“Тобуруокап көмүс күһүнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон түһүлгэтин Кылаан кыайыылааҕынан Чурапчыттан Римма Корякина-Хотууна буолла.
Норуот бэйиэтин дойдутугар, Үөһээ Бүлүү Намыгар, быйыл 6-с төгүлүн ыытыллыбыт “Тобуруокап көмүс күһүнэ” хоһоон түһүлгэтигэр 10 хоһооҥҥо биллэриллибит куонкуруска Кылаан бириис кыайыылааҕынан Чурапчы улууһуттан кэлэн кыттыбыт ааптар Римма Корякина-Хотууна буолла. Хотууна хоһооннорун ХИФУ профессора Варвара Окорокова бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ – Афанасий Гуринов-Арчылан, Иван Николаев-Уххан, Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо, Бурхалей Макаров (саха тылын, литературатын учуутала), Галина Басылайканова-Кэнтик Кыыһа, бука бары 100 бырыһыан бастыҥынан ааттаатылар.
Бу куонкуруска 2-с миэстэни Наталья Кашлакова (Үөһээ Бүлүү), 3-с миэстэни Наталья Рязанская (Амма) ыллылар. Тэрээһини Петр Тобуруокап күтүөтэ суруйааччы Дмитрий Федосеевич Наумов иилээн-саҕалаан ыытта.
Саха сирин араас улуустарыттан 17 айар дьон кыттыбытыттан саамай чулуулара Римма Корякина-Хотууна куонкурус сүрүн спонсора “ДАНИ АЛМАС ” ХЭТ бирииһинэн наҕараадаланан, бу кинигэ кыһатыгар 120 страницалаах саҥа кинигэтин босхо бэчээттэтэр кыахтанна.
Үөһээ Бүлүүгэ кыайыы өрөгөйүн туппут бэйиэт Хотууна Тоҕус Томтордоох Чурапчыга олорор. Кини ыраах Дьааҥыга, Боруулаахха төрөөбүтэ. Идэтинэн фельдшер-акушер, үөрэҕин бүтэрээт, Чурапчыга кэлэн үлэлээн, ыал буолан олохсуйбута 40-ча сыл буолла. Кэргэнинээн, стоматолог Александр Егорович Корякинныын 6 оҕолорун улаатыннаран, 10-тан тахса сиэннээхтэр.
—Римма Иннокентьевнаны улууһа Чурапчы өйөөн, кыайыыга кынаттаан, айанын-суолун барытын уйунан, эрэнэн ыыппыта хайҕаллаах. Кэргэнэ Александр Егорович Римманы куруутун өйүүр, литературнай куонкурустарга кытын, сайдан ис, диир эбит. Оҕолоро эмиэ бука бары өйүүллэр. Бу айар куттаах дьиэ кэргэн. Хотууна бэйэтэ наҕыл, холку көрүҥэ, ис-иһиттэн сырдыы, үөрэ-көтө кэпсии-ипсии сылдьара дьон болҕомтотун тардар. Үөһээ Бүлүүлэр наһаа истиҥник көрүстүлэр, барытын олус үчүгэйдик тэрийбиттэр диэн махтанар. Хотууна төрүт сахатын тылын сүмэтин тута сылдьар, формаҕа хаайтарбат эбит. Биһигин ыйаабыт Боруулааҕар кинигэтин сүрэхтээтэр диэн ээр-сэмээр кэтэһэбит… Бэйиэти улахан кыайыытынан, ситиһиитинэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит! Бу курдук, Айар аартыга арыллан истин!, — диэн санаатын үллэһиннэ Дьааҥыттан төрүттээх Дьокуускай олохтооҕо, “Эчий” литературнай түмсүү чилиэнэ, түөрт кинигэ ааптара Розалия Васильевна Аммосова-Айаана. Биһиги кини эҕэрдэтигэр кыттыһан тураммыт, Хотуунаҕа бары ситиһиилэри баҕарабыт.
Татьяна МАРКОВА.