун, аҕалаах аҕатын
Олоҕун аймаабыт охсуһуу дуораана
Арҕааттан кэлбитэ Сахабыт сиригэр
Аас-туор олохпутун эргитэр иннигэр.

Билигин ол дьыллаах тыыл дьоно барыбыт
Биһиги өйдүүбүт ол сүдү кэмнэри,
Түүннэри-күннэри иккилии нуорманы
Толорор туһугар бар дьоммут турарын.

Оҕонньор-эмээхсин, эдэркээн кыргыттар,
Оҕолоох дьахталлар, оҕочоос уолаттар
От оттоон, мас тиэйэн, сүөһүнү көрөннөр,
Оччоҕо колхозка сүрүн күүс буолтара.

Биһиги кыайыыга киллэрбит кылааппыт
Бу үөрүү кыымыгар чиэстэнэр,
Ветеран аатырар, ытык дьон буоламмыт,
Балысхан үөрүүнэн сүрэхпит нүөлүйэр.

Аҕыйаан тураҕыт бүгүн…

Урсун тыллара, А.Дунаев мелодията

Күөгэйэр эдэр сааскыт
Үйэ аҥара ааспыт,
Буорах уота салаабыт
Саалырсыйда астаргыт.
Хос ырыата:
Оҕонньоттор барахсаттар
Аҕыйаан тураҕыт бүгүн!
Аас баттах, харах уута,
Дууһаҕыт кыланыыта.

Ыар аһыыны биллэрэн
Көхсүлэргит холбойбут,
Сүүрэр-хаамар аҕыйаан
Үгүскүт тайахтаммыт.

Оо, билигин даҕаны,
Кыайыы күнүгэр кэлэн –
Түөскүт өрө мөтөйөр!
Мэтээллэргэ күн күлэр!

Эйэ, дьол ырыата

Т.Замятин тыллара, А.Дунаев мелодията

Сарсыарда дьыбарга дуорайан
Сахалыы саҥабыт чугдаардын.
Саҥа сыл кэрэтин дьэ туойан,
Сиэннэрбит куолаһа чугдаардын.

Хос ырыата:
Хаһан да хара күүс халлааны
Хараара бүрүүкээн саппатын,
Күтүр күүс ханнык да айдааны
Киһиэхэ утары таппатын!

Кыыдааннаах кыһыны туоруохпут,
Күн көрүө күндээрэ күөрэйэн,
Күөх оттуун күлүмнүү үөрүөхпүт,
Күөрэгэй дьиримниэ үөһэнэн!

Саргылаах сайыммыт салаллыа
Сир үрдэ симэнэн ситтэҕэ,

Сааскы уу халыйан халаанныа,

Өлгөмнүк үүнүүнү биэриэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0