“Кыһыл баархат” диэн туорт – Эмиэрикэ дойдуларын куукунатын классиката, ол эбэтэр үгэскэ кубулуйбут бүлүүдэтэ. Дьиҥнээх аата — The Red Velvet Cake. Онно хас биирдии хаһаайка бу туорду сатыыр диэххэ сөп.
Кэнники кэмҥэ биһиэхэ эмиэ олус сэҥээриллэр буолла. Кып-кыһыл бискибииттээх уонна мап-маҕан кириэмнээх буолан, уратытык көстөр. Бискибиит кыһыл өҥүн аһы кырааскалыыр эбилик кутан ситиһэллэр. Бу минньигэс десерт сакалаат амтаннаах, кырдьык да, баархат курдук сып-сымнаҕас бискибииттээх.
“Кыһыл баархат” туорду оҥоруу, омос көрдөххө, ыарахан курдук эрээри, оҥорорго судургу соҕус.
Олус кэрэ, ураты туортары оҥорор Хаарчаана Иванова бүгүн edersaas.ru cайт ааҕааччыларыгар анаан, бу кэпсиир туорпут хайдах оҥоһулларын, бары кистэлэҥнэрин арыйан көрдөрүөҕэ.
Биһиэхэ наада:
3 сымыыт,
300 г. саахар,
230 мл. рафинированнай үүнээйи арыыта,
280 мл. кефир, сүөгэй эбэтэр йогурт,
2 ч. нь. кыһыл өҥнөөх, аһы кырааскалыыр гелевэй эбилик,
1 ст. нь. какао-бороһуок,
1/2 ч. нь. суода,
1 /4 ч. нь. туус,
2 ч. нь. разрыхлитель,
1 ч. нь. ванильнай саахар, эбэтэр ванилин кымааҕа,
300 г. бурдук.
Кириэмҥэ:
400 г. сливочнай сыыр (“Маскарпоне”),
300 г. 20-30%-наах чөчөгөй (сливки),
150 г. мэлиллибит саахар (буудара).
Хайдах оҥоробут:
1. Сымыыты саахары кытта хойдуор уонна өҥө маҥхайыар диэри миксеринэн ытыйабыт.
2. Кефиргэ суоданы кутан, үллүөр, күүгэннириэр диэри үчүгэйдик булкуйабыт.
3. Бу кэннэ кефиргэ гелевэй кырааскабытын кутабыт, булкуйабыт. Төһөнү кутаргыттан тэтэркэй, эбэтэр хараҥа кыһыл өҥнөөх буолара тутулуктаах. Онтон үүнээйи арыытын эбэн, үчүгэйдик булкуйабыт.
4. Туспа иһиккэ бурдугу сиидэлиибит, какао-бороһуогу, разрыхлители, бытархай тууһу кутан, булкуйабыт.
5. Бурдуктаах маассабытын ытыйыллыбыт сымыыкка сыыйа кутабыт. Тута кыһыл өҥнөөх, арыылаах кефири кутан баран, миксеринэн илдьирийиэр диэри ытыйабыт.
6. Бискибиит тиэстэтин икки гына аҥардаан баран, 20-22 см. диаметрдаах, уһуллар киэпкэ (формаҕа) кутабыт.
7. Тиэстэбитин 180 кыраадыска диэри итийбит духуопкаҕа 30-40 мүнүүтэ буһарабыт. Мас үтэһэни (зубочистка) батары анньан көрөбүт, кураанах буоллаҕына, бискибиит буспут.
8. Икки бискибиити сойутан баран, ортотунан туора быһан, аҥардыыбыт. Оччотугар 4 кыһыл корж тахсыахтаах.
9. Кириэми оҥоробут. Саахар буударатын сливочнай сыыры кытары булкуйан, кыратык ытыйа түһэн ылабыт.
10. Чөчөгөйү миксеринэн хойдуор диэри ытыйан баран, буударалаах сливочнай сыырбытын кытта булкуйабыт. Кириэм бэлэм!
11. Туорпутун тимир кондитерскэй киэп (кольцо) иһигэр уурталыыбыт. Бискибиит ханан эрэ үллүбүттээх буоллаҕына, быһаҕынан быһан кэбиһэбит. Бискибиит үрдүгэр кириэми тэҥник кутан сыбыыбыт, кытыытыгар кондитерскэй испирииһинэн төгүрүктэри оҥоруохха сөп. Ол курдук, түөрт бискибиит быыһын барытын кириэмниибит.
12. Туорт үрдүн хайдах баҕарар киэргэтиэххэ сөп. Мастикаттан сибэккилэри оҥорон, эбэтэр сибиэһэй отоннорунан, бэчиэнньэнэн, сакалаатынан, зефиринэн, уо.д.а. киэргэттэххэ, олус кыраһыабайдык көстөр. Холобур, Хаарчаана ыаҕайа туорт оҥорбут, быстахха, иһэ – “кыһыл баархат” бискибиит. Туорт киэргэтиллэн баран, холодильникка 3-4 чаас хайаан да туруохтаах.
Хаһаайкалар, маннык ураты туорду оҥорон, бырааһынньыккытын киэргэтиэххитин, чугас дьоҥҥутун сөхтөрүөххүтүн, үөрдүөххүтүн сөп. “Киһи сатыырын киһи сатыахтаах!” диэн девиһинэн салайтардахха, туохха барытыгар үөрэниэххэ сөп!
Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Салгыы «кыһыл баархат» туорду хайдах киэргэтиэххэ сөбүн манна көрүҥ: