«Кыһын тымныы эрээри, дьоллоох дьоҥҥо ичигэс»

04.11.2020
Бөлөххө киир:

Дьэ, кыстыкка үктэннибит. Кыһыны туоруурга төһө бэлэмнээхпитий? Быйыл кыһыны быһа коронавирустан сылтаан дьиэҕэ олорон үлэлиирбит-үөрэнэрбит салҕанара буолуо. Онон хайдах гынан доруобуйаҕа охсуута суох, этэҥҥэ кыстыырбытын табыгастаахтык дьаһанарбыт туһунан эрдэттэн толкуйдуурбут оруннаах.

edersaas.ru

Урут өбүгэлэрбит кыстыкка эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ биллэр. Сиир астарын-үөллэрин, иһэр муустарын, отторун ааҕан-суоттаан, бэлэмнээн кэбиһэллэрэ. Арай, мастарын эрдэттэн бэлэмнээбэккэ, күн аайы ойуурга тахсан, хаппыт маһы кэрдэн, тиэйэн киллэрэллэрэ.

Саха киһитэ барахсан, күнү эргиччи үлэлээн-хамсаан, түбүгүрэн тахсара. Кыһын саҕаланыаҕыттан муус ылыыта, муҥха, хотон сыбаҕа, мас-от тиэйиитэ, бултааһын, сүөһү көрүүтэ – үлэ төрөөн тахсан иһэр буоллаҕа. Хаһаайкалар дьиэ түбүгүттэн, сүөһү көрөллөрүттэн ордон, кыһыҥҥы таҥастарын бэрийэллэрэ.

Ол иһин, ас-таҥас, от-мас баар эрэ буоллар, саха киһитэ кымырдаҕас курдук үлэлээн-хамсаан, олоҥхолоон-тойуктаан тыынын таһааран, кыһынын этэҥҥэ туоруура.

Хюгге” уонна “сису”

Хотугу ыалларбыт – финнэр, норвежецтар, шведтэр биһиги курдук тыйыс усулуобуйаҕа, тымныы кыһыннаах дойдуга олороллор. Ол эрээри, ООН ыыппыт чинчийиитинэн, бу хотугу дойдулар олохтоохторо аан дойдуга саамай дьоллоох дьон эбит (Арассыыйа олохтоохторо – 59-с миэстэҕэ).

Дьэ, кинилэр кистэлэҥнэрэ тугуй? Төһө да тымныы, хараҥа буоллар, кинилэр олохторун тупсарар, настарыанньаларын көтөҕөр ньымалары булбуттар. Шведтэр “хюгге”, финнэр “сису” диэн ньымалаахтар. Ол барыта уһун, тымныы кыһыны туоруурга олохторун тупсарарга тобулбут киитэрэстэрэ буолар. Бу ньымалара билигин аан дойдуга киэҥник тарҕанна. Сүрүн санаата – ханнык да тыйыс усулуобуйаҕа дьолу, үөрүүнү, астыныыны бэлэхтиир, киһи санаатын көтөҕөр ураты эйгэни олохтооһун.

Кылгастык кэпсээтэххэ, кинилэр дьиэлэригэр уоту, сырдыгы киэҥник туһаналлар. Дьиэ иһигэр олус элбэх лаампа, гирлянда, чүмэчи баар буолар, киэһэ ахсын ону барытын уматан, ураты эйгэни олохтуулларын сөбүлүүллэр. Сылаас суорҕаҥҥа сууланан баран, итии чэйи, кофены иһэллэрин, сөбүлүүр киинэлэрин көрөллөрүн, кинигэ ааҕалларын сөбүлүүллэр.

Ону тэҥэ, төһө да тымныы, тыаллаах, ардахтаах-хаардаах буоллун, хайаан да таһырдьа тахсан күн аайы күүлэйдииллэр, хаалыктаах хаамаллар, оҕолорун кытта оонньууллар. Финн оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн хайдах да күн-дьыл турдун, күн аайы таһырдьа тахсан оонньуурга үөрүйэхтэр. Дэлэҕэ, омук туристара соһуйа көрүөхтэрэ дуо?

Онон, кыһыны этэҥҥэ туоруурбут, турукпутун тупсарынарбыт — бэйэбит илиибитигэр баар.

Хараҥа уонна тымныы

Кыһын тымныытынан эрэ буолбакка, кылгас күнүнэн, хараҥатынан киһи организмыгар күүстээх дьайыылаах.

Хараҥа дьайыыта. Сырдык – киһи олороругар наадалаах биир сүрүн усулуобуйа буолар. Сырдык тиийбэт буоллаҕына, киһи ньиэрбинэй систиэмэтигэр, уйулҕатыгар охсор, организмыгар уларыйыылар буолаллар. Ол иһин кыһыҥҥы хараҥа, хойуу туман хас да ыйы быһа салҕаннаҕына, киһини баттыыр, сылатар. Хараҥаҕа серотонин (дьолу, үөрүүнү оҥорор гормон) тиийбэт буолар. Онон киһи үөрбэт-көппөт, тугу да гыныан баҕарбат, ээл-дээл буолан хаалар.

Ол иһин кыһын дьиэ иһэ сып-сырдык буолуохтаах. Таһырдьа сырдык эрдэҕинэ, хайаан да тахсан, күүлэйдээн, салгын сиэн киирэргитин үөрүйэххэ кубулутуҥ. Сылаас күннэргэ оҕолоргутун кытары хаарынан бырахса оонньооҥ, күрдьүккэ хорооннору хаһан, хаар киһилэри оҥорон, хайыһардаан, хаҥкылаан, сыыртан сырылаан кыһын үтүөтүн билэ сатааҥ.

Тымныы доруобуйаҕа охсуута. Күн-дьыл уларыйар, тымныы түһэр кэмигэр тымыр кыарыыр, сүрэх күүскэ үлэлиир. Онон хааннарын баттааһына үрдүүр дьоҥҥо бу кэм сэрэхтээх. Салгын сиигэ улаатар, тыал-куус кэлээри гыннаҕына, хааннарын баттааһынан намыһах дьон эттэринэн-хааннарынан билэллэр. Сэниэлэрэ эстэр, төбөлөрө ыалдьар, мэйиилэрэ эргийэр.

Онон халыҥнык, сылаастык таҥна сылдьартан ураты, кыһын доруобуйаны эмиэ көрүнүөххэ наада.

Сөпкө утуйуу оруола. Куһаҕаннык утуйар, түүннэри төлөпүөнү тутан сытар киһи сарсыарда уутун хаммакка, эрдэттэн сылайан-элэйэн, нэһиилэ турар. Ол аата кини утуйа сыттаҕына, мелатонин диэн гормон ситэ үөскээбэтэх. Бу гормон киһиэхэ киэһэ 9 чаастан 12 чааска эрэ диэри муҥутаан үөскүүр эбит. Бу кэми куоттардаххына, утуйар ууҥ туһата кыра. Аны туран, төһөнөн хараҥа да, соччонон бу гормон элбэхтик үөскүүр.

Мелатонин хаан баттааһынын, кыраадыһы, иммунитеты, имэҥ үөскүүрүн, о.д.а. хонтуруоллуур. Дьэ, ол иһин киэһэ эрдэ, биир кэмҥэ утуйар, сарсыарда эрдэ турар олус туһалаах эбит.

Ас туһата. Серотонин тиийбэт буоллаҕына, киһи санаата түһэн, астыныыны-дуоһуйууну астан эрэ ыларга тиийэр. Холобур, сакалааты сиэтэххинэ, настарыанньаҥ тута көтөҕүллэр дии. Минньигэһи элбэхтик сиэн, уойан хаалыахха сөп. Ол иһин кыһын аһы-үөлү көрүнүөххэ наада. Эт, балык, сыыр, иэдьэгэй триптофан диэн аминокислоталаах буолан, серотонин үөскүүрүгэр туһалаахтар.

Организмҥа Д битэмиин тиийэр буоллаҕына, киһи иммунитета күүстээх буолар, ыарыыга, санаа түһүүтүгэр дэбигис бэриммэт.

Кыһыҥҥы чек-лиис

Чек-лиис” диэн тугу эрэ толорорго аналлаах испииһэк. Холобур, кыһын устата тугу гыныахтаахпыный диэн. Бу сорудахтары толороору интэриэһинэй дьарыктары булан, олоххун киэргэтэҕин, уһун кыһыны билбэккэ да хаалаҕын. Биир-биир толордоҕуҥ ахсын, сотторон иһэҕин. Бэйэҕэр сөп түбэһэринэн, төһө баҕарар эбии сурунан биэриэххэ сөп.

1. Таба, хаар ойуулаах сибиитэри, үтүлүгү, бэргэһэни баанан (атыылаһан) кэтии.

2. Саҥа дьыллааҕы фотосессияҕа дьуолка анныгар хаартыскаҕа түһүү.

3. Саунаҕа, баанньыкка сылдьыы.

4. Чаҕылхай өҥнөөх пижаманы атыылаһан, бэчэрииҥкэ оҥоруу.

5. Глинтвейны бэлэмнээһин.

6. Сыыртан сырылааһын.

7. Сноуборду “айааһааһын”.

8. Хаар киһини оҥоруу.

9. Саҥа дьыллааҕы ырыалары мунньан, төлөпүөҥҥэ “плей-лиис” оҥоруу.

10. Кыһыҥҥы ойуурга фотосессия.

11. Даачаҕа, куорат таһынааҕы турбазаҕа баран хонуу, оһох оттон, сулустаах халлааны көрөн, сынньаныы.

12. Харыйа оонньуурдарын оҥоруу, дьиэни киэргэтии.

13. Дьиэ кэргэнинэн бэлимиэни, кэтилиэти оҥорон, тоҥоруу.

14. Сыл түмүгүн таһаарыы.

15. Адвент-халандаары оҥоруу (биир ый устата күн аайы оҕолорго халандаар сорудаҕын толорторон баран, кыра бэлэх, кэмпиэт биэрии).

16. Аккырыыккалары атыылаһан баран, билэр дьоҥҥо, аймахтарга буостанан ыытыы.

17. Имбиирдээх бэчиэнньэни буһарыы.

18. Ороһуоспа киинэтин, кэмиэдьийэни көрүү.

19. Дьиэ кэргэнинэн остуол оонньууларын оонньооһун.

20. Хаалыктаах хаамыы.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0