Кууһунан атыылыыр баазаларга балаһыанньа хайдаҕый?
Холобур, Чернышевскай уулусса 66-с №-гэр турар баазаҕа туораттан көрүүгэ, сыана тахсыбыта көстүбэт. Дьон син-биир атыылаһарын курдук атыылаһар. Хата, фруктаны, оҕуруот аһын атыылааччылар чочунаах, имбирь, лимон курдуктарга сыананы үрдэппиттэр. Холобур, бу астар 500 солкуобайтан итэҕэһэ суох сыаналаммыттар. Биир лимону мөһөөктөн тахсаҕа ылыахха сөп. Маныаха коронавирус сылтах буоллаҕа.
Сбитень диэн ааттаах ностуойка прополистаах, имбирдээх баар эбит. Сэниэ киллэрэр, иммунитеты бөҕөргөтөр, массыынаҕа, сөмөлүөккэ мэйиилэрэ эргийэр дьоҥҥо туһалаах диэн суруктаах.
Өссө биири бэлиэтии көрдүм. Атыылаһааччылар бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи тура сатыыр буолбуттар. Ол да буоллар, сөтөллө сылдьар дьон аҕыйаҕа суох. Кыалларынан мааска кэтэр буолбуттар. Сорох маҕаһыыннар атыылааччы турар остуолун таһыгар быа тардыбыттар. Онон атыыһыкка ыкса чугаһаабаккын. Ити курдук, араас харыстанар ньымалар туттуллар буолбуттар.
Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат.
Хаартыска: интэриниэттэн.