Улуу Кыайыы 75 сылыгар: «Кэһиллибит кырдьык тиллэрин туһугар»…

30.06.2020
Бөлөххө киир:

«Төлөнүллүбүт иэс умнуллубат»…

Дьоруой кинигэлэрин ааҕарбыт

Мин Николай Алексеевиһы Дьокуускайга үөрэнэ сылдьан уонна Бүлүү улууһун «Октябрь суола» хаһыатын суруктары кытта үлэлиир салаатын сэбиэдиссэйэ оҥостубуттарыгар кэлэ сылдьан биирдэ-иккитэ эрэ көрбүттээхпин. «Дьон суругун кытта өрөспүүбүлүкэ хаһыаттара, араадьыйата хайдах үлэлииллэрин билэн, үөрэнэн кэл» диэбит буоланнар, барыларын кэрийтэлээбитим. Онно сылдьан, ол, убайдар барахсаттартан толлорум да бэрт этэ. Биир дойдулааҕым ити олорор диэн саахыматтаан эриһэ олорор дьоннортон биирдэстэрэ Николай Алексеевич буоларын билбитим да, кэпсэтэ сатаабатаҕым. Көрдөхпүнэ бары да аахпыт-билбит дьоһун баҕайы дьоннор күө-дьаа буолан сэгэлдьийэ олороллоро.

Оччотооҕуга киһи барыта уопсасиыбаннай эбээһинэстээх буолуохтааҕа. Үлэҥ быыһыгар, эбэтэр үлэҥ кэнниттэн хайаан да, булгуччу толоруллуохтаах сорудахтаах буолуохтааххын. Ордук эдэр дьон биһиги ол мүччүрүйбэт эбээһинэспит этэ. Онон миигин бэйэбит типографиябыт кэлэктиибигэр пропагандиһынан анаабыттара. Үлэһиттэри мунньан олорон оройуоммутугар, өрөспүүбүлүкэбитигэр уонна аан дойдуга туох үлэ-хамнас, сонун баарын кэпсиирим уонна, хайаан да, бэлиитикэ боппуруостарын, буола турар быһыыны-майгыны сырдатарым. Аны туран, ЭЙЭ ПУОНДАТЫГАР хайаан да биир ыйдаах хамнаспытын киллэрэн иһиэҕиҥ диэн ыҥырбыппын, типографиям үлэһиттэрэ барахсаттар биир тыла суох сөбүлэспиттэрэ. Онон, «сэрии буолбатын, ЭЙЭ туругурдун» дии сылдьар дьон быһыытынан Николай Кондаков сэрии кэмин туһунан, онно бойобуой доҕотторун хорсун быһыыларын, араас омук уолаттара сарын санныларыттан өйөнсө сылдьан хайдах хорсуннук сэриилэспиттэрин, доҕордоспуттарын туһунан кинигэлэрин мустан олорон киэҥник ааҕар буолбуппут.

Ол саҕана биһиги Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа суруйбут кинигэлэрин ааҕабыт диэн түһээн да баттаппат этибит. Боруоста, биир дойдулаахпыт, сэриигэ бэйэтэ сылдьыбыт киһи кинигэлэрин ааҕабыт дии саныыр этибит.

Бүлүү оройуонун бэтэрээннэрэ Кыайыы 45 сылыгар анаммыт сүлүөттэригэр Дьоруой Николай Саввич Степановы, А.А.Миронов кыыһа Луиза Алексеевна Миронованы уонна Н.А.Кондаков кэргэнин, «Бэлэм буол» хаһыат редактора Н.И. Протопопованы, кытта үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрсүбүттэрэ. Онно Нина Иннокентьевна бу курдук тыл эппитэ:

— Николай Алексеевич суруйбута: «Биһиги саллаат буолан төрөөбөтөхпүт… Ийэ дойдум иннигэр мин сэбиэскэй дьон барыларын курдук охсуспутум”. Николай Алексеевич сэрии да кэнниттэн сэриилэспитин курдук сэмэйдик, чиэһинэйдик олорбута. Кини суруналыыс этэ, онон саллаат олоҕун туһунан бэрт элбэхтик суруйбута. Кини, үөрэҕэ суох, алааһыттан тэлэһийбэтэх саха киһитэ, халҕанын сабан тахсан баран, төннөн кэлиэ эрэ, кэлимиэ эрэ — кый ыраах барара төһөлөөх ыараханын бэйэтин уочаркаларыгар суруйбута.

Онон киниэхэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын иҥэриини, тыыннааҕа эбитэ буоллар, кини төрөөбүт сахатын норуотун, бэйэтин төрөөбүт оройуонун олохтоохторун, сэриигэ кыттыыны ылбыт бары саха буойуттарын аан дойду сэриитигэр немецкэй фашизмы үлтүрүтүүгэ киллэрбит кылааттарын үрдүктүк сыаналааһын быһыытынан көрсүө эбитэ буолуо.

Ийэ дойдуну көмүскүүр туһугар олохторун да толук ууралларын кэрэйбэтэх үс хорсун дьоҥҥутугар үрдүк ааты иҥэриинэн мин эһигини эҕэрдэлиибин!

ССРС Бэрэсидьиэнин Ыйааҕа илии баттанарыгар бэлэмнэниллибит наҕараадалыыр илиискэ суруллубут: «Бу Н.А. Кондаковка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын иҥэрэр туһугар туруорсаллар: Саха АССР партия Бүлүүтээҕи райкома, райсовет исполкома, бэтэрээннэр оройуоннааҕы Сэбиэттэрэ уонна ССРС Үрдүкү Сэбиэтин народнай дьокутаата А.С.Борисов”, — диэн. Онон мин бу хаһан эрэ кэһиллибит кырдьык тиллэрин туһугар, «Ийэ дойдуга төлөнүллүбүт иэс умнуллубат» диэн өйдөбүл өрөгөйдүүрүн туһугар туруорсубуккутугар партия райкомугар, райсовет исполкомугар, бэтэрээннэр оройуоннааҕы Сэбиэттэригэр (Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ А.И. Николаевка) уонна мин бэйэм сүгүрүйэр, ытыктыыр, бэйэтин норуотун инники кэскилин туһугар үлэлиир биһиги талааннаах киһибитигэр, Андрей Борисовка, бэйэм, оҕолорум, аймахтарым ааттарыттан истиҥ махталбын тириэрдэбин! — диэн түмүктээбитэ Нина Иннокентьевна.

Ураты саас этэ

Саха сиригэр 1990 сыллаахха ураты саас кэлбитэ! Ханна баҕарар дьон-сэргэ САХА ОМУГА үс Дьоруойдаммытын туһунан кэпсэтэрэ. Хаһыаттар бастакы сирэйдэрэ Дьоруойдар тустарынан матырыйаалларынан саҕаланаллара. Оччолорго мин «Социалистическая Якутия» хаһыат Бүлүү сүнньүгэр үлэлиир аналлаах кэрэспэдьиэнэ буоларым быһыытынан, дьоруойдар дьыалаларын туруорсууну иһиттэн билэр буоламмын үс Дьоруой буойуттарбыт туһунан ыам ыйын устата нууччалыы, сахалыы уочаркаларбын бэчээттэтэр этим. Олортон биирдэстэрэ нууччалыы суруллубут Николай Кондаков туһунан этэ, ону бу 30 сыл буолан баран тылбаастаабыппын ааҕаргытыгар көрдөһөбүн.

Герои Советского Союза

ИЙЭ ДОЙДУ ЫҤЫРЫЫТЫНАН

(«Солдат по зову Родины»)

Германия кыраныыссата — Одер өрүс. Бу уһулуччу суолталаах кирбии этэ. Өстөөх бу бэйэтин өрүһүгэр утарылаһааччытын кыайан тохтоппотоҕуна, сэбиэскэй сэриилэр хабыр кимиилэриттэн туох да абырыыр кыаҕа суоҕун үчүгэйдик өйдүүр этэ. Гитлеровецтар ол иһин төһө да сүтүктэннэр Одер кирбиитин туһугар харса суох сэриилэһэллэрэ.

Өрүһү өстөөх артиллериятын уотун, авиация буомбалыырын аахсыбакка килэҥ муус үрдүнэн туоруурга күһэллибиттэрэ. Мууска киирбит саллааттары уҥуоргу кытылтан өстөөх араас калибрдаах пулеметтарынан, пушкаларынан өҥөйө сытан ытыалыыра. Ол да буоллар старшай лейтенант Кондаков, лейтенант Костин командирдардаах батарея артиллеристара өрүһү сатабыллаахтык туораабыттара уонна уҥуоргу биэрэккэ өстөөх бөҕөргөтүнүүлэрин харса суох үлтүрүтэн биһиги чаастарбыт өрүһү туораан тахсан лаппа киэҥ сири ылалларыгар кыаҕы биэрбиттэрэ. (Оборона министерствотын архыыбыттан)… »

Ити кэнниттэн Н.А. Кондаков сэриилэһэр полката түөрт түүннээх-күнү быһа өстөөх танкаларын уонна пехотатын хардары атаакатын утары охсо сыппыта. Фашистар тугу да быраҕан туран советскай чаастары төттөрү Одер нөҥүө биэрэгэр быраҕа сатаабыттара. Ол курдук, полк уот холорук ортотугар олорон өстөөх 12 хардары атаакатын самнары охсубута (Оборона министерствотын архыыбыттан)”.

Ытыалаһыы намырыы түһэр кылгас кэмигэр байыастар блиндажтарга киирэн сынньанан, куҥ гынан ылаллара. Отой аҕыйах чаас анараа өттүгэр ити блиндажтарга фашистар олорбуттара эбээт… Кинилэр дьон киэнэ барыта табыгастаах гына оҥоһуллубут, ыраас, остуол, устууллар бааллар… Ол эрээри куотар айдааныгар барыларын бары хаалларбыттар, кэнсиэрбэлэр, бытыылкалар, атын омуктуу суруктаах пачкалаах сигареталар ыһылла сыталлар. Биһиги дьоммут барахсаттар төһө да аччыктаан, утатан сырытталлар ити аска-үөлгэ илиилэрэ хайдах эрэ барбат этэ. Итилэри бэрт соторутааҕыта кыр өстөөхпүт хааннаах илиилэрэ тута сылдьыбыттара эбээт… Аны туран сыттара! Блиндаж иһигэр өстөөх дьаардаах сыта… Ити эрээри сылайбыт саллаат харахтара бэйэлэрэ сабылла тураллар, сэрии тыаһа-ууһа ханна эрэ ыраатар, түлүк түүл саллааты бүтүн бэйэтин алыптаах хоонньугар харбаан ылар…

«Николай Алексеевич, баһаалыста, хаартыскаҕын өйдүү сылдьыахпын миэхэ биэриий»,-дии-дии Ваня Максимов уҥа илиитин уунан турар. Хаҥас илиитигэр алтыс кылааһы бүтэрбитин туһунан таабылын туппута тэлимниир…

… Онтон эмискэ атын ыҥыырыгар чэпчэкитик олоро түһэр. Иҥэһэтигэр тирэммит атаҕар ийэтэ барахсан сыста түһэн сыллыыр-ууруур, нөҥүө атаҕын, эмиэ күндү киһитэ Өксүүн эмээхсин саба түһэр… «Сэгэттэйиээм, тыыннаах эргиллээр… тыыннаах…» дии-дии харах уутун быыһынан ынчыктыыллар…

Николай Алексеевич уһукта биэрбитэ, сэрии тыаһа субу тиҥинии-таҥыныы турара. Сылбай уу тардарын быыһыгар фронҥа айанныан иннигэр үөрэммит уонна учууталлаабыт Хампатын оскуолатын санаан ылла. Экзаменнар бүтээттэрин кытта эр дьон учууталлары тута байыаннай хомуурга хаалларбыттара. Ол иһин үгүс учууталлары фронҥа ыытар буолбуттарын сэрэйбиттэрэ. Эмискэ улааппыкка дылы буолбут оҕолор алаастарынан тарҕаһыахтарын иннинэ учууталларыгар тиийэн саҥата суох илиилэрин ыга туталлара уонна өйдүү сылдьыахпыт диэн учууталларыттан тугу эрэ ылан хаала сатыыллара, онтон аргыый тэйэн, саҥата суох курустук салбыҥнаан дьиэлиир ыллыктарын тутуһаллара… Ийэ дойду үрдүнэн, ыанньыйбыт былыт курдук, таҥнары сатыылаабыт иэдээн ынырык тыына сэрии толоонноруттан ыраах сытар Бүлүү улууһун Хампа сэлиэнньэтин үрдүнэн эмиэ халыйан кэлбитэ.

…Богдан Хмельницкэй уордьаннаах 1073-с Висленскэй танканы утары сэриилэһэр аналлаах полк Одер өрүһү кэннигэр хаалларан иннин диэки дьулуруйа турбута. Өстөөх кыраныыссата буола сытар, улахан бөҕөргөтүнүүлээх өрүһү туораан өстөөҕү салгыы үүрэр кыахтаммыт полк Кутузов уордьанынан наҕараадаламмыта. Батреялар командирдара А. Минтепин уонна Ф. Волошенко Бойобуой Кыһыл Знамя уордьаннарынан наҕараадаламмыттара. Взвод командира лейтенант А. Костин Аҕа дойду сэриитин бастакы степеннээх уордьаныгар тиксибитэ. Николай Алексеевичтаах доҕотторун үрдүк бойобуой наҕараадаларынан итиитик истиҥник эҕэрдэлээбиттэрэ…

«О друзьях-товарищах» диэн бэйэтин кинигэтигэр Николай Алексеевич оччотооҕу кэмнэр тустарынан олус сиһилии суруйбута. Бойобуой доҕотторун хорсун сырыыларын, араас ыксаллаах түгэннэр тустарынан элбэҕи суруйара, доҕотторунан киэн туттарын тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Оттон бэйэтин туһунан бэрт кыратык ахтан аһарбыта эрэ баар: «Сотору соҕус буолан баран полк штабын начальнигын көмөлөһөөччүтэ капитан Канин телефонҥа ыҥыран:

– Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыккынан эҕэрдэлиибин! “ диэбитэ, — диир. Уонна бүттэ… Ол хабыр кыргыһыы кэнниттэн кинини Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун званиетыгар түһэрбиттэрин туһунан Кондаков хаһан да, кимиэхэ даҕаны эппэтэҕэ да, суруйбатаҕа даҕаны. Дэлэҕэ да кэргэнэ, «Бэлэм буол» («Будь готов») хаһыат эрэдээктэрэ Нина Иннокетьевна Протопопова, сүүрбэттэн тахса сыл бииргэ ыал буолан олордор даҕаны, кэргэнэ Дьоруойга түһэриллэ сылдьыбытын туһунан алҕаска дьонтон истиэ дуо…

Ол эрээри, история өйдөбүллэрин быстыбат ситимнэрин сэрии кэннинээҕи сыллар усталарыгар кыһамньылаахтык холбоон-илбээн, булан-талан кырдьыктаах дьыала өрөгөйдүүрүн ситиһэр үтүө дьоннор баар буолаллар. Тыыннаах холобур өлбөт үгэстээх! Ол иһин үтүө дьон оччотооҕу уот тэллэхтээх уустук кэмнэр докумуоннарын буланнар дьон-сэргэ билиитигэр таһаарбыттара. Ол иһин билигин мин иннибэр наградной лиис куоппуйата тэлгэнэн сытар.

«Командир 1-го огневого взвода 1-ой батареи старший лейтенант Кондаков при форсировании реки Одер 25 января 1945 года, под-держивая стрелковые подразделения, используя подручные средства для переправы проявил исключительное геройство. Он первым перебросил свой взвод на западный берег реки под сильным обстрелом из пулеметов и бомбежкой вражеской авиации, уничтожил огнем прямой наводки огневые средства противника: 6 пулеметов и до 60 гитлеровцев на западном берегу реки; занятие деревни Фишбах, дальнейшее расширение плацдарма.

Представляю старшего лейтенанта Кондакова к правительственной награде присвоению звания Героя Советского Союза.

Командир полка гвардии майор Высоцкий.

28 января 1945 года».

Ыам ыйын 5 күнэ этэ. ССРС Бэрэсидьиэнэ Михаил Горбачев тыыннаах уонна олохтон туораабыт 22 киһиэхэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун албан аатын иҥэрэр туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Ол дьон испииһэгэр үс саха буойуннарын ааттара киллэриллэн сылдьаллара. Нина Иннокентьевна телефонунан биир дойдулаахтарыгар – Бүлүү дьонугар Николай Алексеевич үтүө өйдөбүлүн үрдүктүк тута сылдьалларын иһин уонна киниэхэ Дьоруой албан аата төнүннэриллэрин туһугар ыытыллыбыт дьоһуннаах үлэлэрин иһин муҥура суох махтанарын туһунан эппитэ.

Бу саха буойунун туһунан дьоҕус уочаркабын кини «О друзьях-товарищах» диэн кинигэтигэр суруйбут бэйэтин тылларынан түмүктүүрү тоҕоостоох дии санаатым: «Все мы, молодое поколение предвоенной поры, готовились к мирной жизни, занимались мирным трудом. Мы стали солдатами не по призванию, а по зову Родины. Нам было трудно. Трудно было подпускать на близкое расстояние грохочущую танковую армаду: чтобы схватиться затем с нею не на жизнь, а на смерть. Трудно было рвануться вперед навстречу граду пуль и минометному огню. Нелегко было спать по нескольку суток в промерзших или слякотных окопах и подниматься в атаку. Но герои-фронтовики все это преодолели. Преодолели потому, что нельзя было иначе».

Кыайыы ыараханнык ситиһиллибитэ. Бу билиҥҥи эйэлээх олохпут хайдахтаах курдук ыар сиэртибэни биэрэн ситиһиллибитин биһиги ыччаттарбыт билиэх тустаахтар. Аҕа дойду сэриитин геройдарын иннигэр ыччат туох-ханнык иэстээҕин өйдүөх кэриҥнээх…

Н. КРЫЛОВ,

наш соб. корр.

Газета «Социалистическая Якутия” Май 1990 г.

Наҕараада буолбут суруктар

Дьоруой Н.А. Кондаков огдообото Нина Иннокентьевна Протопопованы кытта биир идэлээх, биир дойдулаах дьон буоламмыт өрүү да билсиһэ, алтыһа сылдьыбыппыт. Бу үөһээ аахпыт уочаркам бэчээттэммитинэн сибээстээн миэхэ Николай Алексеевич хаартыскатын өйдөбүнньүк суруктаан бэлэхтээбитэ. Онно: «Дорогому Николаю Александровичу Крылову—журналисту-коллеге, автору замечательного очерка о Н.А. Кондакове.

В память о герое очерка. С благодарностью и уважением. Н.И. Протопопова, 4. 1991г.» диэн суруйбута (сүрүн хаартыска). 2004 сыллаахха Нина Иннокентьевна салалтатынан «Сүрэххэ сөҥмүт сибэккилэр» диэн Сыдыбыл иэдээнигэр түбэспит оҕолор сырдык кэриэстэригэр анаммыт кинигэ таһаарыытыгар кытыннарбыта.

2012 сыллаахха «ПОЧЕТНЫЕ ГРАЖДАНЕ РЕСПУБЛИКИ» диэн серияҕа «Нина Иннокентьевна Протопопова» диэн дьоһуннаах уопсастыбаннай диэйэтэл, дойдутун патриотун быһыытынан үрдүктүк сыаналаан кинигэ таһаарбыттара. Ол кинигэтин олус истиҥник маннык суруйан бэлэхтээбитэ:

«Олус ытыктыыр, сүгүрүйэр дьоммор

Николай Александровичка,

Анна Семеновнаҕа!

Дьоҥҥо үтүөнү оҥорортон дьоллонор, дуоһуйар дьоҥҥут. Түбүгү булан түбүгүрэр дьоҥҥут: бииргит суруйар да суруйар, бииргит сүүрэр да сүүрэр. Инникитин да кинигэҕит халыҥыы, суолгут тыргылла, субулла туруохтун! Кытаатан чэгиэн-чэбдик буолуҥ!

Ыга кууһабын Нина Иннокентьевна (илии баттааһыннаах)».


Сирдээҕи олоҕун түмүктүүрэ чугаһаан сылдьан, миигин киһи быһыытынан, суруналыыс, айар үлэһит быһыытынан сыаналыыр олус истиҥ дьоһуннаах суруйууну хаалларбыта. Ол кини тиһэх суруйууларыттан биирдэстэрэ быһыылааҕа… Ити курдук, Дьоруой Н.А. Кондаков уонна кини кэргэнэ Нина Иннокентьевна туһунан өйдөбүнньүк үтүө санаалары суруйан хаалларыахпын сөп эбит.

Николай Крылов,

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,

СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0