Куурусса, кырдьык, таҥараны итэҕэйэр эбит…

Ааптар:  Данил МАКЕЕВ
17.11.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Биир күн Баанчык наһаа кыһаллан үөрэнэ олордоҕуна Куостук тоҥолоҕунан ойоҕоско анньан баран:

— Доо, куурусса таҥараны итэҕэйэр эбит ээ, — диэтэ.

Баанчык соһуйан, уруокка олорорун умнан:

— Куурусса даа? – диэн улахан баҕайытык саҥа аллайда.

Оччону истибит оҕолор күлсэн ньиргиһэ түстүлэр. Учууталлара халыҥ тэтэрээттэн дуоскаҕа садаача балаһыанньатын устан миэлин тыаһа тоһугуруу туран, тохтуу түстэ. Ачыкытын үрдүнэн сибилигин харсаары гыммыттыы Баанчык диэки көрөн турда.

— Садаача балаһыанньатыгар ханнык да куурусса суох. Туох кууруссатын этэҕин? – диэтэ.

Баанчык кыбыстан кытаран хаалла, ол да буоллар паартатын хаппаҕын арыйан туран кэллэ уонна:

— Куурусса таҥараны итэҕэйэр дуо? – диэн ыйытта.

Кылаас иһэ маарыыҥҥытынааҕар өссө күүстээх күлүүнэн ньиргийэ түстэ. Учуутала бу сырыыга чахчы кыыһырда, ачыкытын устан тыастаахтык остуолга бырахта, хаҥас илиитинэн аан диэки ыйда уонна олус холкутук:

— Бар таҕыс! – диэтэ.

Баанчык сирэйэ өссө эбии кытарда, паартатын анныттан суумкатын ылан оргууй аан диэки сукуҥнаата.

— Һы-һыык… Куурусса таҥараны итэҕэйэр үһү, — диэн баран Аанчык күлэрин кыатана сатаан тыбыыран кэбистэ уонна онтуттан бэйэтэ соһуйан күлэн бычыгыраата. Сонно уонунан тэбэнэттээх куолас чугдаара түстэ. Учууталлара оҥолору уоскута сатаан уруучукатын төбөтүнэн остуолу тобугурата хаалла.

Бүтэһик уруоктан үүрүллэн тахсыбыт киһи хайыай, оргууй дьиэтин диэки саллаҥнаата. Дьиэтигэр тиийэн аһаан баран таһырдьа тахсан олордо. Кунус буорун хаһан «суунан» булумахтанар, сотору-сотору аҥар атаҕар туран төбөтүн араастаан кыҥнаҥната-кыҥнаҥната кини диэки көрөр кугас эбириэн кууруссаны бэркэ сыныйан кэтээтэ. Ол да буоллар таҥараны итэҕэйэрин-итэҕэйбэтин хайдах да быһаарбата. Кууруссата кини санаата баттатан олороругар эрэ кыһаммакка сиргэ тугу эрэ тоҥсуйан кэтэҕэ чочоҥноомохтуур. Ол ахсын уот кыһыл тарааҕа илибириир. Онтон эмиэ икки атаҕынан буору хаһан тибилийдэ, оҥхоччу хаспыт сиригэр киирэн сытан түүтүн сахсаҥнатан бүтүн бэйэтинэн дьигиһийбэхтээтэ. Таҥара баар эрэ, суох эрэ — төрү кыһаллыбат быһыылаах. Арай, төбөтү кыҥнах гына-гына көрөрүгэр чыпчылыйан ыллаҕына, ортотугар оҕуруо саҕа харалаах бөстүөн курдук хараҕын мап-маҕан халтаһалара сабан турулус-ирилис буолбахтыыра дьикти баҕайы.

Ити олорон Баанчык тугу эрэ өйдөөбүттүү ойон туран, Куостуктаах дьиэлэрин диэки ыстанна. Өр өтөр буолбата аҕылаан-мэҥилээн, төттөрү сүүрэн кэллэ. Арай кууруссата маарыыҥҥы сиригэр суох, номнуо хотон таһыгар тиийэн атын кууруссалары кытары: «Коо-коо-коо. Коо-ко-ко», — дии-дии хаама сылдьар эбит.

Баанчык онтон ордук үөрдэ. Чугаһынан ким эмэ баара буолаарай диэн эргим-ургум көрдө уонна кууруссалар диэки сыбдыйда. Маарыыҥҥыттан бэлиэтии көрбүт кугас эбириэн кууруссатыттан хараҕын араарбакка супту хааман тиийбитигэр, биирдэрэ күрүөнү аннынан кыбыыга куотан биэрдэ. Баанчык күрүөнү быыһынан киирэн икки илиитин быластаабытынан батыһан истэ. Куурусса кэбиһиилээх оту эргийэ сүүрдэ. Баанчык хаалсыбата. Анаан-минээн кинини эккирэтэллэрин билэн куурусса хахаара-хахаара кынатын сараппытынан сүүрэн түөрэҥэлээтэ, онтон көтө-көтө түһүтэлээтэ. Кэбиһиилээх оту хаһыс да эргийиилэригэр куурусса эрэйдээх сэниэтэ эстэн хаалла. Баанчык аҕылаан көбүөхтүү сылдьар кууруссаны тутан ылан тиэрэ уурда. Кэбиһиилээх оттон суон соҕус хороҥ оту сыыйа тардан ылан тииһинэн быһыта хадьырыйан баран түөһүгэр кириэстии уурда. Онтон кууруссатын оргууй ыытан кэбиһээт, тэйэ хаамта. Кууруссата төрүт хамсаабакка атахтарын такыччы туттан, кыырпах да былыта суох сааскы халлааны көрөн сытар. Баанчык күрүө үрдүгэр тахсан кэтэһэн олордо. Кууруссата кириэһим түһэн хаалыа диэн куттаммыттыы адьас хамсаабат. Кырдьык таҥараны итэҕэйэр быһыылаах.

— Хайа, нохоо, манна тугу гына олороҕун? – диэн кэннигэр ийэтэ саҥарбытыгар Баанчык соһуйан өрө ходьох гына түстэ.

— Маа, куурусса таҥараны итэҕэйэр эбит ээ, — диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла.

— Ону хантан биллиҥ? – диэн ийэтэ суоһурҕаммыттыы ыйытта.

— Ол кугас эбириэн кууруссаны тутан ылан түөһүгэр кириэс уурбутум төрүт хамсаабакка сытар, — диэтэ Баанчык.

— Дэлби эккирэтэн, уҥаран туппутуҥ кэннэ сылайан сыттаҕа дии. Ыл, бар түс! Дьэ уонна кууруссалары эккирэтэн көрөөр эрэ… Эмиэ араас баракааһа киирэн эрэр ээ. Адьас сэттэлээх биэскин ыларым буолуо, — диэн ийэтэ мөхпүтүнэн барда.

Баанчык күрүөттэн ыстанан түһэн дьиэтин диэки сүүрдэ. Балачча өр буолан баран, ийэтэ хотонуттан киирбитин кэннэ, сэмээр сыбдыйан тиийэн көрбүтэ — «таҥараһыт» кууруссата былыр үйэҕэ туран баран хаалбыт. Хата туох да буолбатаҕын курдук булуус үрдүгэр тахсан атаҕынан сири хаһыйбахтыы-хаһыйбахтыы тугу эрэ тоҥсуйан тобугурата, дьоһун бэйэлээхтик чоноһуйа сылдьар эбит.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0