Быйыл биллэриллибит Ийэ сылыгар уонна Саха АССР 100 сылыгар СӨ бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн, Саха сиринээҕи ЗАГС управлениетын уонна үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин кыттыгас бырайыактара — “Саха сирин кыһыл көмүс ыаллара” диэн сэттис кинигэ бэчээттэнэн таҕыста.
Бу кинигэҕэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 105 ыал киирдэ. Кинилэр элбэх оҕону төрөтөн, иитэн, үтүө дьон оҥортоон, атахтарыгар туруортаан, эһээ-эбээ буолар дьолун билэн, сирдээҕи олохторун аналын толорбут, 50, 60, 70 сыл бииргэ олорбут дьоһун ыаллар. Эдэр ыалларга үтүө холобур эрэ буолар кыахтаах саха мааны ыаллара, норуот киэн туттуута буолаллар.
Кинигэ киирии тылыгар Ил Дархан Айсен Николаев бу курдук суруйбута баар: “Бу кинигэҕэ киирбит хас биирдии ыал бэйэтэ туспа историялаах, олоххо ураты суоллаах-иистээх. “Саха сирин кыһыл көмүс ыаллара” кинигэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастыҥ ыалларын историяларын хомуйан, дьиэ кэргэн дьоллоох олоҕун кистэлэҥнэрин, сүбэлэрин, өр кэмнээх муударас уонна иллээх буолуу, бэйэ-бэйэни ытыктаһыы үтүө холобурдарын мунньан таһаарда”.
Холобур буолар дьоһун ыаллар
Кулун тутар 18 күнүгэр ЗАГС Дыбарыаһыгар кинигэни сүрэхтээһин буолбута. Манна киирбит дьоруойдары – 10 оҕолоох Дария Федоровна уонна Дмитрий Николаевич Яковлевтары, Хаҥалас улууһуттан 61 сыл бииргэ олорбут Мария Егоровна уонна Дмитрий Иванович Наумовтары, кыһыл көмүс сыбаайбаларын былырыын бэлиэтээбит Варвара Иосифовна уонна Степан Степанович Контоевтары, Ньурбаттан Ольга Федоровна уонна Василий Гаврильевич Ушкановтары, Дьокуускайтан интернациональнай дьиэ кэргэни — Татьяна Дмитриевна Ходулованы уонна Виктор Балжиминович Бадмаевы чиэстээһин буолла.
Кинилэр маанытык таҥнан, илии-илииттэн тутуһан, оҕолорун, чугас дьоннорун ортолоругар ЗАГС Дыбарыаһыгар Мендельсон маршынан доҕуһуоллатан киирэллэригэр, сибэкки дьөрбөтүн, бэлэх үтүөтүн туталларыгар өссө төгүл тоҕоостоох түгэн үүннэ.
Бастыҥ ыаллары вице-премьер Ольга Балабкина эҕэрдэлээтэ. «Мин төрөппүттэрбинэн, төрүттэрбинэн киэн туттабын. Хас биирдии киһиэхэ төрүттэрэ күүс-уох, бигэ тирэх биэрэллэр, бу төрүччү ытык маһа буолар. Эһиги дириҥ силистээх-мутуктаах, бигэ туруктаах дьиэ кэргэн тыыннаах холобурдара буолаҕыт. Маннык уустук кэмҥэ бигэ дьиэ кэргэттэр баар буолан, Арассыыйа модун күүстээҕин умнуо суохтаахпыт. Онон Саха сирин бастыҥ дьиэ кэргэттэрин түмэн киэҥ араҥаҕа таһаарбыккытыгар махтанабын”, — диэн кини эттэ.
— Эһиги ааккыт кыһыл көмүс буукубаларынан суруллан, өрөспүүбүлүкэ историятыгар киирдигит. Эһиги аттыгытыгар оҕолоргут, сиэннэргит бааллар — бу буолар, олоххут суолтата. Мас олортугут, онтугут силис-мутук тардан, үүнэн, элбээн барда – үйэлэр тухары чэчирии туруоҕа, аҕа, ийэ ууһа кэҥээн барыаҕа. Бу олоххо саамай суолталаах ол буолар. Киһиэхэ саамай күндүтэ, сыаналааҕа – дьиэ кэргэнэ, истиҥ-сылаас сыһыана, олоҕун устун бииргэ айанныыр чугас дьоно, — диэн Ил Түмэн дьиэ кэргэн, оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова эттэ.
Ону тэҥэ, РФ юстицияҕа министиэристибэтин управлениетын начаалынньыга Александр Бурханов, үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова, Дьокуускай куорат салалтатын уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат бэлиитикэтигэр управлениетын начаалынньыга Ирина Атласова, “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын бырабылыанньатын чилиэнэ Светлана Филиппова сылаас тылларын анаатылар.
Дьиэ кэргэн кистэлэҥэ
Биир дьоро түгэнинэн Дария Федоровна Яковлева холоонноох доҕоругар, кэргэнигэр анаан ис сүрэхтэн тахсар истиҥ хоһоону аахпыта, оттон оҕолоро бары түмсэн, ийэлээх аҕаларыгар анаан, махтанан, сүрдээх уйаҕас, нарын ырыаны ыллаабыттара буолла. Бу буоллаҕа, ийэ-аҕа дьоло – күҥҥэ көрбүт көмүс биэбэйдэрэ этэҥҥэ сылдьаллара, ыал буолан, оҕо төрөтөн, ууһаан-тэнийэн иһэллэрэ, төрөппүттэригэр таптал, махтал тылларын аныыллара…
Бастаан икки эдэр сүрэххэ тырымныы умайбыт таптал кыыма хас саҥа төрөөбүт оҕо ахсын сириэдийэ эбиллэн, сиэннэргэ бэриллэн, аны уонунан киһи сүрэҕэр күөдьүйэ умайара, сыллар аастахтарын аайы улаатан иһэрэ, саҥа олохтору саҕара, дьылҕаларын түстүүрэ – бу буоллаҕа, дьиэ кэргэн, саха ыалын сэмэй дьоло, сирдээҕи олоҕун кистэлэҥэ…
Түмүккэ
“Саха сирин кыһыл көмүс ыаллара” кинигэ аан бастаан 2008 сыллаахха тахсыбыта. Бу маннык ураты бырайыак дьоҥҥо наадалааҕа тута көстүбүтэ. Икки сылга биирдэ тахсар кинигэҕэ сүүсчэкэ ыал таҥыллан киирэр. Бу сыллар тухары кинигэ өрөспүүбүлүкэ бастыҥ ыалларын олохторун, духуобунай уопуттарын кэпсиир, история кэрэһитэ буолла.
Салайааччы санаата
“Аҕа көлүөнэ олоҕун баай уопутун тиэрдэр сыаллаах”
Тамара Кривошапкина, СӨ ЗАГС управлениетын салайааччы:
— 2008 сыллаахха Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитэ. Онно бастакы кинигэбит тахсыбыта. Кинигэ икки сылга биирдэ тахсар. Холобур, 2010 сыллаахха Улуу Кыайыы 65 сылыгар анаммыта. 2012 сыллаахха тыа сирин олохтоохторугар, 2017 сыллаахха ЗАГС управлениета төрүттэммитэ 100 сылыгар ананан тахсыбыттара. Бырайыак элбэх үлэни эрэйэр, тоҕо диэтэххэ, улуустааҕы ЗАГС отделларын кытары үлэлэһэбит. Кинилэр матырыйаал хомуйан, суруйтаран ыыталлар. Ону барытын мунньан, таҥан, сааһылаан, кинигэ кыһатыгар бэчээттэтэбит. Сыралаах үлэ түмүгэ.
Арассыыйаҕа ханна да маннык бырайыак суох, Саха сиригэр эрэ баар. Биир кинигэҕэ 100-чэкэ ыал киирэр буоллаҕына, номнуо 700-тэн тахса ыал олоҕо-дьаһаҕа, дьылҕата кэпсэнэр. Мээнэ дьон 50 сыл бииргэ олорон, олох аһыытын-ньулуунун амсайан, ыарахаттары туораан, этэҥҥэ кырдьар саастарыгар тиийбэт буоллахтара, онон бары да киһи холобур оҥостор үтүөкэн ыаллар киирэллэриттэн үөрэбит.
Бу кинигэни бырабыыталыстыба үбүлүүр буолан, ханна да атыыламмат, нэһилиэктэринэн, бибилэтиэкэлэринэн тарҕанар. Кинигэ суолтата, мин санаабар, наһаа улахан. Ситииилээх ыаллар бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ сыһыаннара, тапталларын харыстыыллара, оҕолорун хайдах ииппиттэрэ, олоххо көрүүлэрэ, муударастара, сүбэлэрэ-амалара – бу барыта аҕа саастаах көлүөнэ баай уопутун тиэрдэн, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолан хаалыахтаах.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИА.