«Ыал аҕата — тиэргэниттэн» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕайыгар олорор Иван Павлов мындыр толкуйдаах дьиэ кэргэн аҕа баһылыга диэх курдук, тиэргэнэ барыта араас мындыр тутуунан толору.
Мин болҕомтобун куурусса дьиэтэ тарта. Омос көрдөххө, киһи соһуйа көрөрө суох эрээри, ымпыгар-чымпыгар киирдэххэ, киһи сөҕөрө үгүс. Холобура, мас кирилиэс устун хааман тахсан, утуйар «хостоох», туспа сымыттыыр уйалаах кууруссаны биирдэ эмэ көрбүккүт дуо? Мин — суох. Ол иһин Иван Петрович тутуутун көрөн баран, куурусса сайыҥҥы дьиэтиттэн арахсыбакка, хаһаайыны тутуутун көрдөрө-көрдөрө кэпсииригэр көрдөстүм.
— 2х2 кв. м иэннээх куурусса дьиэтин быйыл туппутум. Дьиэ үс быыстаах: сынньанар, күүлэйдиир «саала», иккис «мэндиэмэҥҥэ — «утуйар хос», үһүс быыс — от тэлгэммит «хоһо». Кууруссалар күнү быһа «саалаларыгар» хаама түһэн баран, кирилиэс устун «утуйар хоско» киирэн утуйаллар. Сымыттаары гыннахтарына, оттоох «хосторугар» киирэн, күннээҕи үлэлэрин «оҥороллор».
Павловтар быйыл сайын 7 кууруссаны ииттэн, күн аайы сымыттаталлар. Мин Иван Петровичтан: «Кууруссаларгын хайдах кирилиэһинэн хаамарга үөрэттиҥ?» — диэн ыйыппыппар, сэһэргэһээччим:
— Үөрүйэхтэр. Кыһын гарааска эмиэ итинник «икки мэндиэмэннээх» дьиэлээхтэр. Кирилиэһинэн хаамарга хайа күн манна кэлиэхтэриттэн үөрэммиттэрэ, — диэн кэпсиир.
Иван Петрович быйыл кууруссаларын «моойдорун эрийтэлиир» былааннаах. Былырыын ылбыт чоппуускалара кыһыны быһа сымыытынан аһатан баран, быйыл иккис сыл кыстыыр кыахтара суох, «киһи сиир кыахтаах эрдэхтэринэ» аска барарга былааннаммыттар.
— Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика албыннатан, эдэрдэр оннуларыгар «сааһырбыт биэнсийэлээхтэри» атыылыыр эбит этэ. Ол иһин онтон кэһэйэн, былырыын табаарыспар сакаастаан, чоппуускалары ылан, абыранным, — диэн сэһэргиир дьиэлээх хаһаайын.
Кэлэр нүөмэрдэргэ Мындыр толкуйдаах Хаптаҕай олохтооҕо Иван Павлов тиэргэниттэн араас интэриэһинэй тутуулары салгыы билиһиннэриэм.
Елена ПОТОЦКАЯ