«Кыайыы-75» пуондаҕа 6 мөлүйүөн солкуобай хомулунна. Айсен Николаев урбаанньыттары, тэрилтэлэри бу пуондаҕа көмөлөһөн, үп угарга ыҥырбыта. Кини бэйэтинэн бачыым көтөҕөн, аан бастаан 100 тыһыынча солкуобайы пуондаҕа укпута.
edersaas.ru
Бу Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ тыыннарын толук ууран туран кыргыспыт, Кыайыыга кылааттарын киллэрсибит ытык дьоммутугар сүгүрүйүү уонна үйэтитии бэлиэтэ буолар.
Хомуллубут үп Дьокуускай куоракка Кыайыы пааркатын, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Владимир Лонгинов аатынан сквери тутарга, дьоруойдар ааттарын сүгэр уулуссалары уонна Кывйыы болуоссатын өрөмүөннүүргэ ыытыллыаҕа.
Ону тэҥэ, бэтэрээннэр хамсааһыннарын өйүүргэ, үбүлүөйдээх мэтээллэри оҥорторорго, «Кыайыы тыыннаах куоластара» киинэни устууга эмиэ туһаныахтара.
Киин куорат салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, Дьокуускайга 53 сэрии бэтэрээнэ, 271 сэрии кыттыылаахтарын огдооболоро, 21 Ленинград блокадатын олохтооҕо, 1733 тыыл бэтэрээнэ олороллор.
Ангелина Васильева, »Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа: Архип Балбахов уруһуйа.