Илин Хаҥалас улууhун Хачыкаат нэһилиэгиттэн Аҕа дойдуну көмүскүүр уоттаах сэриигэ 203 киһи ыҥырыллан барбыта. Бу дьонтон төрөөбүт алааһыгар баара-суоҕа 75 киһи эргиллэн кэлбитэ. Сэрииттэн төннүбүттэр ортолоругар эдэркээн Василий Наумович Устинов баара.
ОҔУС СИЭТИИТЭ, ОТ КЭБИҺИИТЭ – ОЧЧОТООҔУ ОҔО ҮЛЭТЭ
Василий Наумович 1925 сыллаахха олунньу 20 күнүгэр Илин Хаҥалас Хачыкаат нэһилиэгин Куруҥ диэн арыытыгар орто кыахтаах ыалга, Устиновтар дьиэ кэргэҥҥэ, бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэлэр эбит. Үс уол уонна икки кыыс. Билигин эһээм кыра балта Лидия Наумовна Попова 75 сааһыгар сылдьар, бэтэрээн учуутал, Хачыкаат нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Василий Наумович түөрт кылаас үөрэхтээх эбит. 14 сааһын туолаат, 1939 сыллаахха холкуоска үлэҕэ киирбит. Онон саҥа улаатан эрэр уолчаан улахан дьону кытары тэбис-тэҥҥэ сылдьыбыт. Кэпсииллэринэн, аҕата Наум Иннокентьевич үрдүк уҥуохтаах, улахан күүстээх-уохтаах, сылгынан-сүөһүнэн ииттинэн олорор киһи эбитэ үһү. Ийэтэ Маарыйа эмээхсин сиэлинэн, кутуругунан быа хатар, үчүгэйкээн бэйэлээх туос иhиттэри тигэр эбит.
Ыал улахан уола Василий сэрии саҕаланан, аас-туор олох кэлэн, сынньанан таалалыыр диэни билээхтээбэтэх. Күһүн оскуолаҕа үөрэх дьыла саҕаланыар диэри, куйааһы куйаас диэбэккэ, үлэлииллэр эбит. Саас бурдук ыһыытыгар, оҕус сиэтиитигэр, үүрүүтүгэр, миэлиҥсэҕэ, сиилэстээһиҥҥэ, от кэбиһиитигэр барытыгар улахан дьоннуун оччотооҕу оҕолор тэҥҥэ түсүһэн сылдьыбыттар. Сайын өҥүрүк куйааска, ыам бырдаҕын ортотугар, «көлөһүн күнүн» аахсаары, дьонноругар көмөлөһөн, күннээх-түүнү ыпсаран, буһан-хатан биэрээхтээбиттэр.
БҮЛҮМҮӨТЧҮК УСТИНОВ
Кини 1943 сыллаахха, 18 сааһын туолаат, сэриигэ ыҥырыллыбыт. 34729 байыаннай чааска, 67 зсп 41 зсд диэн саппаас стрелковай дивизияҕа пулеметнай ротаҕа бүлүмүөтчүгүнэн сылдьыбыт.
Василий Наумович Будапешт, Варшава, Вена, Берлин куораттары фашистартан босхолоспут. Оттон Улуу Кыайыы күнүн Берлиҥҥэ көрсүбүт, параадка кыттыбыт.
Кини уот холорук сэриини ортотунан сылдьан баран, аны, сэрии кэнниттэн балтараа сыл Берлиҥҥэ, балтараа сыл Будапешт куоракка, алта ый Ашхабадка сулууспалаабыт. Ол кэнниттэн 1948 сыллаахха саас “Хорсунун иһин”, Аҕа дойду сэриитин 2-с истиэпэннээх уордьаннаах уонна “Германияны кыайыы иһин» мэтээллээх дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбит.
Оҕолоро: “Аҕабыт сэрии туhунан хаһан да кэпсээбэт этэ. Ыйыттахпытына, сэрии туох үчүгэйдээх буолуой диирэ”, — диэн ахтан-санаан ааһаллар.
Дойдутугар кэлэн баран, оччолорго эдэр киһи Арҕаа Хаҥалас 1 Малдьаҕар нэhилиэгиттэн суорумньунан кэргэн ылбыт. Мотрёна Степановна Устиновалыын иллээхтик бииргэ олорон, уон биир оҕону төрөппүттэр. Сэттэ уол, түөрт кыыс. Биир уол оҕо кыра сааhыгар ыалдьан өлбүт. Устиновтар 10 оҕону иллээх-эйэлээх иэримэ дьиэлэригэр иитэн, үлэҕэ-хамнаска кыраларыттан сыһыаран, такайан, барыларын үөрэхтээх дьон оҥортообуттар.
Үлэ киһитэ ыал буолуоҕуттан, харыс да сири хамсаабакка, холкуоска, “Октябрь 50 сыла” сопхуоска тырахтарыыһынан 30 сыл үтүө суобастаахтык, эҥкилэ суох үлэлээбит. Кыһамньылаах, бэриниилээх уонна дьаныардаах үлэтин туоһулуур элбэх бочуотунай грамоталарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаламмытын ыччаттара кичэллээхтик уура сылдьаллар. Кини оччолорго өрө күүрүүлээхтик ыытыллар социалистическай күрэхтэһии хас да төгүллээх кыайыылааҕа, коммунистическай үлэ удаарынньыга, IX, Х бэтилиэккэлэр күрэстэрин кыайыылааҕа. Лаппа сааһырыар диэри илиитин үлэттэн араарбатах.
Дойдутугар олус бэриниилээҕин, олох сайдарын туһугар туох баар сыратын ууран үлэлиирин, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаннааҕын, кыһалҕалаахха куруук көмөлөһөр, өйөбүл буолар айылгылааҕын иһин Хачыкаат нэһилиэгин дьокутаатынан талбыттар. «Үлэҕэ килбиэнин иһин», «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээллэрдээх. Ытык киһибит 1988 сыллаахха ахсынньы 13 күнүгэр ыалдьан күн сириттэн барбыта.
Билигин санаан сөҕөбүт, аҕабыт барахсан олоро түһэр диэни билбэккэ, биир кэм үлэлээн хачыгырайарын. Кини оҥорбута, туппута, бүтэрбитэ эрэ баар буолара.
Хас бирдии киһи бэйэтин төрдүн, ыраах-чугас аймаҕын билиэхтээх. Маннык ахтыыларга олоҕуран, сэрииттэн эргиллэн кэлбит дьоннорун-сэргэлэрин үйэлэргэ ааттата тураары, эдэр көлүөнэҕэ өйдөбүнньүк хааллараары, биэс сыллааҕыта Улуу Кыайыы күнүгэр оҕолоро хоһоон суруйбуттара. Ону аҕатын аатын сүгэр уола Баһылай, хос эһээтин аатын сүгэр сиэнэ Наум уонна хос сиэнэ Айтал ис сүрэхтэриттэн улаханнык долгуйан аахпыттарын тэлэбиидэнньэҕэ көрдөрбүттэрэ.
Ытык аҕабыт, тапталлаах эһээбит Василий Наумович Устинов Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа буоларынан, кини сыдьааннара, кэнчээри ыччата киэн туттабыт. Күндү дьоммутугар сүгүрүйэбит. Кинилэр ытык ааттара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттана, ахтылла туралларыгар бары кыһамньыбытын ууруохпут.
Валентина УСТИНОВА.
Хачыкаат, Хаҥалас.