Кыһын тотоойу аһылык абырыыр

16.11.2017
Бөлөххө киир:

Саха киһитэ бу кэмҥэ күүһү-уоҕу биэрэр аһын-үөлүн хаһаанан, сылааһынан угуттуур таҥаһын-сабын булунан, дьиэ ис-тас үлэтин үмүрүтэн олорор кэмэ. Ол да буоллар, кыһыҥҥы уһун күннэргэ кини түбүгэ хаһан да бүппэт. Кыстыкка киирбит дьоҥҥо туһалаах сүбэлэртэн бэчээттиибит.

edersaas.ru


Куобаҕы бүскэтэн буһарыы

Ыраастаммыт, сууйуллубут куобаҕы өлүүлэргэ араартыыбыт, сибиинньэ эбэтэр сылгы этин кытта булкуйабыт. Эттэри чугуун иһиккэ кутабыт. Уу, туус, биэрэс, сыа эбэбит, ыга хаппахтаан баран буһарабыт. Эт мииннэннэҕинэ бурдук, кырбаммыт чеснок, хойуннаҕына сүөгэй эбэбит. Сыа хоргуна таҕыстаҕына, куобах бэлэм буолар.

Бүскүтэн буһарыллыбыт куобаҕы кытта буспут хортуоппуйу, гречканы эбэтэр оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут салааты ууруохха сөп.

Маны бэлэмнииргэ наада буолаллар:

1 киилэ куобах этэ, 500 г сибиинньэ эбэтэр сылгы этэ, 75 г кулинарнай сыа, 100 г сүөгэй, 200 г уу, 5 г бурдук, 2-3 тоорохой чеснок, биэрэс.

Куобаҕы ыһаарылааһын

Куобаҕы ыраастыыбыт. Иһин-үөлүн ылан быраҕабыт, тыҥатын, сүрэҕин, быарын сууйабыт. Барытын миискэҕэ угабыт, маринад кутабыт. Этин ылан кыратык ныһыйабыт, бурдукка булкуйан ыла-ыла хобордооххо икки өттүттэн ыһаарылыыбыт. Барытын миискэҕэ угабыт, хобордоохтон сүмэһинин уонна арыы кутабыт, онтон духуопкаҕа буһарабыт.

Остуолга гарнир быһыытынан ыһаарыламмыт хортуоппуйу, пюрены эбэтэр ирииһи ууруохха сөп.

Наада буолаллар:

Биир куобах, 40-60 г арыы.

Маринадка: 400 г уу, 40-50 г уксуус, туус, биэрэс, лавровай лиис.

Хортуоппуйу тоҥоруу

Тоҥорууга бэлэмнээһин

Тоҥорууга анаммыт хортуоппуйу оҥкучахтан таһааран баран куурдуллар, сылытыллар. Тоҥоруллубут хортуоппуй иҥэмтэлээх веществолара, амтана сибиэһэйтэн атына суох буоларын туһугар сылытыллар. Ол курдук, элбэх саахардаах, аҕыйах кырахымааллаах хортуоппуйу тоҥордоххуна минньийэр, тиэстэ курдук сыстаҥныы сылдьар, хараҥатыҥы өҥнөөх буолар. Онон тоҥоруох иннинэ кырахымаалын элбэтэн, саахарын аҕыйатыллар. Ол туһугар тоҥоруллар хортуоппуй +10 С үөһээ кыраадыска хараллыбыт буоллаҕына, дьиэҕэ хараҥа сиргэ киллэрэн, 3-4 хонукка сылытыллар. Дьэ, ол кэнниттэн эрэ тоҥоруллар.

Хахтары тоҥоруу

Хортуоппуйу кырбаабакка, хахтаабакка эрэ тымныы — 23-30 С кыраадыска тиийдэҕинэ тоҥоруллар. Онуоха ититиллибит, куурдуллубут хортуоппуйу дьааһыктарга, долбуурга эбэтэр полиэтиленовай пленкаҕа түргэнник тоҥорор туһуттан, 3-4 хортуоппуй халыҥынан тарҕата ууран тоҥоруллар. Тоҥмутун кэннэ хортуоппуйу кууллаан эбэтэр дьааһыктарга кутан баран, кыһын тымныы ыскылааттарга, сарайдарга ууруллар. Саас итийдэҕинэ — 10 С итэҕэһэ суох тымныылаах булуустарга эбэтэр тоҥорор камераларга уган сытыаран сайын устата сииллэр.

Хахтаан баран тоҥоруу

Кыһын сиир хортуоппуйгун хахтаан, кырбаан баран, эмиэ тоҥорон хаһааныаххын сөп. Тоҥорорго бэлэмнэниллибит хортуоппуйу хахтаныллар. 10-15 мм. улахан гына түөрт муннуктуу эбэтэр 7-10 мм уһуннаах кэрчиктии кырбаныллар. Онтон оргуйа турар туустаах ууга 5-6 мүнүүтэ устата тэптэриллэр. Уутун сиидэҕэ сүүрдэн баран хортуоппуйу сойутуллар уонна таһааран, 25 С кыраадыска тоҥоруллар. Кырбаммыт хортуоппуйдар сыстыһа тоҥмотторун курдук тимир лиистэргэ эбэтэр полиэтиленовай мөһөөччүктэргэ уган тымныы сиргэ дьааһыктарга хаһааныллар.

Кыһын кыайан сиэммэтэх хортуоппуйу сайын эмиэ — 10 С сылааһа суох булууска эбэтэр тоҥорор камераҕа уган сытыаран сайыннары сиэниллэр.

Тоҥоруллубут хортуоппуйу астааһын

Тоҥоруллубут хортуоппуйтан хайдах хаачыстыбалаах ас тахсара астыыртан тутулуктаах. Тоҥ хортуоппуйу астыах иннинэ дьиэҕэ киллэрэн букатын ириэр диэри тутар сатаммат. Маҥнайгытынан, хаҕын ыраастаабакка буһарар буоллахха, киллэрээт да, оргуйа турар ууга хахтары уган буһарыллар. Ол кэннит­тэн хахтаан баран, араас аһы астыахха сөп. Хахтары буһарыллыбыт хортуоппуйга иҥэмтэлээх веществолара кыратык сүтэллэр.

Иккиһинэн, хаҕын ыраастаан баран астыыр буоллахха, дьиэҕэ киллэрээт, тымныы эбэтэр сылаас ууга уган, хаҕа хоҥнуор диэри ириэриллэр, хаҕыттан арааран, кырбастаан баран оргуйа турар мииҥҥэ түһэриллэр. Астыах иннинэ оргуйа турар туустаах ууга оргутуллар. Ити кэнниттэн хайа баҕарар аска туттуохха сөп.

Үсүһүнэн, кырбастаан, кыратык буһара түһэн баран тоҥоруллубут хортуоппуйу оргуйа турар туустаах ууга ириэрбэккэ эрэ кутан буһарыллар. Хортуоппуй аҕыйах мүнүүтэнэн бэлэм буолар. Ол кэнниттэн араас аһы астыахха сөп. Оттон ыһаарылыырга хортуоппуйу таһырдьаттан киллэрээт, оргуйа турар арыылаах хобордооххо кутуллар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0