АЛРОСА экологияҕа аналлаах куонкуруһугар Бүлүү куоратын дьиэ кэргэнэ кыайда. Эдэр дьон элбэх сыллаах үүнээйилэргэ питомник оҥорорго этии киллэрэллэр.Саха сиригэр бу күннэргэ АЛРОСА Экологияҕа киинэ тэрийбит тулалыыр эйгэ харыстабылыгар “Th!nk green” («Думай по-зеленому”) эрэгийиэннээҕи бырайыактар куонкурустарын түмүгэ билиннэ. Бырайыагы олоххо киллэргэ АЛРОСА 1 мөлүйүөн солкуобайы көрөр.
Куонкуруска Лидия Алексеева «Элбэх сыллаах үүнээйилэргэ питомник» бырайыага кыайда. Кини бырайыагын соругунан органическай тобохтору туһанан быйаҥнаах кырыска олордуллубут питомнигы арыйыы буолар. Маннык быһаарыы Бүлүү куоратыгар аһылык уонна эргиэн тэрилтэлэрин тобохторун кээмэйин 50% аҕыйатар туһугар ылыллар. Бырайыактары сыаналааһыҥҥа АЛРОСА үлэһиттэрэ уонна Саха сирин уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Бырайыак ааптардара тустаах тэрилтэлэргэ ханнык органическай тобохтору хомуйан бөҕү-саҕы араарарга этии киллэрэллэрий?
1) Ас-үөл тобохторун,
2) Макулатураны уонна мас тобохторун.
Органическай маассаны уоҕурдуу быһыытынан туһанан, 2022 сыл сааһыттан питомникка элбэх сыллаах үүнээйилэри олордуохтара. Бөҕү-сыыһы нэдиэлэ аайы тэрилтэлэртэн ыларга былааннаналлар.
«Бырайыак ааптардара бэйэлэрин сайаапкаларыгар көтөхпүт кыһалҕалара билигин олус суолталаах. Араарыллыбатах тобохтор бөх тоҕор сиргэ холбоһон сытан, салгыҥҥа буортулаах гааһы таһааран бараллар. Баайдаах сири туһанааччылар маннык бырайыактары булгуччу үбүлүөхтээхтэр дии саныыбын. Биһиги 2022 сыл бүтүөр диэри олоххо киллэриллиэхтээх чопчу былааннары үрдүктүк сыаналаатыбыт. Баҕар, бу үтүө үөрүйэҕи инникитин атын куораттар Саха сирин таһымыгар эрэ буолбакка, дойду таһымыгар ылыныахтарын сөп», -– диэн АЛРОСА кылаабынай эколога Полина Анисимова куонкурус түмүктэригэр санаатын үллэһиннэ.
Ыра санааны олоххо киллэрэргэ
Бүлүү дьиэ кэргэнин бырайыага тоҕо экспердэри, саады-оҕуруоту таптааччылары, куорат уонна тыа сирин олохтоохторун кэрэхсэттэ?
Билсэн кэбиһиҥ — бырайыак ааптара Бүлүү куоратыттан Лидия Алексееваны.
Маннык куонкуруска кыайыыны уонна таһымнаах (эмиэ да атахпыт анныгар сытар сырьену туһаныы) бырайыагы бэлэмнээһини санаата көтөҕүллүбүт, булугас-талыгас эрэ дьон ситиһэр кыахтааҕа өйдөнөр. Эбиитин үлэҕэ үөрүйэхтээх уонна тустаах билиилээх дьон.
«Мин биологияҕа сыһыаннаах эбэтэр анал идэлээх үөрэҕим суох. Мин корея тылын учууталабын. Үөрэхпин бүтэрэн баран, дойдубар кэлэн идэбинэн кыратык үлэлээбитим. Ол гынан баран, сотору кэминэн мин дьулуспут эйгэм буолбатаҕын өцдөөбүтүм», -– диэн Лидия кистээбэккэ этэр.
Оттон Лидия уруккуттан да үүнээйилэри, сибэккилэри олордор уонна көрөр-харайар ыра санаалааҕа. Сотору кэминэн бу баҕата дьиэ кэргэн дьыалатыгар кубулуйбута. Ол гынан баран, сибэккини атыылааһын — атын, онтон бэйэҥ олордоруҥ -– өссө умсугутуулаах. Дьиҥэр, Бүлүү куоратын таһынааҕы буор оҕуруоту уонна саады тэринэргэ соччо табыгаһа суох. Бүлүүгэ сылдьыбыт дьон манна буордара кумах буоларын бэлиэтииллэр. Онон, манна бэстэн уонна харыйаттан ураты маһы олордорго элбэх үлэ эрэйиллэр: учаастак тэринэн, кырыс буору атыылаһыллар, учаастагы тиһигин быспакка саҥарда сылдьыллар уо.д.а.
Элбэх сыллаах үүнээйилэр
«Сэппэрээктэринэн былыырыҥҥыттан ыла дьарыктанан барбыппыт. Мин Бүлүүгэ элбэх сыллаах үүнээйилэр питомниктарын арыйар туһунан уруккуттан ыра санаалаахпын», -– диэн Лидия кыбыстыбыттыы этэр.
Дьэ, бу ыра санаатын толорор туһугар кини РНА СС биологическай проблемалар уонна криолитозона институтун ботаническай саадыгар биолог Екатерина Афанасьеваҕа кууруска дьарыктаммыта. Биология института Наука Арассыыйатааҕы академиятын Сибиирдээҕи отделениетыгар сүрүннүүр научнай отделение буоларын, ирбэт тоҥҥо үүнээйини олордууну хас эмэ уонунан сылларга үөрэтэллэрин учуоттаатахха -– дьоһуннаах хардыы.
«Мин ити кэнниттэн элбэх сыллаах үүнээйилэри олордуу кэскиллээх дьыалатын, мин санаам хоту буолуоҕун өйдөөбүтүм. Сибэккилэри уонна үүнээйилэри атыылаһаҕын, онтон көрөҕүн-истэҕин, ол да үрдүнэн кинилэр киһи хараҕын биир эрэ сыл үөрдэллэр. Ол үп-харчы да өттүнэн, күүс-уох да барарынан ороскуоттааҕар сөбүлэһэргит буолуо дии саныыбын. Мин хаһаайкаларга, үүнээйинэн дьарыктанааччыларга атын хайысханы туһанар кыаҕы биэриэхпин уонна олохторун, түбүктэрин чэпчэтиэхпин баҕарабын. Элбэх сыллаах үүнээйилэр кыһын хаар анныгар олус үчүгэйдик кыстыыллар, кинилэри сыл аайы атыыласпаккын уонна олордубаккын», -– диэн Лидия Алексеева бигэтик этэр.
«Онтон ол ханнык өр сыллаах үүнээйилэрий?» -– диэн оҕуруот уонна сибэккилэр тустарынан аҕыйах билиилээх дьон ыйытыахтара.
Ирис, пион, азиатскай лилия, душистай купена, ветреница уод..а. үүнээйилэр Саха сиригэр хаар анныгар олус үчүгэйдик кыстыыллар. Саха сирин олохтоохторо бары билэр ньургуһуммут эмиэ… Манна даҕатан эттэххэ, Бүлүү кырыһа уратылаах буолан, манна ньургуһуннарбыт араҕас буолбакка, сырдык фиолетовай өҥнөөхтөр».
Биһиги Бүлүү үүнүүтэ суох кырыстааҕын бэлиэтээтибит. Ону АЛРОСА бырайыактарын экологияҕа куонкуруһун кыайыылааҕа эмиэ билинэр. Ол гынан баран, кини этэринэн: «Бу куһаҕан буолуохтааҕар, төттөрүтүн, үчүгэй буолуо. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ ириэнэх уу турбат, кумаҕы быһа ааһар уонна олус сииктээх кырыс кыра мастарга иэдээни оҥорор».
Бырайыак ис хоһоонуттан:
«Бырайыак сүрүн санаата — Саха сиригэр питомниктар звеноларын тэрийии, тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ олох суохтар. Бу санааны олоххо көдьүүстээхтик киллэрэр туһугар үүнээйини олордорго хаачыстыбалаах кырыстаах элбэх сир наада. Онуоха биһигиттэн чугас сытар сэлиэнньэлэртэн (Чинэкэттэн, Сыдыбылтан, Бөтүҥтэн, Өкүндэттэн). ноһуом ылыахпытын наада.
Туоннанан органическай бөҕү-саҕы таһаарар тэрилтэлэр тобохторун аччатар биир эрэллээх ньыманан бу тэрилтэлэргэ ас тобохторун атын тобохтортон туспа араарыы уонна ол органическай маассаны биһиги үүнээйилэрбит питомниктарыгар туһаныы буолар. Ол көмөтүнэн эһиил сааскыттан биһиги питомникпытын элбэх сыллаах үүнээйилэринэн толорор кыахтаныа этибит. Итинник ньыманан биһиги ас-үөл органическай тобохторун ылан туһалаахтык туттабыт, бу тэрилтэлэр уоҕурдуу оҥороллоругар уонна инникитин бу маассаны үүнээйини олордорго туһанан, ханна сытыахтаах сирдэригэр -– сиргэ төнүннэрэбит.
Биһиги тэрилтэлэр бөҕү кутар баахтарыгар органиканы уонна хортуону, маһы уо.д.а. кумааҕыны кытта сибээстээҕи, интэриэһиргиибит.
Тобоҕу кытта сөпкө үлэлээн, органическай уоҕурдууга кубулутуу
Лидия Алексеева бырайыага экологияҕа суолтата туохханый?
Бүлүү эрэгийиэнигэр саадынан уонна оҕуруотунан дьарыктанарга кырыһа табыгаһа суоҕунан, кини сиргэ хос оҥоһуллубут иккис сырьену туттарга этии киллэрэр.
«Ол маҕаһыыннар уонна киоскалар буортуйбут, атыыга барар кыаҕыттан тахсыбыт фрукталара уонна оҕуруот астара, уопсай аһылык тэрилтэлэрин, чааһынай ыаллар мунньар тобохторо буолуохтарын сөп.
Тэрилтэлэри уонна биирдиилээн урбаанньыттары кытары дуогабар түһэрсиэхпит, тустаах кэмҥэ тобохтору, органическай иккис сырьену -– кумааҕыны, мас сыыстарын хомуйуохпут. Хомуллубут органическай тобохтору тустаах туруктарыгар диэри уоҕурдууга кубулутуохпут, онтон учаастактарга буорга эбиллиэхтэрэ», -– диэн ааптар бэйэтин бырайыагын быһаарар. Ол курдук, питомниктарга элбэх сыллаах үүнээйилэри олордор уонна көрөр-харайар табыгастаах кырыһы бэлэмниэхтэрэ.
Лидия Алексеева Бүлүүгэ элбэх сыллаах үүнээйилэри олордор питомнигар икки учаастактаах: биирэ -– 1 гектардаах, иккиһэ -– кыра.
Экология куонкуруһугар кыайбыт үп туохха туттуллуой? Кыра мастары, тустаах матырыйааллары (биэдэрэттэн саҕалаан, питомникка аналлаах тутуу матырыйаалларын) атыылаһарга туттуллар.
Лидия тобохтору кытта сөпкө үлэлииргэ, ону органическай уоҕурдууга кубулутарга сибэкки салонугар үөрэммитэ. Ылбыт билиитин, хаһаайыстыбаны тэрийэргэ экологическай ньыматын бэйэтин үлэһиттэрин уонна дьүөгэлэрин, билэр дьонун кытары үллэстибитэ. Онтон АЛРОСА экологияҕа аналлаах кыайыытын кэнниттэн кини уопута киэҥник тарҕанарыгар уонна элбэх киһиэхэ туһалыырыгар эрэллээх.
Куонкурус эксперт-уопсастыбанньыктара: «Бырайыак көдьүүстээх уонна инникилээх»
АЛРОСА-тан экология куонкуруһугар ыҥырыллыбыт эксперт-уопсастыбанньыктар Лидия Алексеева бырайыагын туһунан санааларын үллэһиннилэр.
Анжелика Андреева, СӨ Уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ, Саха сирин дьахталларын тэрилтэлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ:
— Лидия Алексеева бырайыага икки соругу туруорарынан кэрэхсэбиллээх. Бастакыта -– «тобохтору – дохуокка», иккиһэ тобохтортон оҥоһуллубут кырыска элбэх сыллаах үүнээйилэри олордуу. Экология куонкуруһун түмүк чааһын атын да бырайыактара бары ураты интэриэһинэйдэр. Ол гынан баран, Лидия Алексеева курдук, чопчу сыала-соруга аҕыйах.
Бырайыак бэйэтэ олус сөпкө оҥоһуллубут -– суота-ахсаана, смета сыаната барыта баар, сыала-соруга чопчу ыйыллыбыт. Бу бырайыагы федеральнай таһымнаах граннарга эмиэ биэриэххэ сөп дии саныыбын.
Саха сиригэр Ийэ сыла биллэриллибитинэн, Лидия Алексеева курдук ийэ, төрөппүт экологияҕа көрүүлэрин тарҕатара уонна атыттары үөрэтэрэ хайҕаллаах. Маннык бырайыактары олоххо киллэрэр элбэх дьонноохпут буоллар. Маннык бырайыактары биһиги алмааһы хостуур хампаанньабыт АЛРОСА сыл аайы өйүүрэ олус суолталаах.
Константин Борисов, уопсастыбаннай диэйэтэл:
– Бүтүн норуот куоластааһынын түмүгүнэн биллибит экология бырайыактара бары биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан суолталаахтарын бэлиэтиэм этэ. Ол гынан баран, биллэрин курдук, кыайыылаах биир киһи буолуохтаах. Биһиги бырайыак киэҥ хабааннаах, дьоҥҥо, уопсастыбаҕа туһаны аҕалыахтааҕын тутустубут. Мин үүнээйилэр питомниктара ойуур баһаарыттан улаханнык эмсэҕэлээбит Бүлүү улууһугар кыра мастары олордон ойууру чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөөх буолуон сөп эбит диэн биһирээтим. Иккиһинэн, питомникка дьоҥҥо үлэ миэстэтэ тахсар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр дохуот киирэр. Бырайыак мультипликативнай көдьүүстээх. Экология боппуруостара уонна кыһалҕалара эрэ буолбакка, экэниэмикэ боппуруостара быһаарыллаллар. Онуоха бырайыак биир эрэ кэмнээх буолуо суохтаах. Холобур, ойууру чөлүгэр түһэрэргэ куруук үлэлиир бырайыак буолуохтаах. Дьон-сэргэ түмсүүлээх буоларыгар уонна уопсастыба туһугар үлэлииригэр бырайыак көмөлөһүөҕэр эрэнэбин.
Лидия Алексеева бырайыага үөһээ этиллибиккэ барытыгар эппиэттиир дии саныыбын.
АЛРОСА “Th!nk green” куонкуруһа 2021 сыл атырдьах ыйыттан саҕаламмыта. Куонкурус соруга -– Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторун тулалыыр эйгэни тупсарар аналлаах холбоһуктаах бырайыактарга уонна волонтердар үлэлэригэр кытыннарыы. Куоластааһыҥҥа сайаапкалары хомуйуу түмүгүнэн экология хайысхалаах 19 бырайыак киирбитэ. Ааптардар истэригэр оскуолалар, уһуйааннар, үрдүк үөрэх кыһаларын кэлэктииптэрэ, биирдиилээн урбаанньыттар, оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар уонна экология кыһалҕаларыгар ыалдьар дьон бааллар.
ЫСПЫРААПКА:
АЛРОСА экология уонна социальнай эппиэтинэс боппуруостарыгар ахсаабат болҕомтотун уурар. Хампаанньа сыл аайы киллэрбит үбүттэн 8% уган, 500-чэ социальнай бырайыактары уонна айылҕа харыстабылыгар көҕүлээһиннэри олоххо киллэрэр. АЛРОСА социальнай уонна экологическай инвестициялара сылга 20-25 миллиард солкуобайга тэҥнэһэллэр.
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Аркадий ЛЕБЕДЕВ суруйуутуттан тылбаас.
АЛРОСА пресс-сулууспатын хаартыскалара