Наталина Александровна Ильина идэтинэн инфекционист быраас. Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгиттэн төрүттээх. 2011 сыллаахха Саха-Бельгийскэй гимназияны бүтэрэн баран ХИФУ мэдиссиинискэй институтугар туттарсан киирбитэ. 2017 сыллаахха лечебнэй дьыала диэн хайысхалаах идэни баһылаан, ол сыл эбии үөрэхтээһиҥҥэ ординатураҕа инфекционист быраас идэтигэр киирбитэ. Билигин аспирантураҕа үөрэнэр. Кини үөрэммит хаапыдыратын сэбиэдэссэйинэн Снежана Слепцова диэн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр инфекционист быраас буолар. Бу уопуттаах, киэҥ билиилээх бырааска үөрэнэн эдэркээн Наталина 2019 сыллаахха инфекционист быраас идэтин баһылаабыта. Дойду үрдүнэн коронавирус дьаҥа өрө турбутугар, эдэркээн быраас кыыс тута кыһыл зонаҕа үлэлээн барбыта. Төһө да уустук буоллар, сана улэлээн эрэр исписэлиискэ улахан уопут этэ. Бүгүн Наталина Ильина кыһыл зонаҕа үлэтин туһунан санаатын үллэһиннэ.
ҮӨРЭХПИН БҮТЭРЭЭТ КЫҺЫЛ ЗОНАҔА АНАММЫТЫМ
Үөрэхпин саҥа бүтэрэн куорсун анньынан Саха сирин өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһатын инфекционнай салаатыгар үлэбин саҕалаабытым. Ол саҥа үлэлээн эрдэхпинэ, 2020 сыл кулун тутар ыйыгар коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыт бастакы киһи биһиги салаабытыгар эмтэнэ киирбитэ. Ыраах тас дойдуларга тарҕаммыт дьаҥ Саха сиригэр кэлбитигэр, биһиги, быраастар, бастаан наһаа долгуйбуппут, сэрэхэдийбиппит. Аан дойдуга барытыгар тарҕаммыт дьаҥ туһунан үөрэтэн, араас ыстатыйалары ааҕан, бу дьаҥтан хайдах харыстанары, ыалдьыбыт дьону хайдах эмтиири саҕалаабыппыт. Ол кэнниттэн үлэбитигэр коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыт киһини хайдах көрсүөхтээхпитин, лабораторияларга ПЦР анаалыһы хайдах ылары, төбөбүтүттэн саҕалаан атахпытыгар диэри хайдах быһыылаахтык таҥнары, кыһыл зонаҕа үлэлээн баран бэйэбитин дезинфекцияланарбытыгар кытта үөрэппиттэрэ. Уопсайынан инфекционист быраастар манныкка сыл аайы үөрэнэбит. Дьаҥ саҕаланыыта ый аайы ханнык эмтэринэн, хайдах быһыылаахтык эмтиирбит туһунан үөрэтэр методическай үлэлэр тахсаллар этэ. Бу үлэлэри ааҕан, олорунан сирдэтинэн үлэлээбиппит. Бу дьаҥ аан бастаан кэлбитигэр саҥа үлэлээн эрэр быраас буоламмын долгуйбутум. Онтон биир идэлээхтэрбит, Москва куоракка олорор академиктар, быраастар сүбэлэринэн, көмөлөрүнэн үлэбит сүнньүн өйдөөн испиппит. Дьаҥҥа хаптарбыт дьон урукку ыарыылара көбөрүн, эттэрин суоһа үрдүүрүгэр тиийэ Москваҕа баар биир идэлээхтэрбит интэриниэт ситимин нөҥүө суруйан, сүбэлээн, кинилэртэн хоруйдары ыла олорбуппут. Бастакы нэдиэлэ устата кыһыл зонаҕа үлэ кэмигэр дьиэбэр кэлэн дьиэ кэргэммин сыһыарыам диэн олус куттанарым. Онтон нэдиэлэ кэнниттэн өрөспүүбүлүкэбит Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин күүһүнэн уонна өйөбүлүнэн биһигини, кыһыл зонаҕа үлэлиир мэдиссиинэ үлэһиттэрин, гостиницаҕа олохтообуттара. Онно хайдах эрэ уоскуйбутум. Ол эрээри кырачаан оҕобун уһун ыйдар усталара көрбөккө сылдьарым, дьиэ кэргэммиттэн туспа олорорум ыарахан да буоллар, бу дьаҥ хаһан эрэ ааһыа диэн эрэл санаалаах түүннэри-күнүстэри үлэлээбиппит. Сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ диэри анал сабыылаах таҥастаах сылдьыы уустук этэ. Ол эрээри дьон үтүөрэн, эмтэнэн балыыһаттан тахсара биһиги санаабытын бөҕөргөтөр этэ. Ол да иһин буолуо, кыһыл зонаттан биир да быраас, биир да санитар ыарахантан чаҕыйан куоппатаҕа. Бары биир сүбэнэн, сааһыланан үлэлээбиппит, билигин да оннук үлэлии олоробут. Сэбиэдэссэйбит Владилена Васильевна Иванова диэн, оттон сүрүн бырааспыт Николай Николаевич Васильев диэн. Кинилэр салалталарынан биһиги күн бүгүнүгэр диэри кыһыл зонаҕа үлэлии сылдьабыт.
ИККИС, ҮҺҮС ДОЛГУННАР…
Коронавирус дьаҥын иккис долгуна биһиэхэ 2020 сыл күһүн кэлбитэ. Балаҕан ыйыгар аһара элбэх киһи ыалдьыбыта. Бу долгун олус атыннык уонна күүстээхтик кэлбитэ. Наһаа ыарахан туруктаах дьон балыыһаҕа киирэллэрэ. Тыыналлара наһаа ыарахан, эттэрин суоһа олох түспэт этэ. Ыарыы наһаа түргэнник тарҕанар буолан элбэх аҕам саастаах дьон ыараханнык ыалдьыбыттара. Онуоха урукк олохсуйбут быар, сүрэх, тыҥа ыарыылаах дьон ыарыылара бэргээн, дьаҥы бытааннык аһарынар этилэр.
Онтон үһүс долгун бу саас муус устарга саҕаламмыта. Эмиэ атыннык кэлбитэ. Эдэр дьон ыалдьыыта элбээбитэ. Биллибэккэ сылдьан баран түргэн баҕайытык өрө туран кэбиһэрин сөхпүппүт. Инфекционнай мин үлэлиир балыыһабар 200 куойкалаахпыт, ол куойкаларбыт барыта билигин толорулар. Маны таһынан балыыһабытыгар атын салаалар бааллар. Кыһыл, ыраас зонаҕа арахсаллар. Билигин даҕаны уопсай балаһыанньа ыарахан дии саныыбын. Үлэлээбиппит балтараа сыл буолан эрэр. Кыһыл зонаҕа араас идэлээх быраастар үлэлии сылдьабыт. Ахсынньы ый бүтүүтүттэн коронавирус дьаҥын утары вакцина туруоран саҕалаабыттара. Гамковидвак уонна Эпивак корона диэн вакциналар кэлбиттэрэ. Биһиги, быраастар биир бастакынан ылан саҕалаабыппыт. Антителабыт иммунитеты үөскэппитэ. Онон харысхаллаах буолан тохсунньу ый бүтүүтэ бары гостиницаттан тахсан дьиэ кэргэммитигэр төннүбүппүт.
КОРОНАВИРУС САҤА ШТАММА УОННА ВАКЦИНА
Билигин үгүс дьону саҥа штаммтан вакцина көмүскүүр дуо диэн ыйытыы долгутар. Мин тус көрүүбэр, вакцина кэнниттэн ыалдьыбаттар. Ыалдьар да буоллахтарына, ол биир дьиэ иһигэр сыстыһыыттан тахсыан сөп, эбэтэр бастакы вакцинаны ылан баран харыстаммакка иккиһи ылбыт түгэн эмиэ бэлиэтэниэн сөп. Ол эрээри вакцина ылан баран ыалдьыбыт дьон ахсаана олус кыра. Ыарыйдахтарына даҕаны чэпчэкитик, сэбиргэхтэтиитэ суох аһардаллар эбит. Онон вакцина ылыы туһалаах дии саныыбын. Нэһилиэнньэҕэ маассабай иммунитет үөскүөхтээх. Киһи барыта ыалдьарын кэтэстэххэ, олохсуйбут ыарыылаах дьоҥҥо охсуута күүстээх буолуон сөп. Вакцина кэмигэр толкуйдаммыта үчүгэй дии саныыбын, ити наһаа көмөлөөх. Вакцина кэннэ иммунитет үөскүүрүн билэбит. Түүннэри- күнүстэри кыһыл зонаҕа үлэлээн кэллибит. Хайдах сарсыарда таҥнан тахсыбыппытынан киэһэ хойукка диэри оннук сылдьабыт. Кыратык даҕаны арыый таҥаспытын аччатар эҥин диэн суох. Бу биһиги эрэ буолбатах, бүтүн дойду үрдүнэн кыһыл зуонаҕа үлэлиир мэдиссиинэ үлэһиттэрэ маннык усулуобуйаҕа сылдьабыт. Бэрчээкки, бэргэһэ, онтон көстүүммүт, көстүүм иһинэн анал туспа таҥас, респиратор, маска, иккис хос бэрчээкки, маны барытын кэтэбит, сылаас буоллун, тымныы буоллун устубаппыт. Биллэн турар, сылайыы баар. Тыынарга да ыарахан. Санитардар, сиэстэрэлэр сарсыарда эрдэ киирэн баран киэһэ хойукка диэри маннык сылдьаллар. Онон бу дьаҥ түргэнник ааһарын туһугар вакцинаны бары күргүөмүнэн ыларга кыһаллыҥ диэн санаабын тиэрдиэм этэ. Дьаҥ ааһан, этэҥҥэ урукку нус-хас олохпутугар төннүө этибит.
Түгэнинэн туһанан аспирантураҕа үөрэнэр хаапыдырам сэбиэдэссэйигэр Снежана Спиридоновна Слепцоваҕа уонна балыыһабыт сүрүн бырааһыгар Николай Николаевич Васильевка, сэбиэдиссэйбитигэр Владилена Васильевна Ивановаҕа махталбын тиэрдиэм этэ. Маннык киэҥ көҕүстээх, кэллэктииби түмэр дьон баар буолан бу уустуктары тулуйан, этэҥҥэ үлэлии сылдьабыт.
Ульяна Захарова, edersaas.ru
Хаартыска https://ria.ru/20200507/1571060726.html