Куучара тааһа

07.06.2020
Бөлөххө киир:

Күөл диэн сиргэ бэрт үрдүк уҥуохтаах, нууччалыы хааннаах Куучара Маайа диэн кырдьа барбыт дьахтар олорбут.

edersaas.ru

Кини сурукка киирэр аата — Мария Андреевна Неустроева диэн. Икки  оҕолоох, аны саамай интэриэһинэйэ — чугас эргин күүстээҕинэн аатырар эбит.

Арай биирдэ, саас чалбах тахсыбытын кэннэ, Өймөкөөн түгэҕиттэн баай киһи Күөлгэ күүлэйдии кэлбит. Кини күүһүмсүйэр идэлээх эбит. Куучара Маайа туһунан истэн, киниэхэ тиийэн кэлбит. Үс күнү быһа тустуох диэн хаайбыт. Бүтэһигэр Куучара кыыһырбыт уонна эппит: «Икки сымара тааһы үрэхтэн булан, сыарҕалаах оҕуһунан таһаар». Били киһи биэс-алта уолу көмөлөһүннэрэн, икки  тааһы таһаарбыт. Биирэ атыыр оҕус ханнынан саҕа улахан, икки арыый кыра. Баай киһи бэркэ астынан, айаҕын ата-ата күлбүт.

Мөккүөр тугунан түмүктэнэрин көрөөрү дьон бөҕө мустубут. Баай киһи өттүк баттанан, быһа кыайбыт курдук сананан, били улахан тааска аҥаар атаҕын үктэнэн турар эбит. Куучара балаҕаныттан түргэн үлүгэрдик тахсыбыт, улахан тааска сулбу хааман кэлбит. Өттүк баттанан турар киһи киэр садьыйбыт. «Эн ити кыра тааһы ыл», — диэн баран улахан тааһы кыбыммыт даҕаны, бара турбут. Баай киһи били кыра тааһы нэһиилэ көтөҕөн, Куучараны батыспыт. Дьон көрбөт сиригэр тиийэн, тааһын быраҕан кэбиспит. Куучараны эккирэппит. Ааттаһыы бөҕөнү ааттаспыт, көрдөһүү бөҕөнү көрдөспүт: «Баһаалыста, тааскын бырах, миигин күлүүгэ ыытыма». Арааһы барытын биэриэх буолан эрэннэрбит. Куучара саҥата суох барбахтыы түһэн баран, Арбаҕар диэн сиргэ тиийэн тааһын бырахпыт. Онтон били баай киһи саатыттан Күөлгэ төттөрү барбакка быһа дойдутугар күрээбит үһү.

Куучара Маайа Төрүккэ олорон, отутус сыллардаахха өлбүт. Били  кини көтөхпүт тааһа Күөл суолугар билигин даҕаны сытар.

Эҥин бэйэлээхтэр боруобаланан көрөллөр эбит, оннуттан сыҕарыппыт көстүбэт, абаларыгар үлтүрүтэ сатаабыттар эмиэ бааллар.

Афанасий Гермогенов, Төрүт, Өймөкөөн, «Кэскил» хаһыат, 1990 сыллар

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0