Кыһыҥҥы каникулга – муораҕа босхо путевка!

11.02.2019
Бөлөххө киир:

Айхаллааҕы хайаны байытар кэмбинээт уонна «Профалмаас» идэлээх сойуус “АЛРОСА” хампаанньа үлэһиттэрин оҕолоругар Хара муора кытылыгар кыһыҥҥы каникулларыгар баран сынньанар 25 путевканы буор босхо биэрэн, 9-14 диэри саастаах оҕолор Геленджик бухтатыгар турар «Голубая волна» санаторийга баран доруобуйаларын бөҕөргөтүнэн кэллилэр.

edersaas.ru

Баай-талым шведскэй остуолга күҥҥэ үстэ аһаан, бассейнҥа сөтүөлээн, эти-хааны эрчийэр саалаҕа дьарыктанан, Саҥа дьылы Геленджик сүрүн харыйатыгар көрсөн, остуоруйа эйгэтигэр киирэн, канатнай суолунан хайаҕа тахсан, үөһэттэн куорат чаҕылыһар уоттарын көрөн, хаһан да умнуллубат өйдөбүл хаалла. Сафари-пааркаҕа, дельфинарийга 200 киилэттэн тахса ыйааһыннаах муоржалар көрөөччүлэри аралдьыталларын көрөн сөхтүлэр. Аан дойдуга саамай уһун кытыллаах Геленджик куорат устун бэлэсипиэт тэптилэр. Оттон дойдуларыгар тохсунньу -40С тоһуттар тымныытын саамай үгэнэ сатыылаан турар кэмигэр.

Гидромассаж уонна антистресс           

Мария Прокопьева, 2011 сылтан “АЛРОСА” хампаанньа Айхаллааҕы хайаны байытар кэмбинээт оробуочайдары аһатар сыаҕыгар үлэлиир. Идэтинэн кассир-повар,  Сибиирдээҕи потребкооперация университетын бүтэрбитэ. Кэргэннээх, Никита диэн бэһис кылааска үөрэнэр биир оҕолоох.

«Кыһыҥҥы каникул кэмигэр Хара муора кытылыгар Геленджик куоракка сынньана барарга путевка биэрэбит диэн идэлээх сойуустан төлөпүөнүнэн эрийэн эппиттэрэ. Биһиги толкуйданыахпытын, 25 эрэ путевка баар, эһиэнэ 24-үс  диэн буолбута. Айан ороскуотун аҕабыт үлэтигэр эмиэ төлөөбүттэрэ. Онон уолбут соҕуруу буор босхо баран кэллэ. Оҕолор сафари-пааркаҕа, дельфинарийга, киинэҕэ, тыйаатырга сылдьан астынан-дуоһуйан, кэпсээннэрэ билигин да бүппэт. Ол төлөбүрүн эмиэ хампаанньа идэлээх сойууһа төлөөбүтэ.

Сарсыарда өттүгэр доруобуйаны бөҕөргөтөр араас процедураҕа сылдьаллар, онтон эбиэт кэнниттэн экскурсияҕа бараллар эбит. Бэлэсипиэт уларсыкка ылан, муора кытылынан ыраахха диэри тэбинэллэр.

Уһук хоту тымныы тыйыс айылҕалаах сиргэ олорор оҕо барыта кэриэтэ күөмэйдэрэ ыалдьар, сотору-сотору тымныйаллар, ол-бу гириип, дьаҥ элбэх. Ол иһин санаторийга тиийэн, фитобарга эмтээх оттон чэй, кислороднай утах иһэн, муора уулаах сылаас бааннаҕа киирэн, гидромассажтанан, антистресс анал бырагырааманан сылааларын таһааран, күүс-уох эбинэн кэлбиттэрэ. Атахтарын тилэҕин кытта ролигынан илбийбиттэр», — диэн кэпсиир Никита ийэтэ Мария Александровна.

Путевка 65% тэрилтэ төлүүр

“АЛРОСА” хампаанньа идэлээх сойууһугар кини 2012 сыллаахха киирбитэ уонна босхо путевканан аан бастаан бу кыһын туһанна. Сайын муораҕа сөтүөлүү, сынньана, доруобуйаны бөҕөргөтүнэ барарга тэрилтэ путевка улахан аҥаарын төлүүр, оттон үлэһит 35% уйунар дииллэр даҕаны, эдэр ыал оннук чэпчэтиинэн биирдэ даҕаны туһана илик.

«Идэлээх сойуус көмөтө дьиҥэ улахан. Ыксал тирээтэҕинэ харчынан көмө биэрэллэр, ол кээмэйэ хамнаскыттан тутулуктаах. Эмтэнэ барар дьоҥҥо ол ороскуотун эмиэ төлүүллэр. Доруобуйалара мөлтөөбүт дьон диагностарын чуолкайдата Новосибирскай, Томскай килииникэлэригэр үрдүк технологиялаах чинчийэн көрүүнү ааһаллар. Ким баҕалаах, онно эмтэнэр.

Ону таһынан, манна бассейнҥа сылдьарга босхо абонемент биэрэллэр даҕаны, мин биирдэ даҕаны ылбатаҕым, үөрэхпэр барар-кэлэр, онно бэлэмнэнэр буолан, иллэҥ бириэмэ да суох курдук», — диир Никита ийэтэ.

Сынньана баралларыгар айан төлөбүрүн икки сылга биирдэ дьиэ кэргэҥҥэ барыларыгар төлүүллэр. 25 күннээх путевка сыанатын 65%  тэрилтэ уйунар, онно санаторийга олорон эмтэнэриҥ, аһылыгыҥ барыта киирэр. Хампаанньа үлэһиттэрэ үксүн Краснодарскай кыраай куруортарыгар, Хара муора кытылыгар сынньаналлар.

Сайын дойдубутугар сынньанарбытын сөбүлүүбүт

Альберт Томскай, “АЛРОСА” хампаанньа Айхаллааҕы хайаны байытар кэмбинээт 14 №-дээх фабрикатыгар энергетическай учаастак маастара.

Светлэй бөһүөлэгэр баар техникуму туйгуннук үөрэнэн бүтэрэн, манна үлэҕэ 2011 сыллаахха ананан кэлбитэ. Кэргэннээх, икки уол оҕолоох. Улахан уол Эльдар 4 кылааска үөрэнэр, быйыл Геленджиккэ кыһыҥҥы каникулугар сынньанан, онно Саҥа Дьылы көрсөн кэлбитэ.

«Идэлээх сойуус путевканы босхо биэрбитэ, оҕолор туттар эрэ харчыларын илдьэ барбыттара. Путевкаҕа уочарат суох, биһиэхэ whats upp бөлөҕөр 9-14 саастарыгар диэри оҕолор бөлөхтөрүн хомуйабыт диэн биллэрии ыыппыттара. Онно эппит төлөпүөннэригэр эрийэн суруйтарбыппыт.

Ити «Голубая волна» санаторий биэдэмистибэ киэнэ буолбатах, ол ороскуотун тэрилтэбит уйунар. Мин идэлээх сойууска үлэҕэ киириэхпиттэн баарбын, дьиэ-уот атыылаһарга, сайын соҕуруу сынньана барарга эргиччи көмөлөрө-туһалара элбэх. Биһиги дьиэ кэргэн биирдэ даҕаны ол путевканан туһамматахпыт, сайын буолла да дьоммутугар дойдубутугар баран айылҕаҕа сылдьан сынньанарбытын, балыктыырбытын, сир астыырбытын сөбүлүүбүт. Бу сайын уоппускабыт суох буолан, үлэлиибит, оҕолор эбээлэрин-эһээлэрин аахха тыа сиригэр барыахтара», — диэн кэпсиир ыал аҕата Альберт Дмитриевич.

Идэлээх сойуус эргиччи туһалаах

Онон идэлэрин сүнньүнэн биир түмсүүлээх дьон халыҥ хаххалаах, суон дурдалаах, олох араас кэмигэр көмүскэллээх буолаллар. Манык үчүгэй усулуобуйалаах үлэҕэ киһи эрэ үлэлии киириэн баҕарар. Ыраахтан,  “АЛРОСА” диэни истэн, тыа оҕото ол хаһан миигин онно ылыахтарай дии саныыр даҕаны, онно үлэлии сылдьар саха эдэр дьонун кытта кэпсэтэн көрдөххө, бары тус-туһунан үөрэхтээхтэр, араас идэлээхтэр. Ким техникум, ким үрдүк үөрэх кэнниттэн кэлэр. Этэллэрин курдук, баҕалаах киһиэхэ аан хаһан баҕарар аһыллан биэрэр.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0