Москваҕа Кыайыы параада бэс ыйын 24 күнүгэр ыытыллыаҕа

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, ыам ыйын 26 күнүгэр, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Оборона миниистирэ Сергей Шойгуну кытта мунньахха Кыайыы параада бэс ыйын 24 күнүгэр буолуоҕа диэн иһитиннэрдэ. 

«Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт байыаннай параакка бэлэмнэниини Москваҕа уонна атын куораттарга саҕалыахха. Москваҕа бэс ыйын 24 күнүгэр параады ыытыахха, бу күн 1945 сыллаахха Кыһыл болуоссакка Москваны, Сталинграды көмүскээбит, Европаны босхолообут, Берлиҥҥэ кимэн киирбит кыайыылаахтар сэлэлии хаампыттара«, — диэн Владимир Путин бирикээстээтэ.

Маны сэргэ бэрэсидьиэн от ыйын 26 күнүгэр «Өлбөт үйэлээх полк» маршын ыытарга этии киллэрдэ.

edersaas.ru

Хаартыска — kubnews.ru саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0