Кыайыы болуоссатыгар Кыайыы былааҕын күөрэччи көтөхтүлэр

08.05.2018
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар Кыайыы былааҕын күөрэччи көтөҕүү сиэригэр-туомугар сэрии-тыыл бэтэрээннэрэ, салайааччылар уонна элбэх ыччат дьон сырыттылар. Бу тэрээһини өрөспүүбүлүкэ байыаннай хамыһаара Демир Оол Артын хамаандалаан ыытта.

Быйыл Кыайыы 73 сылын бэлиэтиибит. Бу күҥҥэ диэри 7451 сэрии уонна тыыл бэтэрээнэ тиийэн кэлбититтэн буорах сытын амсайбыта – 136 киһи. Өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Вильям Иванов этэринэн, Кыайыы былааҕа урут бырабыыталыстыба дьиэтин таһыгар көтөҕүллэр буоллаҕына, быйыл аан маҥнай Кыайыы болуоссатыгар көһөрбүттэр. Былааҕы көтөҕөр чиэскэ тигистилэр: Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Наум Слепцов, Афганистаҥҥа уонна Хотугу Кавказка буолбут бойобуой дьайыыларга кыттыбыт Николай Рыбин, “Патриот” байыаннай-спортивнай оонньуу 3 төгүллээх кыайыылааҕа Евгений Григорьев уонна “Кречет” патриотическай кулууп хамандыыра Александр Попов.

Мустубут бэтэрээннэри уонна ыччаттары СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин, Конституционнай суут бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев, Дьокуускай куорат баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэлээн, тыл эттилэр. Кинилэр сэрии тосхойбут алдьархайын уонна Кыайыы суолтатын чорботон бэлиэтээтилэр.

Рейхстаг үрдүгэр 73 сыл анараа өттүгэр I Белорусскай фронт 3-с охсуулаах аармыйатын 79-с стрелковай куорпуһун 150-с Идрицкэй стрелковай дивизиятын штурмовой былааҕын сержаннар Кантария уонна Егоров таһааран, күөрэччи анньыбыттара фашизм букатыннаахтык самнарыллыбытын туоһулаабыта. Бу былаах Кыайыы знамята суолталаммыта итиэннэ аан дойду судаарыстыбаларын үйэ-саас тухары иллээх-эйэлээх олоххо угуйа-ыҥыра туруоҕа.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0