Кыһыны көрсө бэтэринээрдэр түбүктэрэ элбээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһугар хаһаайына суох ыттары, куоскалары кытары үлэни «Вилюит» муниципальнай унитарнай тэрилтэ сүрүннүүр.

 

Кинилэр 498 нүөмэрдээх федеральнай сокуон быһыытынан, хаһаайына суох ыттары быстах тутар пууҥҥа эмтииллэр-томтууллар, тыһы ыттары стерилизациялыыллар, атыырдары аттыыллар, быһыы биэрэллэр, маркировкалыыллар.

Бу күннэргэ бэтэринээр быраастар Станислав Васильев, Федосия Майорова, бэтэринээр биэлсэрдэр Прокопий Николаев, Григорий Харлампьев уонна практикантка Октябрина Семенова Бүлүү куорат иһигэр бэйдиэ сылдьар сүүрбэ ыты туттулар. Уон биир тыһы ыкка стерилизация эпэрээссийэтин оҥордулар, тоҕус ыты аттаатылар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0