“Кыһыл зонаҕа” үлэлиир төрөппүттэр оҕолоругар аналлаах бырайыагы биһирээтилэр
Быйыл “кыһыл зонаҕа үлэлиир миэдиктэр оскуоланы бүтэрэр оҕолорун, ХИФУ преподавателлэрэ, үрдүкү куурус устудьуоннара ыраахтан олорон босхо биир кэлим эксээмэҥҥэ бэлэмнээтилэр. Ил Түмэҥҥэ бырайыак түмүгүн таһаардылар.
“Саҥа оскуола” федеральнай бырайыак иитинэн “Кыһыл зона” миэдиктэрин оҕолоро: ЕГЭ-2021” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак үс ый устата үлээтэ. Бырайыагы Ил Түмэн билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата Феодосия Габышева көҕүлээн, салайан үлэлэттэ. Кини бастатан туран, ХИФУ ректора бырайыагы истээт тута өйөөбүтүн иһин махталын биллэрдэ.
— Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) биир курдук — тутулуга суох сыанабыл, иккис курдук — биһиги оҕолорбут инникилэрэ. Быйыл оскуоланы бүтэрээччилэргэ ордук уустук. Былырыын 10-с кылааска эмиэ уустук усулуобуйаҕа үөрэммиттэрэ. Быйыл ыраахтан олорон үөрэнии элбэх. Ол иһин “кыһыл зонаҕа” үлэлиир миэдиктэр оҕолоругар анаан бырайыагы үлэлэттибит. Бырайыак олоххо киирэригэр көмөлөспүт Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет преподавателлэригэр, устудьуоннарыгар махталбын биллэрэбин.
Сүрүннээн куорат, улуус киинин оҕолоро суруттаран дьарыктаннылар. Хомойуох иһин, ыраах, уустук айаннаах, учуутал тиийбэт нэһилиэк кыра оскуолаларын үөрэнээччилэрэ кыайан хабыллыбакка хааллылар. Биһиги маны хайдах эрэ гынан толуйуохтаахпыт. Хотугу, Арктика улуустарыгар сылдьан интэриниэт хаһан киириэҕин билистим, бу оҕолорго хайдах көмөлөһүөххэ сөбүн көрдүм-иһиттим.
Быйыл бырайыак боруобалаан көрүү (апробация) быһыытынан үлэлээтэ. Консультацияны 10 биридимиэккэ ыытарга былааннаабыппыт, сүрүннээн математика, нуучча тыла биридимиэттэрэ, — диэн Феодосия Габышева эттэ.
Үс ый устата ХИФУ 50-ча преподавателэ 8 хайысханан (подразделение) математикаҕа, нуучча тылыгар, литэрэтиирэҕэ, историяҕа, обществознаниеҕа, химияҕа, биологияҕа, физикаҕа, аангылыйа тылыгар, информатикаҕа “кыһыл зонаҕа” үлэлиир дьон быйыл 11-с кылааһы бүтэрэр оҕолорун биир кэлим эксээмэҥҥэ босхо бэлэмнээтилэр. Бырайыакка үрдүкү куурус усутудьуоннара эмиэ кытыннылар.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет проректора, педагогика билимин дуоктара Алексей Голиков тустаах бырайыак олоххо киирэн, оҕолор инники идэлэрин талар саамай тоҕоостоох кэмнэригэр, эксээмэҥҥэ бэлэмнэниилэригэр көмөлөстүгүт диэн бэлиэтээтэ. Университет волонтерскай бырайыагы салгыы өйүөҕүн эттэ.
СӨ уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ, билимҥэ, үөрэххэ, патриотическай иитиигэ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Вера Жерготова 2020-2021 сыл эпидемиологическай өттүнэн уустуктук ааспытын, маныаха бары даҕаны ханнык даҕаны түгэҥҥэ күүһү-кыаҕы түмэн үөрэҕи салгыыр, сайыннарар соруктаахпыт диэн ыйда. Инникитин учууталларга анаан нэдиэлэ курдук маастар-кылаастары ыытыахтарын сөп дуо диэн элбэх учуутал, онтон төрөппүттэр бырайыагы миэдиктэр оҕолоругар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэригэр тарҕатар кыаллар дуо диэн ыйыппыттарын тиэртэ.
Химия билимин кандидата, химия салаатын дассыана Светлана Степанова биир кэлим эксээмэҥҥэ оскуолаҕа нэдиэлэҕэ көрүллэр икки чаас устата бэлэмнэниигэ атыттары ситэн хаачыстыбалаахтык, үчүгэй баалга туттарар уустугун бэлиэтээтэ. Дьааҥы улууһун Сартаҥ уонна Эбээн Бытантай улууһун Кустуур оскуолаларыгар уруок ыыппытын, оҕолор үөрэххэ олус баҕалаахтарын, интэриэстээхтэрин кэпсээтэ. Уруокка учууталлар эмиэ олорбуттарын, кинилэр хайдах үөрэтэри, ханнык ыйытыылары туруорары билиэхтээхтэрин, уопсайынан, тыа сирин оскуолаларын кытта үлэлэһэрин эттэ. Профильнай кылаастарга нэдиэлэҕэ 8 чаас химияны анаан-минээн үөрэтэр оҕолору кытта, кинилэр 2 чаас дьарыктаналлара хайдах даҕаны тэҥнэспэтин, аҕыйаҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Онон эбии дьарыктар туһалаахтарын этэр. Лааҕыр дуу, мэдиссиинэ кылаастарын дуу быһыытынан эбии эрчийиэххэ сөп этэ диэн холобурдуур.
Педагогика билимин кандидата, информатика уонна вычислительнай тиэхиньикэ кафедратын дассыана Михаил Прокопьев киниэхэ аҕыйах, сүрүннээн куорат оҕолоро дьарыктаммыттарын иһитиннэрдэ итиэннэ: “Бырайыак идиэйэтэ үчүгэй. Өрөспүүбүлүкэни барытын хаппыппыт эбитэ буоллар. Тоҕо диэтэххэ, информатиканы математика, физика учууталлара үөрэтэллэр. Бу куһаҕана суох эрээри, быйыл информатика эксээмэнигэр олус элбэх саҥаны, 9 саҥа сорудаҕы киллэрдилэр, атыннык суоттаналлар. Балары эксээмэн туттарар элбэх оҕону кытта ырыппыппыт эбитэ буоллар интэриэһинэй буолуох этэ”, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Биология салаатын старшай преподавателэ Лидия Сыроватская биологияҕа сүүрбэттэн тахса оҕо суруппутун иһитиннэрдэ. Билиилэрин таһыма олус уратылаһарын, онон бөлөхтөргө арааран үөрэтэр ордук тиийимтиэ буолуоҕун ыйда.
Бырайыагы көҕүлээн, салайан ыыппыт Феодосия Габышева оҕолору босхо бэлэмнээбит преподавателлэргэ, устудьуоннарга кырааматалары, сэртипикээттэри туттарда. Инникитин быраактыка иитинэн уонна өҥөнү оҥоруу быһыытынан үрдүкү куурус устудьуоннара (сокуонунан көҥүллэнэр) эксээмэҥҥэ бэлэмниэхтэрин сөп этэ диэн эттэ. Саҥа идиэйэлэрдээхтэрин, бырайыактардаахтарын иһитиннэрдэ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Ил Түмэн пресс-сулууспата.