Кыһын — «хюгге» кэмэ

26.12.2018
Бөлөххө киир:

Cаҥа дьылы кэтэһии бырааһынньыктааҕар ордук үчүгэй, күүтүүлээх, күндү курдук буолар. Оннук күндү кэтэһиини биһиги бэйэбит оҥоробут эбээт. Аан дойдуга «хюгге» диэн өйдөбүл киэҥник тарҕанан эрэр. Ол аата тугуй? 

“Хюгге” диэн тугуй?

Скандинавия дойдулара хотугу эргимтэҕэ сытар буолан, уһун, тыйыс кыһыннаахтар. Эмиэ эрдэ хараҥарар, хойут сырдыыр. Бу дойдулар олохтоохторо тыйыс усулуобуйаны тулуйарга бэйэлэрэ туспа ньыманы айбыттар.
Ол ньыма аата – “хюгге”. “Хюгге” диэн – олоххо дьол түгэннэрин сыаналааһын, кыраттан да дуоһуйуу. Киһи бэйэтин көмүскэллээх курдук сананар, таптыыр уонна таптатар, сөбүлүүр дьарыгын сайыннарар, олоҕун бэйэтэ тупсарар кыахтаах буоллаҕына — дьоллоох.
Социологическай ыйытыктар көрдөрөллөрүнэн, Дания олохтоохторо Европаҕа саамай дьоллоох дьон эбиттэр. Кинилэр дьоллоох буоларга, нус-хас турукка олорорго дьулуһаллар. Ону ситиһэргэ “хюгге” көмөлөһөр.
Аан дойду үрдүнэн билигин “хюгге” диэн тыл муодунай буолла. Данияҕа баар Дьолу чинчийэр институт дириэктэрэ, суруйааччы Майк Викинг «Hygge. Секрет датского счастья» диэн кинигэни суруйуоҕуттан, бу тиэмэҕэ интэриэс улаатан иһэр. Данияҕа оннооҕор дьоллоох буоларга үөрэтэр куурустар бааллар эбит.

Барыта — бэйэҥ илиигэр!

1.Дьиэҕэ сылаас эйгэни тэрийиҥ. Дания олохтоохторо дьиэлэрин чахчы көмүс ньээкэ уйаҕа кубулутарга кыһаллаллар. Киһи киэһэ ахсын дьиэтин ахтан кэлэрин, астына-дуоһуйа сынньанарын, дьоллоохтук сананарын курдук оҥостон-дьаһанан олороллор. Ордук кыһын буолла да, дьиэлэрин гирляндаларынан киэргэтэллэр, чүмэчилэри уматаллар. Таһырдьа хараҥа буоллаҕына, дьиэ иһэ сып-сырдык, сылаас буолуохтаах диэн эрэллээхтэр.
Таһырдьа төһө да хаар үллүктээтин, тымныы тыал улуйдун, ардах түстүн, дьиэ иһигэр минньигэс ас сыта тунуйар, дьэрэкээн уоттар умайаллар, дьиэ кэргэн бүтүннүү остуол тула мустан, күннээҕи сонуннарын кэпсэтэллэр, ыллыыллар-үҥкүүлүүллэр. Ол кэнниттэн сылаас суорҕаҥҥа сууланан олорон, итии чэй иһэ-иһэ, сөбүлүүр киинэлэрин көрөллөр. Бу – “хюгге”.

Түннүккэ сыттыктары ууран баран, онно олорон, итии чэйи, кофены иһэ-иһэ таһырдьаны көрөллөрүн, ыралыылларын, эбэтэр кинигэ ааҕалларын сөбүлүүллэр. Эбэтэр, камин иннигэр уоту көрө олорон, мас тыһыргыыр тыаһын истэ-истэ, кэпсэтэллэр. Киэһэ аайы мустан, остуол оонньууларын оонньууллар, остуоруйалаһаллар.


2. Ыалдьыттары ыҥырыҥ. Чугас дьоҥҥун кытары алтыһыыны, сылаас сыһыаны туох да солбуйбат.
Датчаннар чугас дьоннорун ыҥыран баран, ыксаабакка бииргэ ас астыылларын, аһыылларын, күлэ-үөрэ кэпсэтэллэрин, оонньуулларын сөбүлүүллэр. Холобур, өрөбүл аайы аймахтарын, доҕотторун ыҥыраллар. Минньигэс бөрүөктэри, хоруолуктаах рагулары буһараллар, итии глинтвейны, ууллубут сакалааты иһэллэр.


3. Таһырдьа сынньаныҥ. Датчаннар дьиэҕэ симиллэн олорботтор, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан хаалыктаах хаамаллар, хайыһардыыллар, сыыртан сырылыыллар, дьиэ кэргэнинэн хайалаах сиргэ турбазаҕа баран сынньаналлар. Аймахтарын, доҕотторун мунньан, үтүө үгэстэри олохтууллар.
Саха сиригэр элбэх үтүө үгэстэри олохтуохха сөп – бастакы ньургуһуну көрсүү, сааскы шашлык, Ньукуолуҥҥа айылҕаҕа тахсан сайыны көрсүү, луугу, кииһилэни, сир аһын хомуйуу, сибэккилээх сыһыыга хаартыскаҕа түһүү, сөтүөлээһин, көмүс күһүнү көрсүү, бастакы хаар бырааһынньыга, хаар киһини оҥоруу, чыычаахтары аһатыы, сыыртан сырылааһын, хайыһардааһын, хаҥкылааһын, хаалыктаах хаамыы…


4. Олоххо саамай үчүгэй, күндү сыаннастар босхо бэриллэллэр – чугас дьонуҥ таптала, куустуһуу-сыллаһыы, доҕоттор истиҥ сыһыаннара, ис сүрэхтэн бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү, үтүөнү оҥоруу, оҕоҥ мичээрэ, доруобай буолуу, айылҕа кэрэ көстүүлэрэ… Бу маны сыаналыыр буоллаххына – эн дьоллооххун. Дьол диэн үп-харчы, баай-дуол, дуоһунас буолбатах. Онон маннык судургу эрээри, дириҥ суолталаах түгэннэри сыаналааһын – “хюгге” көстүүтэ.
Оҕо сылдьан, сарсыарда уһуктаргытын санааҥ. Оһох оттуллан тыһыргыыр, араадьыйа саҥата, чаанньык оргуйан эрэрэ иһиллэр, минньигэс ас сыта кэлэр, ийэлээх аҕаҕыт ботур-ботур кэпсэтэллэр, наҕылыйан олорон, чэй иһэллэр. Онтон кэлэн сыллаан уһугуннараллар, онуоха атаахтаан, суорҕаҥҥар сууланаҕын… Бу маннык түгэннэр күндү өйдөбүл буолан иҥэн хаалаллар.


5. Сөбүлүүр дьарык. Киһи үлэттэн уонна дьиэтээҕи түбүктэн ураты дууһалыын сынньанар, уоскуйар, сөбүлүүр дьарыктаах буолуохтаах. Бу дьарык киһи айар дьоҕурун сайыннарар уонна улахан дуоһуйууну биэрэр буолуохтаах. Үлэҕэ уонна түбүккэ баттаппыт киһи олох үөрүүтүн билбэт буолан хаалар. Ол иһин сынньанары эмиэ сатыахха наада.

«Хюгге» ньымаларын тутуһан, олохпутун бэйэбит киэргэтиэхпитин сөп, оччоҕо дьол түгэннэрин үйэтитиэхпитин сөп.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0