Кыайыы түмэлэ: фроҥҥа бэлэхтэр

Бөлөххө киир:

Кыайыы түмэлэ тэрийбит онлайн-экскурсиятын туһунан sakha.gov.ru сырдатыллар.

Видеоролигы  Кыайыы түмэлин саайтыгар https://victorymuseum.ru/video/raznoe/novogodnie-podarki-vremen-velikoy-otechestvennoy/ киирэн көрүөххүтүн сөп.

Аҕа дойду уоттаах сэриитин сылларыгар, саллааттарга Саҥа дьыл эйэлээх, дьоллоох олоҕу түстүүр, туохтан да хараабат күүстээх эрэли саҕар, самныбат саргылыыр ураты бэлиэ күнүнэн буолбута.

«Фроҥҥа хайдахтаах да ыараханын иһин,  саллааттар кыах, түгэн эрэ баар буоллар, Саҥа дьылга харыйаны хайаан да туруораллар. Оонньууру бэйэлэрэ оҥорон симииллэр. Оттон сэрии толоонугар сылдьар байыастар санааларын кыратык да көтөҕөр, күүһүрдэр, кинилэри тугунан эмэ үөрдэр туһуттан, дьон-сэргэ туох кыалларынан бэлэхтэри оҥорон фроҥҥа ыыталлар эбит«, — диэн Кыайыы түмэлин үлэһитэ, историк Александр Михайлов бэлиэтээбит. Оччолорго дьон-сэргэ төһө да ыарахан, аччык, аас-туор кэмҥэ олорбутун иһин, киһиэхэ дьикти күүстээх эрэли уһугуннарар, күүһүрдэр ураты күҥҥэ — Саҥа дьылга, бэйэлэрин чугас урууларыгар-аймахтарыгар эрэ буолбакка, Ийэ дойдуну фашистартан көмүскүүр, эйэлээх олоҕу уһансар байыаска диэн ааттаан-суоллаан туран оҥорор бэлэхтэригэр тугу угаллар эбитий? Бу туһунан Кыайыы түмэлэ сиһилии кэпсиирин киирэн көрүҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0