«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээлгэ бэлэмҥин дуо?
Бу күннэргэ Дьокуускайга Саҥа дьыллааҕы ёлканы туруора сылдьаллар.
edersaas.ru
Оробуочайдартан, тоҕо бачча эрдэ Саҥа дьылы аҕалан эрэллэрин сураспыппар: «Ичигэс күнү-дьылы баттаһан, эрдэттэн туруоран бэлэмнээн кэбиһэбит. 40 кыраадыс тымныыга күнү быһа таһырдьа үлэлиэх диэтэххэ, уустук», — диэн хоруйдаатылар.
— Кэлэр нэдиэлэттэн «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» диэн кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ буолар. Онно ёлканы эрдэттэн бэлэмнээн кэбиһэбит. Туруоран эрэ кэбиһии буолбатах, үлэтэ элбэх, — диэн бэлиэтииллэр оробуочай уолаттар.
Ити курдук, быйыл сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 2 күнүгэр диэри ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» диэн кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр араас хайысханан бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланна.
— Урукку сылларга бу кыһыҥҥы тэрээһин Дьокуускай куорат эрэ иһинэн муҥурданар буоллаҕына, быйылгыттан өрөспүүбүлүкэтээҕи буоларын ааһан, норуоттар икки ардыларынааҕы суолталанна. Кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ Арассыыйаҕа уон иһигэр киирэр бастыҥ кыһыҥҥы тэрээһиннэртэн төрдүс миэстэҕэ сылдьар тэрээһин киэҥ силистэнэн-мутуктанан иһэр. Ол курдук, тэрээһиҥҥэ Японияттан, Канадаттан, Болгарияттан, Монголияттан, Казахстантан, Белоруссияттан уонна Арассыыйа регионнарын куораттарыттан кэлиэхтэрэ, — диэн суруналыыстарга анаан ыытыллыбыт пресс-конференцияҕа тэрийэр кэмитиэт салайааччыта Антонида Корякина иһитиннэрдэ. Үгэс быһыытынан, Дьокуускайга Саҥа дьыллааҕы ёлканы уматаары Великай Устюгтан Тымныы Моруос оҕонньор уонна Тымныы хаһаайына Тымныы полюһуттан — Өймөкөөнтөн Чысхаан көрсөллөр.
Быйылгы Саҥа дьыллааҕы ёлка уотун ахсынньы 1 күнүгэр Ленин уонна Орджоникидзе болуоссаттарыгар уматыахтара.
Бэстибээл «Саха сирин амтана» диэн гастрономическай күрэһиттэн саҕаланар. Манна киин куорат ааттаах-суоллаах эрэстэрээннэрэ олохтоох астан араас бүлүүдэлэри оҥорон таһааран, ыалдьыттарын күндүлүүллэр.
Саха сирин ресторатордарын салайааччыта, «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээли сүрүннээччи Татьяна Тымырова сыл аайы киин куорат эрэстэрээннэрэ көхтөөхтүк кытталларын бэлиэтээтэ. Быйыл үгэс быһыытынан Дьокуускай куорат асчыттарын маастарыстыбаларын уонна олохтоох астан оҥоһуллубут бүлүүдэлэр көрүҥнэрин уонна хаачыстыбаларын сыаналыы уопуттаах экспертэр кэлиэхтэрэ.
Ол курдук, Москва к. Ресторатордарын уонна отельердарын федерациятын салайааччыта Игорь Бухаров,«Region PR» ФРОС бырабылыанньатын салайааччыта, «Russian Event Awards» национальнай бириэмийэни төрүттээччи Геннадий Шаталов, Арассыыйа шеф-пуобардарын национальнай гильдиятын чилиэнэ Николай Сарычев курдук Дьокуускай ресторатордарыгар биллэр, үгүс сүбэни биэрбит ааттаах-суоллаах дьон кэлээри сылдьаллар. Былырыыҥҥы гастрономическай бэстибээлгэ Игорь Бухаров саха аһыттан оҥоһуллубут астары: «Олус сыалаах-арыылаах эбиттэр, онон доруобуйаҕа охсубат гына маннык астыахха сөп», — диэн араас сүбэни биэрэн барбыта. Бука, онтун быйыл «төһө туһаннылар буолла» диэн санаалаах анаан көрөрө-истэрэ, үөрэтэрэ чахчы.
Былырыын куорат эрэстэрээннэрин салалталара аска-үөлгэ эрэ буолбакка, дьону көрсөр, сааратар саалалар киһи кутун-сүрүн туталларыгар, интэриэһи тардалларыгар болҕомтолорун уурбуттар этэ. Холобура, «Хантер» паб-кулууп булчуттарга анаммыт бүлүүдэлэри амсатарыгар саалатын маннык ис хоһоонноон киэргэппит этэ.
Оттон бүлүүдэ арааһын, ис хоһоонун киһи этэ да барбат. Холобура, «Атласовтар уһаайбалара» эрэстэрээн шеф-пуобара Николай Атласов таба сиир лабыктатыттан кэмпиэт оҥорон чыыр балыктан оҥоһуллубут бүлүүдэни кытта холбоон ыалдьыттарын күндүлээбитэ билигин да уос номоҕо буолан сылдьар.
Оттон маннык кэрэ бэйэлээх бүлүүдэ туһунан этэ да барбаккын! Бу табачааны көрө туран, ама, киһи торт быыстапкалана турар диэ дуо? Онон быйылгы «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээлгэ ас арааһа, бүлүүдэ дьикти көрүҥэ быыстапкаҕа турара буолуо диэн испитигэр эрэнэ күүтэбит.
2011 сыллаахха Тымныы Хаһаайына Чысхааҥҥа эбии Кыһын-хотун уобараһа айыллыбыта. Дьэ, онтон ыла Чысхаан, Кыһын-хотун Великай Устюгтан айаннаан кэлэр Тымныы Моруос оҕонньору кытта Саха сирин киин куоратын Ленин уонна Оржоникидзе болуоссаттарыгар Арассыыйа үрдүнэн аан бастакынан Саҥа дьыллааҕы күөх харыйа уотун күлүмүрдэтэ уматаллар. Онон быйыл ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл суруналыыстар болҕомтолорун улаханнык тарта.
Кэрэхсэбиллээҕэ, бу суолталаах тэрээһиҥҥэ «Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһатын иһинэн үлэлиир эдэр кэрэспэдьиэннэр хото кыттыахтара. Оҕолор улахан тэрээһиннэри сырдатарга номнуо үөрүйэхтэр. Ол курдук, Норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньууларын сырдатыыны эдэр кэрэспэдьиэннэр хаһыатынан, интэриниэтинэн, тэлэбиидэнньэнэн, араадьыйанан, социальнай ситимнэринэн сырдатан, кыайа-хото туппуттара. Быйылгы кыһыҥҥы бэстибээли сырдатыыга оҕолор эмиэ ох курдук оҥосто сылдьаллар.
Биллэн турар, «Балык кыһыыта» («Строганина») диэн эмиэ бэрт интэриэһинэй үгэскэ кубулуйбут тэрээһин үгүс дьону түмэр. Бу туһугар Балык бырааһынньыга. Манна араас улуустартан балык арааһын аҕалан быыстапкалыыллар, балыктан оҥоһуллубут араас бүлүүдэлэр «сулустаах чаастара» үүнэр. Суруналыыстарга ыытыллыбыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ «Строганина» бэстибээлгэ сыл аайы кыттар дьон маастар-кылаас көрдөрдүлэр.
Хатастан сылдьар Алексей Осипов күөгүнэн алта саастааҕар убайдарын кытта бастакы балыгын хабаат, балыкка дууһатынан ылларбыт. Ол кэмтэн ыла сүүрбэттэн тахса сыл тухары дьыл түөрт кэмигэр барытыгар балыктыыр. 2014 сылтан ыла «Строганина» бэстибээлгэ Хатастан бэйэтэ анал хамаанда хомуйан кытыннарар эбит. Былырыын киһи тиийбэккэ, бэйэтэ киирсибит. Онно өссө «биир ыарыыга» — балыгы кыһыыга ылларбыт. Алексей Тыа хаһаайыстыбатын ветеринарнай факультетын бүтэрбит. Алексей Осипов Аллайыаха улууһун Русскай Устье нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрин кытта балыгы кыһыыга маастар-кылаас көрдөрдө.
Оттон бу хаартыскаҕа көстөр Бүлүүттэн сылдьар норуот маастара, муус оҥоһук маастара, «Саха сирин киэн туттуута» диэн норуот бириэмийэтин хаһаайына Николай Степанов бу күннэргэ «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр кыттаары утуйар уутун умуннаҕа. Кини төрөөбүт Бүлүүтүттэн саҕалаан, аан дойдутааҕы таһымнаах муус оҥоһук күрэстэһиитигэр өрүү кыттыыны ылар. Ол курдук, саха маастарын муус оҥоһуктара Байкаал, Кытай, Магадан, Аляска Фербенкс курдук дойдулар ааттаах-суоллаах муус скульптураларын күөн-күрэстэригэр өрүү бириистээх миэстэлэргэ тиксэр. Былырыын төрөөбүт Сахатын сиригэр ыытыллыбыт муус оҥоһук куонкуруһугар Николай Степанов санаата ордук көтөҕүллэн кыттыыны ылбыта.
Маны таһынан, Саха сиригэр олорор дьон түүлээх таҥастан оҥоһуллубут таҥастары көрүү тэрээһиннэрин көтүтүөхтэрэ суоҕа. Уонна оттон Кэрэ Куолар куонкурустара эмиэ үгүс киһини мунньара чахчы. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Солнечный олень» диэн Норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар этническэй муода бэстибээлэ ыытыллыаҕа.
Былырыын “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” диэн кыһыҥҥы туризм бэстибээлин тэрийээччи, Дьокуускай куорат дьаһалтатын мээрэ Айсен Николаев суруналыыстарга суолталаах тэрээһин таһыма сылтан сыл үрдээн иһэрин бэлиэтээн эппитэ:
— Кэлиҥҥи сылларга бэстибээл аан дойду таһымнаах буолла. Ол курдук, чартернай рейсинэн аҥаардас Японияттан Саха сирин тымныытын билсэ 95 киһилээх туристар бөлөхтөрө кэлэн бардылар. Бу бырааһынньык чэрчитинэн ыытыллар “Саха сирин амтана” гастрономия уонна хаар, муус оҥоһуктары оҥоруу бэстибээллэрэ аан дойдутааҕы таһымнаннылар. Холобур, муус оҥоһуктарга Кытайтан, Монголияттан, Голландияттан, Францияттан, Белоруссияттан, Башкортостантан, ити курдук киһи ааттыы туруон сөп, 31 хамаанда кыттыыны ылла. Оттон “Саха сирин амтана” гастрономия бэстибээлигэр Японияттан ааттаах-суоллаах ресторатор Сабуити Косаки кыттыыта сонун сүүрээнинэн буолла. Ол да иһин тэрийэр кэмитиэт чилиэннэрэ миигиттэн кэлэр сылтан «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл статуһун үрдэтэн, аан дойду таһымыгар таһаарарга этии киллэрдилэр.
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» диэн улахан суолталаах кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ саҕаланара нэдиэлэ кэриҥэ хаалла.
Онон, доҕоттор, Саҥа дьыл тыынын аҕалар күүтүүлээх бырааһынньык бырагырааматын үчүгэйдик үөрэтиҥ, ханна кимниин сылдьаргытын быһаарыныҥ уонна … үөрэ-көтө кыһыҥҥы бэстибээлгэ кыттыҥ!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриилэрэ.
Бу матырыйаалы оҥорууга «Эдэр саас» саайтан былырыыҥҥы ыстатыйаларбын, хаартыскаларбын туһанным.