Кыайыы чорооно — Үөдэйгэ

Ааптар: 
26.02.2020
Бөлөххө киир:

Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгин «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр «Кыайыы Чорооно» аахсыйа чэрчитинэн Дьиикимдэ нэһилиэгин баһылыга Варвара Сухаринова Кыайыы Чороонун үөрүүлээх быһыыга-майгыга Үөдэй нэһилиэгин баһылыгар Мария Николаеваҕа туттарда.

edersaas.ru

Бу суолталаах тэрээһин туһунан Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Николаеваттан кэпсииригэр көрдөстүм.

Сэриини кыайбыт сэбиэскэй көлүөнэ дьонугар биэс салаалаах Кыһыл сулус – кыайыы, суобас, хорсун быһыы символа. Биһиги бырайыакпыт эмиэ «Кыайыы сулуһа» диэн ааттаах. Хас биирдии сулус сардаҥата – Кыайыы күнүгэр анаммыт аахсыйа.

Бастакы аахсыйа — саллаат Аал-Луук Маһа. Бу маска биир дойдулаахтарбыт ааттарын үйэ-саас тухары ыччаттар өйдүүллэрин курдук сулуска суруйан ыйаатыбыт. Аал-Луук Маһы оҥорууну «Тускул» ыччат түмсүүтүн салайар Ренольд Крылов сүрүннээтэ. 

Иккис аахсыйа — «Cайылык» дьахталлар түмсүүлэрэ Надежда Аммосова, Динара Андреева көҕүлээһиннэринэн сулус быһыылаах торт астаан, Дьиикимдэ нэһилиэгин дэлэгээссийэтин күндүлээтилэр. Бу аахсыйа тиһигин быспакка ыытыллыаҕа.

Үһүс аахсыйа — саллаат бойобуой суола. Дьаһалта үлэһиттэрин торумнааһыннарынан   сэриилэспит саллааттарбыт бойобуой суолларын — мастан уоттаах сулус уонна кинилэр сэриилэспит фроннарын «стрелка» быһыылаан, кыра оҕолор судургутук өйдүүллэрин курдук Василий Андреев чочуйан оҥордо.

Төрдүс аахсыйа — Чаппанда нэһилиэгэр Кыайыы Чороонун туттарар кэмҥэ «Кыайыылаахтар сулустара» аахсыйа ыытыллыаҕа. Бу сулуһу  Чаппанда нэһилиэгин Н.Т. Степанов аатынан  литературнай-фольклорнай мусуой салайааччытыгар Татьяна Сидорова тутуоҕа.

Бэһис аахсыйа — аны сайын  ыһыах кэмигэр «Өйдөбүнньүк гвоздиката» тэрээһин буолуоҕа. Бу аахсыйаҕа ыһыахха кэлбит дьон бары кыттыахтара. Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр тыыннарын толук уурбут саллааттарга сибэкки дьөрбөтө ууруллуоҕа.

Итини таһынан Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө «Победа: нам жить и помнить. Об участниках войны Едейского наслега Нюрбинского района» кинигэ-альбом бэлэмнэнэн бэчээккэ бэрилиннэ.

 «Тускул» ыччат түмсүүтэ патриотическай хамсааһыҥҥа кыттан, буойуттар төрөөбүт алаастарыгар өйдөбүнньүк сурук оҥорон, буойун аатын суолун, сирин аатын ыйан туран иилиэхтэрэ.

Тэрээһиҥҥэ Ньурба оройуонун Ытык сүбэтин салайааччыта Михаил Иванов, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Татьяна Олесова, «Дьиикимдэ нэһилиэгэ», «Үөдэй нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыктара Варвара Сухаринова, Мария Николаева  кыттыыны ыллылар. Оскуола оҕолоро хоһоон ааҕан доргуттулар.

Дьиикимдэ нэһилиэгин «Төлөн» эр дьон ансаамбыла ырыа ыллаан ньиргиттилэр. Ол кэннэ ыалдьыттарбыт«Ытык өбүгэлэр» аһаҕас халлаан анныгар оҥорбут мусуойбут эспэнээттэрин көрдүлэр.

Тэрээһин бэрт сэргэхтик уонна сонуннук ыытыллан, бары да дуоһуйа астынан тарҕастыбыт.

Кырдьык, үөдэйдэр бэртээхэй тэрээһини толкуйдаан ыыппыттар. Атын да нэһилиэктэргэ бу холобурунан сирдэтэн араас тэрээһиннэри ыытыахтара уонна бу курдук бэрт интэриэһинэйдик сырдатыахтара диэн эрэнэ кэтэһэбит.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0