Хоро нэһилиэгиттэн 69 киһи уоттаах сэриигэ киирбитэ. 24 эдэркээн уол кыайыы иһин сырдык тыынын толук уурбута. 45 буойун Кыайыы көтөллөөх дойдутугар төннүбүтэ. Үс киһи аара ыалдьан, сэриигэ киирбэккэ төттөрү кэлбитэ.
Уон биэс сыл анаара өртүгэр Майаҕас бөһүөлэгэр (Уус Алдан) 10-ча сэрии бэтэрээнэ баара. Билигин, нэһилиэкпитигэр, 93 сааһыгар сылдьар сэрии бэтэрээнэ Петр Васильевич Бурцев соҕотох.
Кур Оттоох хорсун уола
Петр Васильевич 1927 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр Кур Оттоох диэн алааска төрүттэрин сиригэр төрөөбүтэ. Бу алаас аатырар Мүрү эбэ уонна Хатыҥ Сыһыы сайылык икки ардыларыгар турар. Бүөтүр оҕо сааһыттан аҕатын батыһа сылдьан окко-маска көмөлөһөн, туох баар үлэҕэ сыстаҕас буола улааппыта. Ол курдук, сир тиэриитэ, алаас бэттиэмэ отун мунньуу, кэбиһии. Онно барытыгар уончалаах уол оҕус сиэтэр, бугул түгэҕин харбыыр этэ.
1943 сыллаахха 16-лаах уолу оччотооҕу 40-ча хаһаайыстыбалаах “Хатыҥ Сыһыы” колхуоска чилиэнинэн ылбыттара. Чэгиэн, үлэни кыайар дьон бары сэриигэ барбыттара. Ас-таҥас тиийбэтэ. Колхуос үлэтэ оҕо-дьахтар уонна аҕыйах кырдьаҕас дьон санныгар хаалбыта. Онон Бүөтүр үлэ үөһүгэр түспүтэ. Аны, бу кэмҥэ аҕатын Баһылайы үлэ фронугар ылан барбыттара. Онон биэс бииргэ төрөөбүттэр ийэлэрин Өлөксөөс иитиитигэр хаалбыттара. Аҕалара, төрүт да ыарытыган киһи, онно баран уһаабатаҕа.
Бүөтүр 18 сааһын туоларын эрэ кытта, 1944 сыллаахха, аармыйаҕа ыҥырбыттара. Огдообо хаалбыт ийэлэригэр Өлөксөөскө, иккис ыар аһыы сатыылаабыта. Наарын оҥорон, кыһарҕаннаах кэмҥэ эбии кыһалҕа үөскээбитэ. “Хатыҥ Сыһыы” колхуоска салаа да от үүммэккэ, кыра сэрбэйбитин аһыҥа сиэн, колхуос Кэбээйигэ көһөр буолбута. Олохтоох дьон ыар үлэттэн, хоргуйууттан өлөн-сүтэн барбыттара.
Ийэ дойду иһин бэриниилээхтик
Бүөтүр Мальта ыстаансыйаҕа байыаннай бэлэмнэниини барбыта. Япония милитаристарын утары сэриигэ, кинилэри кыраныысса таһыгар, Маньчжурияҕа илдьибиттэрэ. Манна кыраныыссаны харабыллыы сырыттаҕына, Харбин куоракка илдьэн билиэннэй дьоппуон саллааттарын харабыллаппытара. Сулууспалыы сылдьан, 1947 сыллаахха доруобуйатын туругунан дойдутугар төннүбүтэ.
“Хатыҥ Сыһыы” колхуоска Сыҥаһа диэн алааска кэлбитин дьоно үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Ийэтэ Александра Игнатьевна үөрүүтүттэн: “Оо, оҕом тыыннаах кэллэ! Көрөр дьоллоох эбиппин!” –диэн уолун кууһан туран маккыраччы ытаабыта.
Бүөтүр төрөөбүт сиригэр-уотугар кэлээт, үлэ үөһүгэр түспүтэ. Эдэр киһи Сыырдаах биир кэрэ кыыһын Анастасия Ивановна Черноградскаяны көрсөн, кэргэн ылан, 6 оҕо, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах аҕата, ийэтэ, эһээтэ, эбээтэ буоланнар сүөһү ииттэн быр-бааччы дьоллоохтук олорбуттара. Бүөтүр сопхуос эстиэр диэри колхуоска, сопхуоска сүөһүнү иитиигэ кыһамньылаахтык үлэлээбитэ. Сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ илиитин үлэттэн араарбатаҕа.
Кини 1947 сыллаахха “1941-1945сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин”, 1970 сыллаахха В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар “Килбиэннээх үлэтин иһин”, Г.Жуков уо.д.а. үбүлүөйүнэн мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Петр Васильевич сопхуос, Хоро нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин нэһилиэк “Бочуоттаах олохтооҕо” диэн ааты ылан дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан аалай лиэнтэни кэппитэ, кыһыл көмүс суруктаах дастабырыанньаны уолугун сиэбигэр уктубута.
Бэтэрээн үөрүүтэ, барыбыт үөрүүбүт
Нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһа, Петр Васильевич, доруобуйата билигин этэҥҥэ. Кыыһын ааҕы, Мария Петровналааҕы кытта олорор. Ыалдьыт тардыылаах сайаҕас ыалга, дьон-сэргэ куруук үөрэ-көтө сылдьар. Быйыл Кыайыы 75 сылынан өрөспүүбүлүкэттэн, улуустан, нэһилиэктэн дьон бөҕө кэлэн көрсөн, сэһэргэһэн барда.
Ытык кырдьаҕас таһырдьа дьиэ үлэтин үлэлиир, тэлэбиисэртэн сибиэһэй сонуннары истэ, билэ олорор, дьонун-сэргэтин кытары санаатын үллэстэр. Өрөспүүбүлүкэ уонна оройуон хаһыаттарыгар сыл ахсын хайаан да суруттарар, астына-дуоһуйа ааҕар.
Быйыл Бүөтүр өр кэтэспит баҕата туолан, улаханнык көнньүөрэн сылдьар. Ол улахан даатанан сибээстээн, дьиэтэ киин хочуолга холбоммута буолар. Онон кырдьаҕас “СӨ ОДьКХ” судаарыстыбаннай тэрилтэтигэр, нэһилиэгин баһылыгар Алексей Ушницкайга, олохтоох ОДьКХ үлэһиттэригэр махталын тиэрдэр.
Маны сэргэ өссө биир улахан үөрүүтүнэн, Кыайыы 75 сылынан үбүлүөйдээх мэтээли, СӨ Ил Дарханыттан, СӨ Бырабыыталыстыбатыттан Махтал суругу тутаттарбыттара буолар.
Ытык-мааны кырдьаҕаспыт, киэн туттар күндү киһибит Петр Васильевич, бу улахан үбүлүөйдээх сылга чэгиэн-чэбдик сырыт, уһун үйэлэн диэн бар дьонуҥ баҕа санаабыт бастыҥын аныыбыт.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Нэһилиэккэ хорсун буойуттары кэриэстээһиҥҥэ, Ийэ дойдуларын хааннаах талабырдьыттартан хорсуннук көмүскээбит дьоммут ытык ааттарын үйэтитиигэ үгүс өрүттээх үлэ ыытылынна.
- Нэһилиэги көҕөрдүү үлэтэ былааннаахтык салҕанар. Бөһүөлэк олохтоохторо күргүөмүнэн тахсан аллеяҕа уонна Кыайыы болуоссатыгар, тэрилтэлэр тастарыгар харыйалары, хатыҥнары, талахтары олордубуттара.
- Биир дойдулаахтарбыт үгүс өрүттээх көмөнү оҥороллор. Ол курдук, Ил Түмэн дьокутаата Михаил Ильич Эверствов уонна кини кэргэнэ, бэйэбит кыыспыт Татьяна Егоровна Кыайыы 60 сылыгар бэйэлэрин үптэринэн, матырыйаалларынан кырдьаҕастарга анаан “Арчы” дьиэтин туттаран дьоһун бэлэҕи оҥорбуттара.
- Эйэлээх олох туругурарын туһугар бары кыһамньыларын ууран үлэлээбит күүстээх санаалаах, эйэҕэс дууһалаах ийэлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр, хос эбээлэрбитигэр аналлаах “Ийэ искибиэрэ” арылынна. Маныаха хайа баҕарар дойду дьонун-сэргэтин аатынан-суолунан суон сураҕырар. Биһиги нэһилиэкпитигэр оннук дьонунан Михаил Романович Готовцев дьиэ кэргэттэрэ буолаллар. Готовцевтар ийэлэрэ П.А.Бурцева 1938 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр ааҕар балаҕаҥҥа сэбиэдиссэйдиир, 1941 сыллаахха балык биригээдэтин тэрийэр, 1942 сыллаахха “Кыһыл агроном” колхуос бэрэссэдээтэлинэн, онтон Хоро нэһилиэгэр Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1947 сыллаахха таһаарыылах үлэтин иһин “Бочуот знага” уордьанынан наҕараадаламмыта, 1948 сыллаахха оройуон Сэбиэтин социальнай харалта отделыгар, 1964 сыллаахха үөрэх оройуоннааҕы салаатыгар буҕаалтардаабыта.
- 2010 сыл олунньу 21 күнүгэр Хоро нэһилиэгин биир уулуссатыгар Парасковья Афанасьевна Бурцева аата иҥэриллибитэ уонна олорбут дьиэтин эркинигэр өйдөбүнньүк сурук иилиллибитэ.
Улуу Кыайыыны уһансыбыт ытык кырдьаҕастарбыт ааттарын үйэтитэргэ үлэ-хамнас тиһиктээхтик тэриллэр.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтыгар анаан Ксения Кириллина,
Майаҕас модельнай бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ,
Уус Алдан.