Дьокуускайга Кыайыы күнүн көрсө бэтэрээннэри эҕэрдэлээтилэр.
Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх, долгутуулаах күнүн көрсө, сэрии, тыыл бэтэрээннэрин, Ленинград блокадниктарын, сэрии сылларын оҕолорун дириэктэр Ирина Гузова көҕүлээһининэн, социальнай остолобуой үлэһиттэрэ, «Графский берег» кафеҕа түмэн эҕэрдэлээтилэр.
Киин куорат бэтэрээннэрин түмсүүлэрин, уокуруктарын көхтөөх кыттааччылара, ытык кырдьаҕастар, аҕам саастаахтар көрсөн ирэ-хоро сэһэргэстилэр, оонньооботох оҕо саастарын, Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыбыт дьоннорун-сэргэлэрин, урууларын-аймахтарын санаан уйадыйдылар, уруккуну-хойуккуну улаханнык долгуйан аҕыннылар.
Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Федоров эйэлээх олоҕу уһансыбыт ытык кырдьаҕастары сүһүөхтээх бэйэтэ сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэтэ хоҥкуйан туран, Улуу Кыайыы күнүнэн — 9-с маайынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ. «Биһиги күндүтүк саныыр, таптыыр-ахтар аҕаларбыт, эһээлэрбит, кинилэр көлүөнэлэрэ, Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр олохторун толук ууралларын кэрэйбэккэ кыттыбыттара, кыайыыны-хотууну уһансыбыттара, ыар сэрииттэн урусхалламмыт Ийэ дойдубутун чөлүгэр түһэриигэ үлэлээбиттэрэ. Биһиги бүгүн улаханнык долгуйан тураммыт кинилэринэн, Дьоруойдарбытынан киэн туттабыт, хорсун быһыыларын сыаналыыбыт уонна кинилэр ааттарын түһэн биэрбэт туһугар кыһаллабыт. Бүгүҥҥү тэрээһин биһиги ытык дьоммутугар болҕомтобутун уурарбытын, кинилэр тустарыгар кыһамньыбытын кэрэһилиир. Улуу Кыайыы күнүнэн!«, — диэн Владимир Федоров эҕэрдэлээтэ.
Бырааһынньыгы көрсө ыытыллыбыт тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик, истиҥник ыытылынна. Ытык кырдьаҕастарга анаан эҕэрдэ эриэккэһэ этилиннэ, ырыа дьиэрэйдэ.
Дьокуускай куорат дьаһалтатын иһитиннэрэр-биллэрэр маассабай сириэстибэлэри, уопсастыбаннаһы кытары сибээскэ Департамена