Саха сирин “Кванториума” бу сыл алтынньытыттан Дьокуускай куораттааҕы Оҕо айымньытын дьиэтигэр үлэтин саҕалыаҕа. “Кванториум” диэн эбии үөрэхтээһин систиэмэтин саҥа модела буолар, инженернэй-конструкторскай уонна научнай-чинчийэр үлэҕэ оҕолору хабан үлэлиир сыаллаах. Ити туһунан СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.
edersaas.ru
Технопарк уопсай иэнэ 1200 кв.м. тэҥнэһэр. Эрэгийиэннээҕи сүрүннүүр киининэн “Юные якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин, методическай киининэн СӨ наукатын Аччыгый академията буолуохтара.
Сүүмэрдээһини ситиһиилээхтик ааспыт үс тэрилтэ бары педагогтара уонна салайааччылара быйыл ыам ыйыгар Москва куоракка үөрэх сиэссийэтин ааспыттара.
“Кванториум” ситэриллибит уонна виртуальнай реальность, нейроквантум, аэроквантум, геоквантум, космоквантум, робоквантум, IT-квантум уонна энерджиквантум диэн кыра-кыра лабораториялартын туруоҕа. Итини таһынан технопааркаҕа бары туһаналларыгар аналлаах HiTech сыаҕы оҥоруохтара. Бүгүҥҥүтэ “квантумҥа” суруйтарыы https://goo.gl/forms/0XbJx9NEvFEw5vBF3 ссыылканан саҕаланна.
СӨ «Кванториумун» туһунан сиһилии «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин, Дьокуускай куораттааҕы Оҕо айымньытын дьиэтин уонна СӨ наукатын Аччыгый академиятын саайтарыттан билсиэххэ сөп.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru