Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит кыталык ахсаана отут сыл устатыгар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кыһыл кинигэҕэ киирбит кыталык ахсаана отут сыл устатыгар төһө элбээбитий?

Бэлиэтэнэринэн, бу кэм устатыгар 2,5 тыһ. кэриҥэ элбээбит. «Кыталык» национальнай паарка Кытайга «Озеро Поянг» айылҕа заповеднигын кытта үлэлэһэрин салгыы кэҥэтиэ. Меморандумҥа «Остров Врангеля» заповедник («Кыталык» паарканы салайар) уонна Кытайтан «Озеро Поянг» илии баттаабыттарын туһунан иһитиннэриигэ этиллэр.
«Саха сиригэр хоту уйа тутталларынан уонна Кытайга Поянг күөлгэ кыстыылларынан, «Сохранение восточной популяции белого журавля» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыагы олоххо киллэрии иитинэн, наука өртүнэн чинчийэр үлэни бииргэ ыытабыт. Кэнники чинчийиилэр түмүктэринэн, үчүгэй түмүктэр бааллара быһаарыллыбыта. Толкуйдаан көрүҥ, 30 сыл анараа өртүгэр бу көтөр 3000 эбит буоллаҕына, билигин биэс аҥаар тыһыынчаттан тахса«, — диэн бэлиэтиир СӨ Аҕа баһылыга Айсен Николаев.
«Остров Врангеля» судаарыстыбаннай заповедник дириэктэрэ Александр Груздев «Кыталык» Кыһыл кинигэҕэ киирбит көтөрдөргө ураты сир буоларын бэлиэтиир.»Меморандумҥа илии батааһын, икки өртүттэн кыталыгы харыстааһыҥҥа уонна ахсаанын аҕыйаппат туһугар, кыстыктарыттан төрөөн-ууһаан тэнийэр, элбиир сирдэригэр тиийэ сибээстээх үлэни ыытарга кыаҕы биэрэр. Итиэннэ Арассыыйа уонна Кытай наукаҕа үлэһиттэрэ хардарыта ыкса ситимнээх үлэлэрин судургутутар«, — диир Александр Груздев.

Санатан эттэххэ, Аллайыаха оройуонугар «Кыталык» национальнай паарка 2019 сыллаахха «Экология» национальнай бырайыак иитинэн тэриллибитэ. Паарка федеральнай статустаах уонна «Остров Врангеля» судаарыстыбаннай заповедник ФГБУ управлениетыгар киирэр. Сирин иэнэ 1,8 мөл.га.

Хаартыскалар: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0