Бүгүн, ыам ыйын 17 күнүгэр, Уус Маайа оройуонугар Култуура киэҥ уораҕайыгар кэргэннии Ульяна Васильевна, Валентин Васильевич Николаевтары чиэстээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.
edersaas.ru
Лоп курдук 50 сыллааҕыта эдэр дьон харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн таптаһан аал уоту оттунан, алаһа дьиэни тэринэр бигэ санаалаах сыһыаннарын сокуонунан бигэргэппиттэрэ.
Николаевтар икки кыыс оҕолоохтор. Ньургуйааналара — мусуой дириэктэрэ, Валериялара — үп управлениетын начаалынньыга.
Валентин Васильевич «Авиаохранаҕа» десантнигынан, онтон Ульяна Васильевна “Аргысмедстрах” фирмаҕа боломуочунайынан биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбитэ.
Ульяна Васильевна: “50 сыл бииргэ олорон, бириэмэни билбэккэ да хааллыбыт”, — диэн дьоллоох олоҕуттан бэрт сэмэйдик, кылгастык ахтар.
Ульяна Васильевна тарбаҕар талааннаах маастар быһыытынан улууһугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ биллэр-көстөр киһи. Кини көмүс тарбахтарынан быысабайдаабыт үлэлэринэн араас быыстапкаларга кыттан, дьон биһирэбилин ылан кэллэ.
Көмүс сыбаайбаалаах ыал билигин оҕолорун, сиэннэрин, аймах дьоннорун тапталларыгар уйдаран нус-хас олороллор.
«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Августина ХАБАРОВА