Оҕуруктаах өйдөөх, дьону аһыммат түөкүттэр угаайыларыгар аны соҕотох ийэ киирэн биэрдэ.
Дьокуускай куорат полициятыгар 27 саастаах дьахтар эрийэн, албыҥҥа киирэн биэрбитин, түөкүттэр кинини отоойкоҕо олордубуттарын туһунан сайабылыанньа киллэрбит.
Полицейскайдар барыллаан быһаарыыларынан, бу эдэр ийэ икки кыра оҕотун соҕотоҕун иитэр, ол иһин харчытыгар тиийиммэт буолан, кирэдьиитин кыайан төлөөбөккө, бааннар киниэхэ иэс биэрэртэн аккаастанар буолбуттар.
Ол кыһалҕаҕа ыллара сылдьан, биир социальнай ситимҥэ биллэрии түбэһэн аахпыт — бааннар эрэлэ суох клиеннэрин ахсааныгар киирбит дьоҥҥо кирэдьиит ыларга көмөлөһөллөрүн туһунан. Дьахтар онно ыйыллыбыт нүөмэринэн батсаап нөҥүө сибээстэспит.
Суруйса түһэн баран, «баан үлэһитэ» кирэдьиит биэрэр буолбуттарын, ол иһин 7500 солк. сууммалаах «страховой чааһын» мобильнай баан нөҥүө төлүүрүгэр эппит. Дьахтар ону толорбут. Түмүгэр, финансовай балаһыанньатын өссө ыараппыт.
Бу чахчынан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытылларын туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Полиция өссө төгүл сэрэтэр: билбэт дьоҥҥутугар, бука диэн, итэҕэйимэҥ, харчыгытын ыытымаҥ!
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.