«Кванториум» оҕо технопаарката аһыллыа

Бөлөххө киир:

Тыа сиригэр оскуола тутуута хаһан баҕарар өр күүтүүлээх улахан бырааһынньык. Сорох кытыы нэһилиэктэр тутууну сылы-сыллаан күүтэллэр. Кэлэр үс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ «Үөрэх» национальнай бырайыакка 4036,2 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. Онон улуустарга саахалланар туруктаах 45 эргэ оскуола саҥардыллан биэриэ.

edersaas.ru

Ол эрэн, СӨ экэниэмикэҕэ миниистирин солбуйааччы Василий Десяткин этэринэн, 2021 сылга 250 миэстэлээх биир эрэ оскуола тутуллуо. Өссө 45 эргэрбит оскуоланы нацбырайыакка киллэрэн, саҥардыы үлэтэ барыахтаах.

Ил Дархан Айсен Николаев: «Үөрэх» национальнай бырайыак иһинэн уопсайа уонча эрэгийиэннээҕи бырайыак үөрэх эйгэтин тупсаран, цифровой эйгэҕэ көһөрүө. Дьокуускайга оскуолаҕа оҕону үөрэтэргэ эбии миэстэ көрүллүөҕэ, саҥа оскуолалар аһыллыахтара, учууталлар идэлэрин таһымын үрдэтиэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар «Кванториум» оҕо икки технопаарката уонна үс мобильнай технопаарка аһыллан, эдэр ыччаты IT бырайыактарга уһуйуохтара», — диэн иһитиннэрдэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0