Кыһалҕаттан кыһыл зонаҕа сытабын…

Бөлөххө киир:

Саха сирин бочуоттаах кырдьаҕаһа Ян Алексеевич Яковлев вакцина ылан, бу дьаҥтан харыстанным диэн этэр.

Бу дьаҥ күүстээхтик хам ылан, кумалаан ситэри сиэҕин вакцина туһалаан, олус үөрэн туран бэйэтин санаатын биир дойдулаахтарыгар тиэрдэр:
— Ахтар-саныыр биир дойдулаахтарым, ыарахан ыарыыга ыалдьан баран тыыннаах тахсан эрэрбиттэн үөрэн, долгуйан, бар дьоммор ыҥырыы суруйбуппун эһиэхэ аныыбын. Вакцинаны хайаан да ылыҥ. Кэтэһэ сылдьымаҥ. Эһиги эрэгийиэн быһыыны ылыыга тиһэх миэстэҕэ сылдьаҕыт.
Күһүҥҥү чаҕылхай кэмнэргэ
Кыһалҕаттан эмтэнэ сытабын,
Сытабын хамсыкка хаптаран
Кыһыл зуонаҕа киирэммин.
Хабыр ыарыы хамсык
Хаарыйда элбэх дьону,
Алдьархайдаах ыараханнык
Аймаата аан дойдуну,
Харыстаата миигин хамсыктан
«Спутник” диэн ааттаах быһыы,
Быыһаата миигин өлүүттэн —
Арай соҕотох быһыы,
Уруй буоллун учуонайдарга
Улуу айыыны оҥорбуттарга,
Айхал буоллун быраастарга
Үгүс дьон олоҕун быыһаабыттарга.
Харыстыаҕа мэлдьи хамсыктан
Арай соҕотох быһыы,
Быһыыны ылартан куттанымаҥ,
Быһыы эрэ эһигини быыһыаҕа!

Ян Яковлев хоһооно.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0