Мэдиссиинэ үлэһиттэрин күнүнэн, Кыайыы мусуойа, бэртээхэй экскурсияҕа ыҥырар. Мусуой ютуб-ханаалыгар саҥа онлайн-экскурсияны кытта маастар-кылаас баар.
edersaas.ru
Москваҕа Кыайыы мусуойун үлэһиттэрэ куйаар ситиминэн көрөр ыалдьыттарын Кыайыы 75 сылыгар аналлаах «Норуот хорсун быһыыта» диэн улахан экспозицияҕа ыҥыраллар. Ыалдьыттар кэпсээччини кытта, Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар быраастар хорсун быһыыларын көрдөрөр анаан оҥоһуллубут сиргэ тиийиэхтэрэ.
Манна гид пенициллины уонна сыыҥканы (ыарыы) эмтиир эми айбыт, онон мөлүйүөнүнэн киһи олоҕун быыһаабыт учуонайдар тустарынан кэпсиэҕэ.
«Быраастар суохтара эбитэ буоллар, сүтүкпүт быдан элбэх буолуо этэ. Кинилэр бүтүн дивизияҕа тэҥнэһэр ахсааннаах элбэх саллааты күн ахсын өрүһүйбүт, чахчы, үрүҥ халааттаах аанньаллар», — диэн кэпсиир экскурсовод Елизавета Баева.
Маны сэргэ, көрөөччүлэр мусуой оҥорбут 1438 №-дээх Беломорскай эвакогоспиталыгар киириэхтэрэ, аатырбыт Вишневскай хирург үлэтин, 10 саастаах дьоруой ина Орлованы, эппэрээссийэ оҥоро турар быраастары, сиэстэрэлэр ыарахан үлэлэрин көрүөхтэрэ. Экскурсия кэмигэр ыытыллыбыт Аҕа дойду сэриитин тиэмэтигэр сыһыаннаах таайбараҥы таайбыттар, көхтөөх кыттааччылар бириискэ тиксиэхтэрин сөп.
Маастар-кылааска оҕолор хордуонунан уонна килиэйинэн санитар саппыйатын оҥорорго үөрэниэхтэрэ.
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru