“Саха быһаҕа төрүт үгэс быһыытынан кыһаҕа тапталлан, аалыллан, чочуллан, удьурҕай уктанан, кутурук эбэтэр тирии бүрүөһүннээх мас кыыннанан оҥоһуллар”, — диэн суруйар ааҕааччыбыт Галина Гаврильева.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Кини быһах уһаарыллан тахсар кистэлэҥин туһунан Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгин тимир ууһа Андрей Кулаковскайы кытта анаан көрсөн кэпсэппит.
— Идэм — таптыыр дьарыгым. Төрүттэрбэр уустар баалларын билэбин. Аҕам Иван Кулаковскай үйэтин тухары сибээс монтерунан үлэлээн, анаан уһамматтар да, сатаабатаҕа диэн суох. Тэлиэгэлээх атынан айаннаан иһэн, таах олорбокко, туу өрөн, тохтобулга мундулаан сиэтэрэ дииллэр. Эһээм, хос эһээм эмиэ уһаналлар эбит, тутууга да үлэлээбиттэр. Оҕо эрдэхпиттэн ону-маны уһана сатыыр этим. Оскуоланы бүтэрбит сылбар, ол саҕана баар уус дьиэтигэр бастакы быһахпын оҥорбутум. Ити 80-с сылларга этэ. Үксүн бэйэм маарыннатан, үтүктэн, олоххо-дьаһахха туттуллар үлэ быһахтарын оҥоробун. Эккэ, маска, балыкка туттуллар быһахтар диэн арааран оҥоробун. Билиҥҥи атыылаһааччы ирдэбиллээх буолан, быһах оҥоһуута эппиэтинэстээх, — диэн»Саха сирэ» хаһыат ааҕааччыларыгар санаатын үллэстэр Андрей Кулаковскай.
«Атын уустар үлэлэрин көрөн, уопут атастаһан сайдаары, Таатта илиитигэр сатабыллааҕа араас быыстапкаларга сыл аайы кыттар. Ол курдук, 2012 с. ыытыллыбыт биир дойдулаахпыт, урбаанньыт Андрей Варламов тэрийбит «Кылаан» диэн быhахчыттар быыстапкаларыгар 1-кы миэстэни ылбыт. 2013 с. Чурапчыга ыытыллыбыт «Улуу Кудаҥса сыдьааннара» быыстапкаҕа 3-с миэстэ буолбут. 2014 с. араас улуустан 40 маастар кыттыылаах Серафим Попов аатынан “Уус-экспо 2014” өрөспүүбүлүкэтээҕи V атыы-эргиэн быыстапкатыгар кыттыбыт. Дьүүллүүр сүбэни биһиги бары убаастыыр, киэн тутта ааттыыр киһибит Борис Неустроев – Мандар Уус салайбыта. Андрей Кулаковскай «Дэгиттэр быhах» номинацияҕа 36 маастар кыттыбытыттан 2-с бириистээх миэстэҕэ тиксибит. Быйыл ахсынньы 7 күнүгэр Таатта улууһугар аан бастаан ыытыллыбыт рационализатордар быыстапкаларыгар кыттыбыт. Олоххо-дьаһахха туттуллар, тутуу албастара диэн сиэксийэлэргэ бириистээх миэстэҕэ тиксэн, түмүккэ бастаан тахсыбыт», — диэн суруйар Галина Гаврильева.
— 2010 с. бэйэ дьыалатын тэринэн, дьоҕус бизнеһинэн дьарыктанабын, тимиртэн быhах уонна мастан миэбэл оҥоробун. Араас станогу атыылаһан, кыһыннары-сайыннары үлэлиибин. Дьиэм аттыгар сайыҥҥы производственнай сыаҕы тэриммитим. Кыһын гарааспар быһах оҥоруутунан дьарыктанабын. Нэһилиэк ыччата, уус эр дьон түмсэн, бииргэ үлэлээччибит. Онон дьон эбии хамнастанар, ыччат үлэҕэ уһуйуллар. Анал тимиргэ уһанар мастарыскыайдааҕым буоллар, үлэм өссө таһаарыылаах, ыччаты үөрэтэргэ табыгастаах буолуо эбит, — диэн сэһэргэһээччитигэр санаатын үллэстэр урбаанньыт.
«Андрей Кулаковскай биир ураты дьарыга – коллекция. Сэбиэскэй кэминээҕи бүк тутуллар 300-чэкэ быһаҕы муспут. Коллекционер «булка туттуллар, холкуос саҕанааҕы, элбэх предметтээх, оҥоһуллубут сирдэринэн» диэн быһахтарын анаан арааран наардыыр эбит. Биир дойдулаахтара, чычымахтар, туттубат быһахтарынан коллекцияны хаҥатан биэрбиттэр. Андрей Кулаковскай атын улуустарга олорор кини курдук биир дьарыктаах коллекционердары көрсөн, билсиэн баҕарар. Мин сэһэргэһээччим быһах оҥоруутун иннинэ Таҥара дьиэтин куупалын оҥоруутунан дьарыктана сылдьыбыт.
— Куупал уруккуттан да сахалар сатыыр дьарыктара быһыылаах дии саныыбын. Былыргы Таҥара дьиэлэрин куупалларын нууччалар кэлэн оҥорботохторо буолуо. Мин Дьокуускай куоракка Преображенскай Таҥара дьиэтин Москва маастардара оҥоро сылдьалларын көрөн үөрэммитим, уопсай хаамыытын, хайдах оҥоһулларын билбитим. Куупаллары хатырык курдук лоскуйдартан оҥоробун. Бу үлэҕэ чуолкай суот наада. Хатырык быһыыта куупал кээмэйиттэн тутулуктаах буолар. Ол курдук, саамай аллараа өттүттэн хатырыктары бэйэ-бэйэлэриттэн туттаран, үөһээ диэки эрээт-эрээт тахсан иһэҕин. Хатырыктар түөрт өттүттэн бүк тутуллан, күлүүс оҥоһуллан бэйэ-бэйэлэригэр уонна мас тутулугар иҥиннэриллэллэр. Инньэ гынан бөҕө буолар. Аны матырыйаала — «нитрид титана» диэн көмүс курдук дуйдаах аналлаах олус бөҕө, кытаанах металл. Быһарга, токурутарга анал станок, кыптыый көмөтүнэн эрэ үлэлиигин. Куупал хайаан да кириэстэнэр, ол кириэһэ эмиэ куупал иһигэр туспа туттарыллар, — диэн кэпсиир Галина Гаврильева сэһэргэһээччитэ.
Ити курдук, ааҕааччыбыт бэрт интэриэһинэй дьарыктаах биир дойдулааҕын булан, өрөспүүбүлүкэ дьонугар сырдатта. Онон Галина Гаврильева холобурун батыһан, интэриэһинэй дьарыктаах дьоҥҥутун эһиги эмиэ билиһиннэриҥ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru