Куукулалар быыстапкаларыгар — «Тыгын Дархан»

Ааптар: 
08.03.2020
Бөлөххө киир:

Норуот маастарын күнүгэр буолбут «Якутия мастеровая» норуот маастардарын оҥоһуктарын X үбүлүөйдээх быыстапкаҕа  Далан «Тыгын Дархан» арамааныгар олоҕуран,  Ыһыах түгэнин ойуулуур көстүүгэ куукулалар композициялара  сылдьыбыт дьону улаханнык соһутта.

edersaas.ru

Куукула оҥорооччулар «Якутия мастеровая» быыстапкаҕа бэһис сылын кытталлар.

«Тыгын Дархан» арамааҥҥа олоҕурбут композиция хайдах оҥоһуллубутун туһунан салайааччы Каролина Парфенова кэпсиир:

Мин бастаан утаа композиция оҥорорбор үс эрэ куукуланы оҥорбутум. Онтон үөрэнээччилэрдэнэн баран, «бөлөҕүнэн оҥоруохха сөп эбит» диэн санааҕа кэлбитим. Батсаап бөлөххө: «Ким баҕалаах баарый?» — диэн ыйыппытым. Онно хардарбыт дьоҥҥо оруолларынан арааран, ким ханнык куукуланы оҥороругар сорудахтаабытым. Бары араас улууска олорор дьоммут: ким Ньурба, ким Чурапчы, ким Хаҥалас, ким Амма. Онон бу композиция сүрүннээн ыраахтан олорон, уопсай сүбэнэн оҥоһуллубут үлэ.

Биллэн турар, бары тарбахтарыгар  талааннаах араас дьон үлэлээбит буолан, хас биирдии куукула — тус-туһунан 29 (куукула ахсаана оччо) буочар.

Галина Федорова Ньурба улууһуттан кэлэн быыстапкаҕа кытынна. Кини санаатын бу курдук үллэһиннэ:

Бу куукулалары оҥорорбутугар арамааны хаста да ааҕан, дьоруойдарбытын уонна ол саҕанааҕы таҥастары үөрэтэн, матырыйаал бөҕөтүн хаһыстыбыт. Бүгүн бу улахан  үлэбитин аан бастаан дьон дьүүлүгэр таһаардыбыт. Көрөөччү  сэҥээрбититтэн олуһун үөрдүбүт. 

Хаҥаластан сылдьар эдэр урбаанньыт  Айаал Егоров куукулалары бэркэ сэҥээрдэ:

Мин харахпар Ыһыах түгэнин эмиэ бу куукулалар туралларын курдук ойуулаан көрөр этим.

Куукула дьоруойдарын барыларын билэр эбиппин. Уобарастарын маастардар олус бэркэ биэрбиттэр.  «Тыгын Дарханы» сыл аайы ааҕабын. Ол да буоллар, арамаан ис хоһоонун олох саҥаттан арыйар курдукпун. Маннык быыстапка баара олус үчүгэй.

Куукулары оҥорооччулар таһымнара олус үрдүк эбит диэн сыана быстым. 

Ити курдук, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолбут быыстапкаҕа үс күнү быһа үгүс киһи сылдьан элбэҕи билэн-көрөн астынна.

Елена ПОТОЦКАЯ,  «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0