Халандаарга Кукольниктар күннэрэ диэн Ираҥҥа куукула тыйаатырын диэйэтэлэ Дживад Золфагарихо туруорсуутунан 2003 сыллаахха киллэриллибит.
Бу ураты күнүнэн туһанан, биһиги edersaas.ru cайт ааҕааччыларыгар анаан, куукуланы хайдах оҥорору ыйыталастыбыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ куукуланы оҥорооччулар сойуустарын чилиэнэ, Чурапчы улууһугар Төлөйгө олорор уран тарбахтаах Изабелла Кузьмина бу оонньуур хайдах оҥоһулларын, кистэлэҥнэрин көрдөрдө.
Маҥнай, ыалдьыппыт туһунан
«Кыра эрдэхпинэ куукуланан оонньообот этим. Таҥыннаран, баттаҕын өрөн, киэргэтэн баран олордон кэбиһэрим. Оҕо саадыгар кыргыттар ыаллаах буола оонньуу бардахтарына, мин уолаттары кытта пластилинныырым. Оскуолаҕа үөрэнэ киирэн баран, уруһуйдуурбун сөбүлүүр буолбутум», — диир кини.
Аан бастаан тэлэбиисэргэ куукулалары оҥоруу туһунан биэриини көрөн олус сэргээбит. Матырыйаалларын хомуйсубут. Ити кэмҥэ куукула оҥорор норуот маастара Василий Андросов Чурапчыга тиийэн маастар-кылаас биэрбитигэр сылдьыбыт. «Киниттэн элбэх сүбэни-аманы ылабын. Маны сэргэ, Саха сиригэр куукуланы оҥорооччулар бассаапка группалаахпыт. Онно санааларбытын атастаһабыт, сүбэлэһэбит. Наһаа туһалаах, көмөлөөх», — диэн хайгыыр.
Нэһилиэк бибилэтиэкэрэ, иллээх ыал ийэтэ билигин иллэҥсийдэҕинэ киэһэттэн-киэһэ биирдии-иккилии чаас таптыыр дьарыгар ылсар. «Сололоох буоллаххына, биир куукуланы икки нэдиэлэнэн бүтэрэҕин. Ортотунан биир ый оҥороҕун. Билигин үлэлиир буоламмын, киэһэттэн киэһэ эрэ оҥоробун”, — диир.
Изабелла киэргэлгэ турар саха куукулаларын оҥоруунан дьарыктаммыта икки сыл буолла. Бу кэм устатыгар кини Айыы Умсуур удаҕаны, Баай Байанайы, Күөх Боллоҕу, Байанайдаах түүлү, Таас Дьааҥы хотуну (Хотун дьахтары), Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолору хайдахтаах курдук ураннык, киһи эрэ көрөн сөҕүөн курдук тутан-хабан, чочуйан оҥорбутун көрүҥ.
Мындыр, уран уус Изабелла улууһугар, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар быыстапка-дьаарбаҥкаларга, Кытайга Пекин куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттыбытын дипломнара, махтал суруктара туоһулууллар.
Күөх Боллох куукуланы оҥоро үөрэнэбит. Маастар-кылаас
Куукуланы оҥоруох иннинэ эскиз оҥоһуллар. Онно хайдах сирэйдээх буолуохтааҕа, үөрбүтэ, күлбүтэ, толкуйдуу турара, олороро, тугу гынан эрэрэ барыта киллэриллэр. Онтон үлэ саҕаланар.
Наада буолаллар: пластик, ПВА, момент килиэйдэр, пудра, болоорхой тень арааһа, акрил, акварель кырааскалар, киистэ, уоннаах иистэнэр уонна мулине саптар, маҕан шпатлевка, суус кумааҕы (шкурка), алтан, алюминий боробулуохалар, аһы-үөлү буһарарга туттуллар фольга, аһы суулуур пленка.
1.10 см боробулуоха төбөтүгэр күрүчүөк оҥоробут.
2.Күрүчүөкпүтүн тула аска туттуллар фольганан сымыыт курдук (оҥорор куукулабыт төһө улахан буолуохтааҕын көрөн холуйан, былааннаммыт төбөттөн кыра кээмэйдээх гына) эргиччи суулуубут. Сирэй буолуохтаах өттүн хаптаҕай соҕус гынабыт.
3.Кыра да кир пластикка наһаа сыстарынан, илиибитин ыраастык суунабыт. Ол кэнниттэн пластикпытын пластилин курдук сымнатабыт. Онтон фольганан суулаабыт төбөбүтүн чараас араҥанан пластигынан сыбыыбыт. Сирэй ортотуттан саҕалаан, кытыытыгар сыбаан барар ордук. Сыбахпыт иһигэр салгын киириэ суохтаах.
4.Сымнаабыт пластикпытыттан быһа тардан мурун, харах, уос, иэдэс, кулгаах, сыҥаах, сүүс оҥорон, эбэн, тупсаран биэрэбит.
5.Киистэнэн пудралаан, болоорхой тиэнинэн сотон төбө уопсай моһуонун таһаарабыт.
6.Кофе бааҥкатыгар толору фольга симэбит уонна боробулуохаҕа иҥнэ сылдьар төбөнү туруору анньабыт. Ханна да таарыллыа суохтаах. Дуохуопкаҕа буһара уурабыт. Манна пластикка суруллубут ыйыытын-кэрдиитин тутуһабыт.
7.Буспутун кэннэ таһааран саамай синньигэс киистэнэн харах кырааскалыыбыт. Харах маҕаныгар – акрил, харатыгар – акварель туттабыт. Кырааска куурбутун кэннэ тыҥырахха сотуллар дьэҥкир лааҕынан сотобут.
8.Куукулабыт хааһыгар, баттаҕар радиаторы эрийэргэ аналлаах лен, эбэтэр коза түүтүн туттуохха сөп. Дьэҥкир өҥнөөх момент килиэйинэн кэтэҕиттэн саҕалаан сыһыарабыт. Күөх Боллох баттаҕын ньамахтаах курдук оҥороору акрил кыраасканан сотон биэрбитим.
- Куукулабыт төһө улахан буолуохтааҕынан суоттанан, иһигэр, атаҕыгар кытаанах, суон боробулуоханан каркастыыбыт. Бу каркаспытын хатыылаах буоларын курдук чыскынан ытыртартаан биэрэбит.
10.Хатыылаах боробулуохабытыгар томтоҕор соҕус буолуор диэри сап эрийэбит. ПВА килиэйинэн сотобут, куурдабыт.
- Куукулабыт атаҕын пластигынан оҥоробут уонна сүрүн чааһын кытары холбуу духуопкаҕа буһаран ылабыт, сойутабыт.
12.Тутууга, түннүк оҥоһуутугар туттуллар күүгэни (пена) эрдэ туспа иһиккэ, кумааҕыга ыстаран кытаатыннарабыт. Бу күүгэни куукулабыт иһигэр, сүрүн чааһыгар горячий клей диэнинэн сыһыартыыбыт. Килиэйэ куурбутун кэннэ, күүгэммитин кыһан куукулабыт уопсай көрүҥүн таһаарабыт. Куукла илиитин холбуурга анаан, санныгар аһаҕас хаалларабыт.12.Эмиэ сабынан эрийэбит, килиэйдиибит, куурдабыт.
14.Папье-маше оҥорорго кумааҕыбытын инчэтэбит (сымыыт кумааҕы хаҕа эбэтэр чараас кумааҕы барсар), бытарытабыт, уутун тоҕобут, ыгабыт. ПВА килиэй кутан булкуйабыт. Бу кумааҕылаах килиэйбитинэн куукулабыт уопсай көрүҥүн сыбыыбыт. Икки-үс күн куурдабыт.
15.Маҕан өҥнөөх шпатлевканан куукулабыт сүрүн чааһын сыбыыбыт, оллурун-боллурун тэҥниибит. Биир-икки күн куурдабыт. Ол кэнниттэн суус кумааҕынан (шкурканан) аалабыт.
16.Кырааскалыыбыт. Күөх Боллох көҕөрүмтүйэн көстөрүнэн күөх, киһи этигэр-сиинигэр чугас өҥнөөх акрил кырааскаларынан туттубутум. Ханнык куукуланы оҥороргуттан көрөн кырааскаҕытын талаҕыт.
17.Куукулабыт илиитин туспа боробулуохаттан оҥоробут. Чыскынан хатыылыыбыт. Тарбахтарын синньигэс алтан боробулуоххаттан оҥорон таһаарабыт. Барытын пластигынан сыбыыбыт. Салгыы пудралыыбыт эбэтэр кылабачыйбат тиэнинэн сотобут, хараҥа соҕус өҥнөөх тиэнинэн күлүктээн биэрэбит уонна духуопкаҕа буһарабыт. Сорох түгэҥҥэ илиитин фольганан эрийэн биэрэн баран, пластигынан сыбаан таһаараҕын эбэтэр пенанан туттуохха сөп. Эбэтэр илиини куукула сүрүн чааһын оҥорбут ньымабытынан оҥоруохха эмиэ сөп. Буһан тахсыбытын кэннэ сойутуллар, кырааскаланыллар.
- Онтон таҥас тигиитигэр киирэбит. Күөх Боллоххо сыалыһар тириитин туттубутум. Куурдан, хатаран баран, уунан илитэ-илитэ имиппитим. Ол кэнниттэн, куукулаҕа тутан баран, быһа холуйан таҥаһын моһуонун кырыйбытым.
Таҥас тигэр буоллахха, киэби маннык быһыахха эмиэ сөп. Куукулабыт сүрүн чааһын ас суулуур пленканан эрийэбит. Үрдүнэн кырааскалыырга (малярнай) туттуллар скотч сыһыарабыт. Харандааһынан сарын, ойоҕос сииктэрин бэлиэтиибит. Пленкабытын скотчпутун кытта холбуу, сарын, ойоҕос сииктэринэн, бэлиэтээбит сирбитинэн таҥаһы быһар курдук кырыйан ылабыт. Ол киэби таҥаска ууран быһабыт, тигэбит, кэтэрдэбит. Сиэҕи сииктэрин холбоон баран, куукулабыт илиитигэр кэтэрдэбит. Санныгар холбуурга сарын таҥаһын иннэлээх сабынан бүүрэ тардабыт. Итиэннэ килиэйдээн баран санныгар сыһыаран кэбиһэбит. Бу кэмҥэ санныгар бэлэмнээбит хайаҕаспытыгар илиитин боробулуохатын килиэйдээн баран тэҥҥэ уган кэбиһэбит. Ыстаанын икки ойоҕос сииктэрин хаалларан баран, куукулаҕа кэтэрдэн олорон тигэбит.
19.Күөх Боллох ытыһыгар ууран олорор балыгын пластиктан оҥорбутум. Духуопкаҕа буһаран ылбытым. Сойутан баран акрилынан кырааскалаабытым. Тыҥырах лааҕынан кылабачыйарын курдук соппутум. Илимэ мулине саптан өрүллүбүтэ.
20.Куукулабыт олорор сирин, тиэмэтигэр сөп түбэһиннэрэн, ким хайдах толкуйдуурунан киэргэтэн, ситэрэн-тупсаран оҥоруон сөп.Уран тарбахтаах Изабелла сүбэтин туһаныҥ, куукулата оҥоро үөрэниҥ. Баҕар, нэһилиэккит оскуолатыгар, оҕо саадыгар, куруһуокка эһиги оҥорбут куукулаларгыт олус туһалаах буолан туруохтара. Кырачааннарга остуоруйа, олоҥхо көрдөрүөхтэрэ.
Биһиги корр., “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru