Кыһыҥҥы хаһаас (ураты ырыссыаптар)

25.08.2017
Бөлөххө киир:

Быйыл быйаҥнаах сайын ааста. Төһө да уот, халаан моһуоктаатар, от даҕаны, сир аһа, оҕуруот аһа даҕаны өлгөмнүк үүннэ.

Күһүн буолан, хаһаайкалар билигин сааскы, сайыҥҥы үлэлэрин түмүгүн таһаарар, быйаҥы баһан ылар кэмнэрэ үүннэ. Оҕуруот аһын кэнсиэрбэлээһин, кыһыҥҥыга хаһааныы саҕаланна. Көннөрү тууһааһынтан ураты, оҕуруот аһыттан барыанньаны, икраны, салааттары, о.д.а. оҥорон, битэмииннэри хаһааныахха сөп.

“Ассорти” салаат

Састааба:

Хаппыыста – 1 киилэ,

 Моркуоп – 1 киилэ,

Луук – 1 киилэ,

Помидор – 1 киилэ,

Мэлиллибит хара биэрэс — 0.5 ч.нь.,

Туус — 3 ост. нь.,

Саахар — 3 ост. нь.,

Уксуус  — 1 ост.нь.,

Мас арыыта — 500 мл.

Оҥоһуллар кэмэ: 1,5 чаас.

Хаппыыстаны кыра гына кырбыыбыт. Моркуобу уһун синньигэстии, луугу төгүрүктүү, помидору хаҕын ыраастаан баран, кыра гына кырбыыбыт. Булкуйан баран, балтараа чаас кэриҥэ мөлтөх уокка буһарабыт. Бүтэрин диэки биэрэһи, саахары, тууһу кутабыт. Бэлэм бааҥкаларга кутан баран, уксууһу эбэбит уонна хаппахтыыбыт. Таҥнары тутан, сойутабыт. Ол кэннэ сөрүүн сиргэ уурабыт. Бу салаакка “стерилизация” наадата суох. Арыытын бэйэҕит көрөн, аҕыйатыаххытын сөп.

Хачыгырас оҕурсу

Састааба:

Оҕурсу – 2 киилэ,

Хрен — 9 г.,

Моонньоҕон сэбирдэҕэ, укроп – бэйэҥ билэргинэн.

Чеснок — 8 өлүүскэ,

Туус — 3 ост.нь.,

Уу.

Оҥоһуллар кэмэ:  4 күн.

Орто кээмэйдээх оҕурсулары сууйан, төрдүн-төбөтүн быһабыт. Бааҥкаҕа хрен уонна моонньоҕон күөх сэбирдэхтэрин быһыта тыытан, укробу, чесногу уурабыт. Оҕурсулары онно туруору симэбит, быыһыгар сэбирдэхтэри, чесногу кыбытарбытын умнубаппыт.

Ороһуолун бэлэмниибит: биир үс лиитэрэлээх бааҥкаҕа үс ост. ньуоска туус сөп буолар, ууга суурайан баран, оҕурсуулаах бааҥкабытыгар кутабыт. Маарыланан саба баайан баран, үс күҥҥэ ууран кэбиһэбит. Үс хонон баран, ороһуолун көстүрүүлэҕэ сүөкээн баран, 15 мүнүүтэ оргутабыт. Итии ороһуолу төттөрү бааҥкаларга кутабыт. Сарсыныгар ороһуолун эмиэ сүөкээн, туспа оргутабыт уонна бааҥкаҕа кутан, сабан кэбиһэбит. Бааҥкалары таҥаһынан суулаан баран, сойуор диэри туруорабыт, онтон хараллар сөрүүн сирин булларабыт.

Бу маннык оҕурсулар олус хачыгырас, минньигэс буолаллар.

Күөх помидортан, биэрэстэн икра

Састааба:

Күөх помидор – 3 киилэ,

Болгарскай биэрэс — 6 уст.,

Луук — 0.5 киилэ,

Моркуоп — 1 киилэ,

Мас арыыта — 250 гр.,

Саахар — 150 гр.,

Туус, мэлиллибит хара биэрэс – бэйэҥ билэргинэн,

Биэрэс (горошек) — 2 уст.,

Уксуус — 3 ост.нь.

Оҥоһуллар кэмэ: 2 ч.

Оҕуруот аһын сууйан, кырбыыбыт. Моркуобу, луугу ыраастаан баран, мясорубканан, эбэтэр блендеринэн эрийтэрэбит уонна эмаллаах иһиккэ кутабыт. Тууһу, саахары эбэбит. Мөлтөх уокка 1,5 чаас устата булкуйа-булкуйа буһарабыт. Буһара 10 мүнүүтэ хаалбытын кэннэ хара биэрэһи, мас арыытын уонн уксууһу кутабыт.

Бэлэм икраны стерилизацияламмыт бааҥкаларга кутан, хаппахтаан баран, сойута уурабыт.

Күһүн тэпилииссэҕэ күөх помидор ордон хааллаҕына, маннык эмиэ хаһааныахха сөп.

Кабачоктан барыанньа (лимоннаах)

Састааба:

Кабачок — 1.2 киилэ,

Апельсин — 500 гр.,

Лимон — 150 гр.,

Саахар — 1 киилэ.

Оҥоһуллар кэмэ:  6 ч. 25 мүн.

Кабачогу сиэмэтин, хаҕын ыраастаан баран, мясорубканан эрийтэрэбит. Апельсиннары уонна лимоннары оргуйа турар уунан саба ыһабыт, хахтаабакка эрэ, өлүүскэлэргэ араартаан баран, эмиэ мясорубканан эрийтэрэбит. Кабачогу кытары булкуйан баран, саахары кутабыт. 1,5-2 чаас устата саахара ууллуор диэри, туруора түһэбит.

Онтон оргутан баран, мөлтөх уокка 15 мүнүүтэ булкуйа-булкуйа буһарабыт. Барыанньа сойбутун кэннэ, эмиэ иккитэ буһарабыт (15-тии мүнүүтэ). Барыанньа бэлэм буолбутун маннык бэрэбиэркэлиэххэ сөп: морозилкаҕа бүлүүһэни уонча мүнүүтэҕэ ууран баран, хааппыланы түһэрэҕит, тэнийбэт, ньалҕарыйбат буоллаҕына, бэлэм буолбут. Стерильнэй бааҥкаларга барыанньаны кутан баран, хаппахтаан кэбиһэбит.

Кабачоктан лимоннаах барыанньа олус минньигэс буолар.

Кууруссаттан тушенка

Cастааба:

Куурусса — 1 уст.

Уу — 1

Желатин — 1

Моркуоп — 2

Сельдерей — 50

Петрушка силиһэ — 1

Туус.

Оҥоһуллар кэмэ:  2 ч. 10 мүн.

Бэйэ оҥорбут тушенката минньигэс уонна иҥэмтиэлээх, туох да атын эбилигэ суох. Кууруссаны төбөтүн, атахтарын арааран, иһин хостоон, кырбастаан баран, миинниибит. Күүгэнин холбуйан ылабыт. Онтон улахан көстүрүүлэҕэ куурусса этин эрэ уган, бульону кутан, буһара уурабыт. Сельдерейи, петрушканы, тууһу, биэрэһи (горошек) эбэбит.

Желатины сойбут бульоҥҥа булкуйабыт, онтон мииҥҥэ кутан кэбиһэбит. Этин хостоон ылан, бааҥкаларга угабыт, желатиннаах миини кутабыт. Кэнсиэрбэлээһиҥҥэ анаммыт тимир хаппахтарынан ыга сабан баран, оргуйа турар уулаах көстүрүүлэҕэ уган, балтараа чаас “стерилизациялыыбыт”.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0