Саха ыала сайынын тэлгэһэтин дьэрэкээн сибэккинэн киэргэтэр. Бу нап-нарын сибэккилэр хараҕы үөрдэллэр, сүрэҕи сылаанньыталлар, санааны көтөҕөллөр, абылыыр дьикти уратылаахтар.
Бу кэрэ бэйэлээхтэри сыл ахсын балачча сыанаҕа атыылаһаҕын. Онон оҕуруотчуттар сорох сибэккилэри бүөбэйдээн, көрөн-истэн кыһыннары кыстатарга кыһаллаллар. Ол эмиэ сыраны, сатабылы эрэйэр.
Онон, сибэккини сэргиир дьоҥҥо туһалаах буоллун диэн, бүгүн, Афанасий Семеновтыын кэпсэтиибин билиһиннэрэбин. Санатан эттэххэ, Ньурбаҕа Маар орто оскуолатыгар физкултуура учууталынан үлэлиир Афанасий Васильевичтыын сэһэргэһиибин, кини оҕуруотчуттарга сүбэлэрин «Агроном дууһалаах физкултуура учуутала» диэн матырыйаалга аахпыт буолуохтааххыт.
Сайыҥҥы сибэккини кыстатыы кистэлэҥэ
Афанасий Васильевич сылаас дойдуга сибэкки үксэ элбэх сыллаах үүнээйи буоларын этэр. Олор биһиэхэ биир сайын үүнэн үөрдэллэр. Балары хайдах гынан өр үүннэриэххэ, бииртэн хаһы да чэлгитэн таһаарыахха сөп эбитий? Бу туһунан кини маннык быһаарар:
—Сибэккини дьиэ усулуобуйатыгар кыстатарга, биир кистэлэҥинэн череноктааһын, ол эбэтэр силис таттаран кыстатыы буолар. Маны мин вегетативнай петуния уонна калибрахоа холобуругар кэпсиим.
Мин үксүн вегетативнай, ол эбэтэр силис таттардахха үүнэр сибэккилэри олордобун. Биир үчүгэйэ, силис тардыбыт сибэкки түргэнник үүнэр. Холобур, сайын наһаа үчүгэйдик үүммүт, кэрэ көстүүлэммит сибэккибитин, атыннык эттэххэ маточнигы, ол эбэтэр ийэ сибэккини, силис таттарарга анаан бэлэмниибит. Ийэ сибэкки туруга үчүгэй буоллаҕына, мантан төһө баҕарар элбэҕи силис таттарыахха сөп.
Бастакы ойууну көрүҥ. Балаҕан ыйын ортото сымнаҕас умнаһыттан 7-8 см уһуннаах ук быһабыт. Аллараа сэбирдэхтэрин ылгыыбыт. Үөһээ 2-4 сэбирдэҕи хаалларабыт.
Иккис ойууну көрүҥ. “Корневиҥҥа” эбэтэр атын, үүнээйи үүнүүтүн түргэтэтэргэ аналлаах эбии “аһылыкка” (уоҕурдууга) уган ылан баран, бэлэмнээбит кыра харахтардаах кассеталарга анньыталыыбын.
Буордаах кассеталарбытын марганкалаах эбэтэр фитоспориннаах уунан илитэбит. Мин “Радигрины” (саҥа стимулятор) сөбүлээн туттабын. Гель курдук. Ук силистэнэригэр көмөлөөх.
Бүөбэйдиэххэ
Сайыҥҥы сибэккини кыһын хайдах көрөбүт?
—Кассеталаах буорбутугар умнас грибковай ыарыыларга ылларбатын туһуттан, “Превикур Энерджи” диэн аныгы препараты таммалатабыт. Уктаах кассеталары хаппахтаах пластамасс дьааһыкка угабыт уонна хайаан да (!) фитолаампа анныгар уурабыт. Фитолаампа күһүн, кыһын күн уотун солбуйар. Күн аайы иккитэ аһан салгылатабыт уонна уунан ыстарабыт. Дьааһык иһэ аһара сиигирдэҕинэ, уктарбыт буордара түүнүгүрэн барыахтарын сөп.
Уонча хонугунан уктарбыт бары үчүгэйдик силис тардыбыттарын кэнниттэн, аны дьиэтээҕи усулуобуйаҕа үөрэтэн салгылатар бириэмэбитин уһатан биэрэбит. Ол кэнниттэн дьааһык хааппаҕын ылабыт.
Силистэммит угу тута кашпоҕа көһөрөр сыыһа. Бастаан 200 мл. биирдэ туттуллар ыстакааннарга, онтон улаата түспүттэрин эрэ кэнниттэн 500 мл иһиккэ көһөрөбүт. Сыыйа көһөрөн истэххэ, үүнээйи силиһэ үчүгэйдик, түргэнник сайдар. Онтон 1,5 л кашпоҕа олордон, аны сааскыга диэри үүннэрэбит.
Эбии аһатыахха
Сибэкки өлгөм буоларыгар, аҥаардас ууну кутар тутах.
—Ыйга хайаан да иккитэ-үстэ аһатабыт. Бастаан фосфордаах уоҕурдуунан силиһэ сайдарыгар. Онтон азоттааҕынан, күөх маасса үүнэригэр. Калийдааҕынан сибэккиилиир кэмигэр. Бу үс уоҕурдууну сөптөөхтүк көрөн туттуу, сибэкки өлгөмнүк үүнэригэр төһүү буолар.
Дьиэ усулуобуйата сайыҥҥы салгынтан, күннээх халлаантан олох атын. Ол иһин, арассаадаларбытын хайаан да 12-14 чаас устатыгар фитолаампа анныгар туруорабыт. Лаампа спектрын (сырдык сардаҥата таас призманы курдары ааһарыгар араас өҥнөргө арахсан тыгар) көрүөххэ наада. Биколор буоллаҕына, үүнээйибит (арассаадабыт) силис тардарыгар, үүнэригэр туһалаах.
Үөнтэн-көйүүртэн харыстыахха
Дьиэ иһигэр сибэккигэ кыра да үөн ыһара хаһаайканы үөрдүбэт. Дьэ, тугунан, хайдах эмтиэххэ сөп эбитий?
—Үөнтэн-көйүүртэн, араас ыарыылатан харыстыыр наада. Ол гынан баран, дьиэ иһигэр бары препараттары сатаан туттубаппыт. Арай, саамай сөптөөх препаратынан “Фитоверм” буолар. Бу арассааданы өтүөнэттэн, ол эбэтэр тляттан (үүнээйилэр сүмэһиннэринэн иитиллэр кыра үөн), хос кыымаайыларыттан (а.э. хос мошкаларыттан) харыстыыр. Манан ыстарабыт, онтон түөрт күн ааспытын кэнниттэн, хатылыыбыт. Дьиэ иһэ 20 кыраадыс сылаастан сөрүүн буолумуон наада. Уонна препарат сэбирдэххэ ыстарыллан баран саккыраабатын курдук, “Липосам” диэн препараты туттабыт. Ууну олох сэрэнэн кутабыт.
Ситимнээх хомурдуос, атыннык паутиннай клещ диэн ааттанар (үүнээйилэргэ сыстан үөскүүр ооҕуйдуҥу көрүҥнээх кыра) үөн үөскээбэтин диэн уонна сөбүгэр сииктээх буоларын курдук, күҥҥэ хайаан да иккитэ уунан ыстарабыт.
Үүнээйи дьиэҕэ “хара атах” буолара элбэх. Онон өйдөөҥ, ууну кыра-кыраны сөп-сөп көрөн кутуллар эбэтэр ыстарыллар. Үүнээйи уһаатаҕына эбэтэр хойуннаҕына, ук ылан сибэккибитин элбэтэн биэриэхпитин сөп.
* * *
—Бу сүбэлэринэн сирдэтэн, хас биирдии оҕуруотчут таһырдьа үүнэр сибэккилэри дьиэҕэ киллэрэн, самаан сайынын уһатыан, эһиилгитигэр сибэккитин элбэтиэн сөп, — диир тэлгэһэтин сибэкки арааһынан киэргэтэр, кыһынын дьиэҕэ кэрэ саады тэрийэр Афанасий Семенов.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Сардаана Баснаева
Хаартыскалар Афанасий Семенов тиксэриилэрэ