1942 сыл бэс ыйыгар Сунтаар улууһун Мэйик Буом диэн алааһыттан ини-бии Афанасий уонна Архип Афанасьевтар сэриигэ ыҥырыллыбыттара уонна сураҕа суох сүппүттэрэ. Ийэлэрэ уолаттарын өлүөр диэри кэтэһээхтиир эбит.
Бу күннэргэ Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар эбээлэрин хаартыскаларын туппутунан сиэн кыргыттара 5 буолан, таайдарын фроннааҕы суолларынан айаҥҥа сылдьаллар. Калининградскай уобаласка уруккута Кенингсберг, билигин Калининград куоракка дойдуларын буорун тириэртилэр, сиэр-туом толордулар.
Хоро нэһилиэгиттэн сэрии уоттаах толоонугар 102 буойун ыҥырыллыбытыттан 68 буойун төрөөбүт илгэлээх алаастарыгар алаһа дьиэлэригэр эргиллибэтэхтэрэ, эйэлээх олох иһин сырдык тыыннарын толук уурбуттара, онтон 34 буойун төрөөбүт алаастарыгар төннөн кэлэн эйэлээх олоҕу уһансыбыттара. Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө нэһилиэк Сэбиэтин депутаттарын сессиятын быһаарыытынан «Кыайыы фондата» диэн счёт аһылынна, фондаҕа көмөлөһөөччүлэр 40817810576180118557 Малышева Саргылана Сергеевна счетугар «Кыайыы фондата» диэн суруктаах ыытыаххытын сөп, о.э. харчынан биэриэххитин сөп. Бастакы көмө харчыны Кыайыы фондатыгар Хороттон төрүттээх биһиги убаастыыр киһибит Крыжановскай Владимир Макарович уола «Айан Суол» генеральнай дириэктэрэ В.В.Крыжановскай 30 тыһ. солк. Кыайыы 75 сылын көрсө биир дойдулаахпыт Сунтаар улууһун, Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо П.И.Уаров сэрии, тыыл бэтэрээннэрин туһунан суруйар кинигэтин бэчээттэтэн таһаарарыгар көмөлөстө. Анал счекка киирбит харчы Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ туттуллуоҕа.
Мария Кобельянова-Тускулаана, edersaas.ru