Куурусса сымыытыттан ырысыаптар

Ааптар: 
17.06.2021
Бөлөххө киир:

Сайыҥҥы өттүгэр куурусса ииттэр табыгастааҕынан өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэринэн куурусса бөҕө тарҕанна. «Абына-табына» түүлээх да буоллар, күнү көтүппэккэ эбээһинэстэрин толорор кууруссалар сибиэһэй сымыыттарыттан хал буоллаххына минньигэс астары астыыргар ырысыаптары уунабыт.

Миин

Эйиэхэ наада:

— 2,5-3 л уу;
— 4 сымыыт;
— 2 орто хортуоппуй;
— күөх лук, укуруоп.

Бастакы көрүҥэ:

Оргуйа турар ууга хортуоппуйу кырбаан угуллар, кыратык туус кутуллар. Сымыыты алдьатан кыратык туустаан ытыйыллар. Уонна хортуоппуй тэбэ түспүтүн кэннэ ыксаабакка сэрэнэн биир сүүрээнинэн кутуллар.
Үс биэс мүнүүтэнэн бэлэм буолар.
Ким тугу сөбүлүүрүнэн күөх луук, укроп кутуллар.

Иккис көрүҥэ:

Оргуйа турар ууга  сымыыттары биирдии алдьатан тута мииҥҥэ кутуллар. Биэс мүнүүтэнэн буһарын умнума. Күөх луугу, укуруобу кутуохха сөп. Сүөгэйдиир ураты амтаны биэрэр.

«Сэбиэскэй пломбиры» санатар амтаннаах бэйэ мороженайа

1 пакет (1 л) үүт;
5 сымыыт;
1 ыстакаан саахар;
100 г ынах арыыта.

Маҥнай сымыыты уоһаҕыттан саһархайын сэрэнэн араарабыт. Үүккэ саахары, сымыыт саһархайын кутан холбуу күүскэ ытыйтарыллар. Ынах арыытын мээрэйдээн кутан баран, мөлтөх уокка (2 режим) оргууй буһарыллар. Буһарын тухары түгэҕиттэн булкуйа, ытыгынан ытыйа туруохха наада. Оргуйдаҕына, тымныы ууга иһиттэри олордон сойутуохха сөп. Арыылаах буолан сойоро түргэн. Ол тухары ытыйары тохтоппоппут, сойдоҕуна анал формаларга кутан морозилкаҕа угабыт. Ураты минньигэс амтаннаах мороженай бэлэм!

PS: «Ыра, ыйааһын түһэринэ» сылдьар буоллаххына саахарын кыччатан, арыыта суох оҥордоххуна эмиэ бэртээхтэй мороженай буолар.

Майаныас

100 мл үүт,

200 мл  мас арыыта,

3 төгүрүктүү буспут сымыыт саһархайа,

1 ч. ньуоска улахан аҥара туус,

1 ч. ньуоска улахан аҥара саахар,

1 ч. ньуоска уоҕа суох хартыыһа,

1 ост. ньуоска лимон суога эбэтэр уксус.

Төгүрүктүү буспут сымыыт саһархайдарын ылан биилкэнэн үчүгэйдик илдьиритэбит. Онно тууһу, саахары, хартыыһаны кутан баран үчүгэйдик булкуйабыт. Туруору иһиккэ эбэтэр блендер анал иһитигэр үүтү кутабыт (тымныы үүтү куттаххытына табыллыа суоҕа). Үүппүтүгэр мас арыытын сэрэнэн эбэбит. Мас арыытын оливка арыытынан солбуйар табыллыбат. Блендери иһит түгэҕиттэн 15 сөкүүндэ ытыйтарабыт, маасса хойдон бардаҕына аргыый аҕай үөһэ таһаарабыт. Аҕыйах сөкүүндэ ытыйбыккын кэннэ маасса хойдор, онно сымыыппыт саһархайын кутабыт, ол үрдүгэр лимон суогун эбэбит. Барытын холбоон баран блендербитинэн салгыы ытыйтарабыт. Сымыыт саһархайа сүрүн маассаҕа тарҕаннаҕына тохтуугут. Ол эрээри болҕойон астыырга сүбэлиибин, олох аҕыйах сөкүүндэнэн бэлэм буолар. Маннык майаныас буспут сымыыттан оҥоһуллубут буолан киһи доруобуйатыгар куттала суох буолар. Холодильникка 3-4 суукка туруон сөп.

Минньигэстик аһааҥ!

Эһигини кытары астаата Надежда Ильина

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0