Сэбиргэхтэтэр дьаҥ туруутун кэмигэр урбаанньыттар үлэ саҥа көрүҥүн баһылаан эрэллэр.
edersaas.ru
Ол курдук, куорат иһигэр кыһыл суумкалаах киһи элбээбитин үгүспүт бэлиэтии көрбүт буолуохтаах.
Урбаанньыттар бу маннык суумкаларга пиццаны уган, сакаастаабыт дьон дьиэлэригэр тиэрдэн биэрэллэр. Куорат киинигэр автовокзал аттыгар турар «Бэкээринэ» бурдук аһы астыыр маҕаһыын-киоскаҕа ыксаабыт эдэр дьону батыһан киирдим. Аҕыйах интэриэһиргээбит ыйытыыбын биэрээппин кытта, дьонум сөбүлээбэтэхтии: «Эн ону тоҕо туоһуластыҥ?» — диэтилэр. «Суруналыыспын, ол иһин интэриэһиргиибин», — диэбиппэр: «Дастабырыанньаҕын көрдөр» диэн буолла. Суумкабыттан докумуоммун хостоон көрдөбүппэр, дьонум сирэйдиин-харахтыын уларыйаат, ирэ-хоро кэпсээн бардылар, хаартыскаҕа түһэрэрбин көҥүллээтилэр.
— Сүрүннээн пиица, шаурма сакастыыллар. Сакааһы ылаат, аспытын буһаран киирэн барабыт. Сылаас оһоххо лаваш буһара охсон, куурусса этин, оҕуруот аһын, быһата, тугу сакаастаабыттарын ууран баран, итиилии бакыакка угабыт.
Пиццаны тута оҥорон бэлэмнээн иһэбит. Сакааспытын эппит чаастарыгар баар гыныахпытын наада. Инньэ гымматыбыт да, тута атын фирмаҕа көһүөхтэрин сөп. Оннукка түбэһэн турабыт. Онон үлэбит түргэн-тарҕан хамнаныыны ирдиир, — диэн уолаттар уонна кыргыттар үлэлэрин оҥоро-оҥоро уочаратынан кэпсии турдулар.
Күҥҥэ 100-чэкэ сакаас киирэр эбит. Өрөбүллэргэ өссө элбиир үһү. Сакаастарын массыынанан тиэрдэн биэрэллэр эбит. «Сорох дьиэлэргэ лифт суох буолан, бэһис этээскэ тиийэ сүүрүүнэн сылдьабыт», диэн санааларын үллэстэллэр. Биир курьеры иккис солбуйа турар. Чаһы курдук үлэлииллэр. «Үлэлээх курдукпут да, сылаалаах. Наар биир эрэ ас көрүҥэ атыыга барар. Ол оннугар атын аспыт витринаҕа курсуйан турар», — диэт, пуобар уол үөһэ тыынар.
Урбаанньыттар үлэ саҥа көрүҥүн бэркэ баһылаатылар буолан баран, күрэстэһии (конкуренция) улахан быһыылаах. Хайыаххыный, ырыынак сокуона оннук буоллаҕа…
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.