Ыраах айаҥҥа уонна ураты килиимэттээх атын дойдуга барарга доруобуйаҥ туруга хайдаҕын билиэххэ наада.
Барар сириҥ килиимэтэ, аһылыга, дьаҥтан-дьаһахтан сэрэтэр быһыылары ылыы, сыстыганнаах уонна паразитарнай ыарыылартан харыстыыр эмтэри ылар наадата, наадата суоҕа барыта учуоттаныллар. Онуоха доруобуйаны үчүгэйдик көрдөрүллэр уонна быраастан көҥүл ылыллар. Бу, чуолаан ааһан-араҕан биэрбэт ыарыылаах дьоҥҥо, оҕо күүтэр ийэлэргэ уонна кыра оҕолордоох төрөппүттэргэ сыһыаннаах.
edersaas.ru
Манна даҕатан эттэххэ, билигин Азия дойдуларыгар, Африкаҕа уонна Соҕуруу Америкаҕа холера, чума, тоҥон-тиритэн ыалдьыы (лихорадка), тииһиктээх ыарыы (малярия) уо.д.а. дьаҥ элбэҕэ бэлиэтэнэр. Европа дойдуларыгар ВИЧ-инфекция киэҥник тарҕаммыт.
Туристары кытары үлэлиир фирмалар омук сиригэр барар дьон сыстыганнаах уонна пара-зитарнай ыарыылартан сэрэнэллэригэр сүбэ-ама биэриэхтээхтэр. Тоҥон-тиритэн ыалдьыы (лихорадка) баар дойдуларыгар айанныаҥ иннинэ быһыы ылбытыҥ кэнниттэн бу ыарыыны утары быһыы ылбытыҥ туһунан аан дойдутааҕы сибидиэтэлистибэни биэрэллэр.
Оттон (тииһиктээх ыарыы) малярия элбэх дойдутугар айанныах иннинэ быраас сүбэтинэн тустаах эмтэри иһиллэр. Дифтерия, столбняк, вирустаах гепатит, менингококковай инфекция уо.д.а. курдук сыстыганнаах ыарыылартан сэрэнэр туһуттан олорор сиргинэн поликлиникаларга эмиэ быһыы ылыахха сөп.
Уруккуттан биллэр ыарыылаах киһи ыарыытын тииһигэ киирбэтин туһугар, эмин илдьэ сылдьара ордук. Күн сыралҕаныттан харыстанар кириэмнэри уктаргын умнума. Ону сэргэ, үөн-көйүүр ытырарыттан харыстыыр сириэстибэлэри ылар наада.
СЫННЬАНАР СИРГЭР КЭЛЭН БАРАН
Күн уота уонна олус итии салгын эн доруобуйаҕар дьайбатын курдук, натуральнай матыры-йаалтан тигиллибит чэпчэки таҥаһы, төбөҕө сэлээппэ эбэтэр былаат, күнтэн харыстыыр ачыкыны кэтэргэ, тириини харыстыыр кириэминэн сотторго сүбэлииллэр. Ууну элбэхтик иһиллэр, ол оннугар арыгылаах утаҕы аҕыйатыллар.
Кыылы-сүөлү тутартан-хабартан ордук сэрэхтээх буолуллар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр сыстыганнаах уонна паразитарнай ыарыылары үөскэтээччилэринэн буолаллар. Өскөтүн ханна эмэ сылдьан тириигин дьуккуруттаххына эбэтэр кыыл ытырдаҕына, ол сири мыылалаах уунан сууй уонна бырааска баран, ииримтийиини, столбнягы утары быһыыта ыл.
Сорох балыктар лапчааннарыгар тэһэ астарар эмиэ куттал¬лаах. Былахы, клещ, кумаар, күлүмэн, оҥоойу уонна сахсырҕа сыстыганнаах ыарыылары тарҕаталлар.
Илиигин уонна атаххын бүтүннүү сабар таҥастаах, үөнү-көйүүрү үргүтэр сириэстибэлэрдээх сырыт. Биирдиилээн дьонтон түүлээх, тирии таҥастары, кыыллары уонна көтөрдөрү атыылаһыма.
Олорор хоскор кумаар, былахы, кэрбээччи үөн баарын биллэххинэ, тута олорор сириҥ хаһаайыттарыгар биллэр.
АЙАННААН КЭЛЛЭХХИНЭ
Сынньаммыт сиргиттэн дойдугар кэлэргэр сөмөлүөккэ “Арассыыйа Федерациятыгар кэлээччи анкетатын” толорто¬руохтарын сөп. Анкетаҕа толорор сибидиэнньэлэриҥ ураты кутталлаах сыстыганнаах ыарыылар өрө турууларын утары охсуһар дьаһаллары суһаллык ыларга наадалар. Онон, анкетаҕа туох баар графаларга олорор эбэтэр быстах түспүт сириҥ аадырыһын, үлэлиир уонна дьиэтээҕи төлөпүөҥҥүн чуолкай буочаргынан суруйуоххун наада. Омук сириттэн кэлэргэр РФ кыраныыссатыгар илдьэ иһэр малгын-салгын (ордук тирии уонна түүлээх таҥастары) таможняҕа сирийэн көрөллөр. Кыыллары уонна көтөрдөрү аҕаларгар сылдьыбыт сириҥ ветеринариятын судаарыстыбаннай сулууспата биэрбит сибидиэтэлистибэтэ баар буолуохтаах.
Атын сиртэн айаннаан кэлбитиҥ кэннэ тоҥор-титириир, хотуолуур, өҕүйэр, убаҕаһынан ыытар, хааннаах силинэн сөтөллөр буоллаххына итиэннэ тириигэр уонна салыҥнаах бүрүөҕэр ымынах таҕыстаҕына, суһаллык бырааска көрдөрүн. Өскөтүн эн титириир ыарыы (малярия) элбэх сиригэр сылдьыбыт буоллаххына уонна хаһан баҕарар кыраадыһыҥ таҕыстаҕына, бырааска көрдөрөргүн уонна тропикка сынньаммытыҥ туһунан этиэхтээххин умнума (ол эбэтэр, үс сыл устата кэтэниллэр). Бу ыарыыны кэмигэр быһааралларыгар уонна эмтииллэригэр наадалаах.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
хаартыска Интэриниэттэн ылылынна