Дарбыан уолаттара — Афанасий, Николай уонна Илья Максимовтар, бииргэ төрөөбүт быраата Егор Максимович Максимов: “Cэриигэ бардыбыт, эргиллиэхпит”, — диэн халҕаны сабан тахсан барбыттар. Кыра уола Уйбаан ыарыһах буолан сэриигэ хабыллыбатах уонна аймахтарыгар Бүөчүккэҕэ иитиэххэ бэриллибит Сөөкөөт диэн уол хаалбыт. Илларион Максимович Максимов-Дарбыан Мундуҥдаҕа олороллоро. Дарбыаннаах Маара диэн ааттаах оттуур сирдэрэ билигин да ааттарын ааттатар. Кини удьуор үлэһит, сүрдээх охсооччу киһи эбитэ үһү. Ону батан, кыра уола Сөөкөөт Чаллаҥай уола Ньукулайы кытта Бэринньэххэ от охсон биир күҥҥэ 2,5 гааны охсубуттара үһү.
Улахан уола Афанасий кэргэнэ Ноттос Өлөксөй улахан кыыһа Өкүлүүнэ 1942 сыллаахха, Охонооһой сэриигэ барарыгар, Сэмэн диэн уол оҕолоох хаалбыт. Бэйэлэрэ оҕото суох буолан, бу оҕону Лааһарап Угаартан ииттэ ылбыттара үһү. Кэлин бу уолтан уон оҕо төрөөбүтүттэн билигин халыҥ аймах баар. Охонооһой Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспит, онно өлбүт. Ханна көмүллүбүтэ биллибэт. Өлбүтүн туһунан биллэрии сэрии бүппүтүн кэннэ кэлбит. Ону оҕонньору аһынаннар биэрбэтэхтэр, кистээн кэбиспиттэр үһү. Охонооһойдоох олорбут дьиэлэрэ билигин да Харбалаахха, былыргы Күл киинигэр турар. Тиэргэннэригэр дьыл-күн хаара, самыыра быһа сиэн хараардыбыт сэргэлэрэ билигин да турар.
Дарбыан Ньукулайа маҥнайгы хомуурга барбыт. 1942 с. от ыйыгар сураҕа суох сүппүт. Ылдьаата 1942 сыллаахха ыҥырыллар. 1943 с. от ыйыгар эмиэ сураҕа суох сүппүт. Ылдьаа сэриигэ барарыгар кэргэнэ Чорото кыыһа Мотуруона кыыстаах уол оҕолоох хаалар. Уола Сиидэр диэн эбит. Кэлин бу оҕо улаатан, үөрэхтэнэн КГБ-га үлэлээбит. Икки оҕолоох нуучча дьахтара кэргэннээҕэ, киниттэн биир кыыс төрөөбүт. Сиидэр эдэрчи сылдьан ыалдьан, эдьиийигэр Дуунньаҕа сытан өлбүтэ үһү.
Дарбыан быраата Дьөгүөр 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт. 1944 с. Белоруссияҕа өлбүт, көмүллүбүт сирэ биллибэт. Ньукулайдаах Ылдьаа да, Дьөгүөр да тустарынан туох да сурах, биллэрии да суоҕа үһү.
Дарбыан оҕонньор сэрии хаамыытын араадьыйаттан истэ-истэ, “уолаттарым кэллэхтэринэ сиэхпит” диэн биир оҕуһу курулаппыт. Сэрии бүтэн, дьоммут сэрииттэн кэлитэлээн барбыттар. Уолаттар биллибэтэхтэр. Быраата Дьөгүөр да мэлийбит. Хас да сыл күүппүт. Оҕуһа үөр сүөһү диэки көрдөххө, кини урут көстөр буолбут. Дэлэҕэ, миэхэ эмээхситтэр: ”Хотуой, саҥарыма, хотонноох балаҕан саҕа этэ!” – диэхтэрэ дуо.
Арай, сай ортото, Дарбыаннаах Мундуҥдаттан Күлгэ көһөн киирбит сылларыгар, оҕонньор оҕуһун өлөрбүт сураҕа иһиллибит. Былыр сүөһүнү сайын мээнэҕэ кыра аайы туттубаттар. Сайын “эт сиэбит киһи” диир баар буоллаҕына саба саҥараллара, айыыргыыллара үһү. Истибит бары онно сырсыбыттар. Саҥата суох көрөн турдахтарына, хайалара эрэ кэлэн: “Хайа, оҕонньор, бу оҕускун тоҕо өлөрдүҥ?”- диэччи буолбут. Оҕонньор: «Аанньа буолан өлөрүөм дуо!?» – диэн тоҕо баргыытаабыта үһү. Муҥнаах оҕонньор кэтэһэ сатаан, эрэлэ бүтэн, хаана оонньоон, “аны кэлэн кэлбэттэр” диэн оҕуһун сүүскэ биэрэн, этин дьон аайы туттартаан ыытан, түҥэтэн ый-күн аһылыга оҥордоҕо…
Уолаттарын оннуларыгар сааларын — үс сааны Мундуҥдаҕа өтөҕөр көмпүтэ үһү. Үс оҕотуттан ытыс соттубут аҕа эрэйдээх, төһөлөөх санаата көймөстүбүтүн, ол саалары көмөрүгэр тугу-тугу санаабытын, төһө-хачча харах уутун тохпутун туох билиэ баарай…
Уонча сыллаахха норуот эмчитэ, көрбүөччү Зоя Дуранова сүппүт эмээхсиммитин көрдөөһүҥҥэ кэлэ сылдьан, Мундуҥдаҕа тиийэн баран: “Үс улахан саа көмүллэ сытар. Ону быһа хаампаппын. Эмээхсин манна суох”, — диэт атын эргилиннэри тарпыт сурахтааҕа. Билигин да Сир Ийэ ол өрдөөҕүтэ оҕолорун сүтэрбит аҕа барахсан аанай-туонай аһыытын иҥэриммитэ, буор түгэҕиттэн кутурҕан ынчыга буолан биллэ сыттаҕа…
Харбалаах уолаттара сэрии бүтэн дойдуларыгар төннүтэлээн испиттэр. Ийэ дойдуну көмүскүү 72 киһи барбытыттан 23 эрэ киһи эргиллэн кэлбит, 49 киһи сэрии толоонугар хаалбыт. Олор истэригэр үс бырааттыы Максимовтар убайдарынаан бааллар. Ким эрэ оннугар ким эрэ оҕуннаҕа. Аҕалар, ийэлэр эрэйдээхтэр аһыйан үйэлэрэ кылгаатаҕа.
Сэрии ааспыта быданнаата. Сэриини этинэн-хаанынан билбиттэр да ахсааннара аҕыйаата… Быйыл ыам ыйын 9 күнүгэр 75-с сылбытын ил-эйэ олоҕор көрсөбүт. Сэрии иэдээнин хаалбыттар, билигин баар дьон умнубаппыт, умнуох да туспут суох.
С.Копыленко, Харбалаах, Үөһээ Бүлүү улууһа.
Хаартыска — 3monety.ru саайтан.