Номох салгыыта
Бүөтүр үтүөрэн баран, дьиэҕэ-уокка көмөлөһөрө, табаҕа миигин кытта сылдьыһара. Убайым булка-алка илдьэ сылдьар этэ. «Байанайдаах булчут буолсу», — диэн хайгыыра. Дьиэ кэргэним Бүөтүртэн астыналлара, тылбытын-өспүтүн да түргэнник ылынна диэн үөрэллэрэ. Биһигини кытта хас да сыл олорбута. Ийэбиттэн, убайбыттан ыйытан баран, миигин ойох ылбыта. Ойох ылаат, Уус Ньараҕа барабын диэн турбута.
— Ууччаҕыттан хаалан баран, Уус Ньараттан хайдах кэлбиккиний? — ийэм барытын билэр санаалаах токкоолоһо олорбута.
— Онно Баһылай биһиэхэ баара, эрим Бүөтүр ойохпун Догдоҕо илдьэ бараар диэбит быһыылааҕа. Аҕыйах хонон баран, убайбын кытта дойдубутугар ыстаннарбыппыт. Онно хаалбытым буоллар мин да хаайыллыам этэ. Хат дьахтар диэхтэрэ суох этэ, — Боккуойа куолаһа титирэстээн ылбыта.
— Хата, убайыҥ Баһылай баар буолан абыраабыт. — Ийэм балтын сирэйин одууласпыта.
— Абыраабыт диигин да, убайым бииргэ арыгылыыр табаарыс нууччатыгар миигин сыыттаабытын, эргэ биэрэ сатаабытын санаатахпына, билигин да убайбар абаланабын. Баһылайы Бүөтүрүм чугас табаарыһыгар үҥсүбүтүм. Оҕонньорум табаарыстара убайбын Баһылайы: «Илдьиэҥ суоҕа да сэрэн», — диэн куттаабыттарыгар эрэ миигин манна аҕалбыта. Онон убайдар да араастар эбит этэ, — Боккуойа убайыттан хомойбута ааһа илик быһыылааҕа, иэдэстэрин устун бөдөҥ таммахтар мөлбөрүспүттэрэ.
— Ол оннугар билигин үчүгэйдик олороҕун быһыылаах дии, дьиэҥ-уотуҥ, таҥаһыҥ-сабыҥ, аһыҥ-үөлүҥ — барыта баар. Чугас дьонуҥ куһаҕаны оҥорбуттарын саныы-саныы ытаама. Аньыы, — ийэм куолаһа сымнаабыта.
Мин аһаан бүтэн, өлбүт убайым талаҕынан оҥорон хаалларбыт оонньуурдарынан оонньуу олорбутум. Боккуойа мин диэки көрө түспүтэ.
— Мин нууччабыттан кыыһым Паша эн кыыһыҥ Нулгынэт саҕа. Олохпор баар-суох тапталым бэлиэтэ кыыһым, Пашам эрэ. Билигин Орто Дойду оскуолатыгар бастакы кылааска үөрэнэ сылдьар, — кини кыыһын санаан, харахтара үөрүү кыымынан тырымнаспыттара.
— Саастыы буоллахтарына, тапсан бииргэ оонньуохтара. Оҕо оҕотугар ылбаҕай буолар. Мин оҕонньорум баарына, Халыманан эргийэн Магадаҥҥа бара сылдьыбыттаахпыт. Сырыыта ырааҕыттан, Магадан аттыгар баар эбээннэргэ сайылаан баран кэлбиппит. Аҕабыт аҕата Ордьумаан оҕонньор Ола эбээннэригэр баран кэлэрэ. Онтон букатын сүтэн хаалбыта. Эбээннэртэн эһэм туһунан ыйыталаспытым. Ол сиргэ эбээннэр ууччалары утары хаста да өрө туран сэриилэспиттэрэ үһү. Ууччалар элбэхтэрэ бэрдиттэн уонна саалара сэптэрэ үчүгэйиттэн эбээннэр кыайтарыылаах хаалаллара диэн кэпсээбиттэрэ. Кэнники сэриигэ Ордьумаан оҕонньор бааһыран баран
тутуллубут. Ол тутуллубутуттан ыла оҕонньор букатын сүппүтэ диэн кэпсээбиттэрэ.
Боккуойа быһа түһэн:
— Эһэбит нуучча этэ дуо? — дьахтар улаханнык соһуйбут сирэйдэммитэ.
— Куудара баттахтаах, сүрдээх улахан уҥуохтаах оҕонньор этэ. Мин эһэбиттэн наһаа куттанар этим. Миигин «Маалыҥсай, хабатай» диэн буойара. Куруук бара-кэлэ сылдьарынан, дэҥҥэ көрөрбүт. Ууччатын, эбээнин өйдөөбөппүн. Аҕабыт Бүөтүр Ордьумаанабыс оруобуна аҕатын курдук этэ. Кини курдук үрдүк уҥуохтааҕа, куудара баттахтааҕа. Эбэбитин Анньыысаны Олаҕа илдьэ сатыыра, эбэбит дойдубуттан ханна да барбаппын диэн аккаастанара. Анньыыса муора кыыһа үһү. Аллайыаха дьүкээгирдэриттэн Ордьумаан оҕонньор ойох ылан кэлбит диэн кэпсииллэрэ. Таҥара биир эрэ оҕону биэрбит. Ордьумаан уолуттан арахсымаары, бара-кэлэ сылдьара үһү. Оннук сылдьан сүттэҕэ ол, — ийэм тугу билэрин кутан кэбиспитэ.
Маарыйа эмээхсин эмиэ быһа түһэн тугу билэрин этэ оҕуста:
— Бүөтүр Ордьумааныбыс сүрдээх улахан уҥуохтааҕа, сэрии иннинэ, оруобуна, Христииннээх Халымаҕа барбыттарын кэннэ Буур Хаайбыкка кэлэ сылдьыбыта. Оҕонньору онно көрбүтүм.
— Эһэбин эн көрбүт эбиккин дии.
Боккуойа ити туһунан тугу саныырын эппитэ.
— Убайым Баһылай аҕатыгар Петр Родионовичка майгынныыр ээ. Кини курдук, улахан уҥуохтаах, дагдаллыбыт киһи. Баттаҕа эмиэ куудара. — Боккуойа саҥа арыйбыт курдук дьүһүннэммитэ.
— Эн ийэҥ диэки барбыккын, ол гынан баран, аҕаҥ курдук хараҕыҥ киэҥ, арылхай. Дьахтарга үрдүк уҥуохтааххын. Ол иһин уучча киһитэ эйиэхэ хараҕын бырахтаҕа, — ийэм Боккуойаны көрө-көрө, бэрт истиҥник мичээрдээбитэ.
— Биһиги хааммытыгар атын омуктаах буоламмыт уҥуохпут үрдүк эбит. Олохтоох эбээннэр кып-кыралар. Оҕонньорум Ылдьаа миэхэ тайах мас курдук, намыһах.
Бастакы кылааска үөрэнэр кыыһым Паша аҕатын саҕа үрдүктээх буолан эрэр.
— Бээ, тохтоо эрэ, арай, уучча аҕаҕыт эмискэ кэллэҕинэ хайыыгытый? — ийэм бэркэ мунааран ыйыппыта.
— Ылдьааҕа эргэ тахсарбар кинини сэрэппитим. Оҕонньорум, кыыһым аҕата кэллэҕинэ, тэйэн биэрэр эрэ
буоллаххына, эйиэхэ эргэ тахсабын диэбитим. Кини сөбүлэспитэ. Онон бу ыал буолан олорорум куттала суох дии саныыбын. Киниттэн тардыстыахпын төрөппүт оҕобут суох, — дьахтар аахайбатах курдук тылласпыта.
— Оччоҕо кыыһыҥ суруллара Никулина диэн буоллаҕа дии. Уучча аҕаҕыт сундуугун хайдах буларый? — эдьиийэ өйдөөбөккө ыйыппыта.
— Мин баарбын дии, наадыйдаҕына булуоҕа, — Боккуойа күлэн кэбиспитэ. Ити кэпсэтии кэнниттэн элбэх сыллар ааспыттара. Боккуойалаах атын нэһилиэккэ олороллоро. Биирдэ Боккуойа биһиэхэ элбэх маллаах кэлбитэ. Барарыгар сорох малын дьиэбит кырыыһатын иһигэр хаалларбыта.
— Наадалаах малларбын хааллардым. Оҕолору кырыыһаҕа таһаарыма, таҕыстахтарына малбын ыһыахтара, — тоҕо эрэ сибигинэйэн эппитэ.
— Тоҕо хааллардыҥ? Илдьэ бар, ким киирэрин-тахсарын көрө сылдьыахпыный? Наадалаах малыҥ сүттэҕинэ, эппиэттиир санаам суох, — диэн аккаастаабытым.
— Суох, илдьибэппин. Паша аҕатын малларын сүгүн сытыарымаары гынна. Кини малларыттан былыргы халлаан күөҕэ чааскылары миигиттэн ыйыппакка эрэ ылбыт этэ. Сайын ыстаадаҕа сайылыы барабын. Сундуук киниэхэ хааллаҕына, Бүөтүрүм малыттан туох да хаалыа суоҕа. Кини ыла кэллэҕинэ эбэтэр киһи ыыттаҕына, бэйэм манна кэлэн, мантан ылан биэриэм. Куттаныма, эйигин эппиэттэтиэм суоҕа, — диэбитэ.
— Кыра оҕо эрдэхпинэ, мин ийэбэр кэпсээбит сундуугуҥ билигин да баар эбит дуу? — диэн бэркэ дьиктиргээн ыйыппытым.
— Таптыыр доҕорбун Бүөтүрү өр күүттүм. Биир киһи күүтэрин күүттүм ини, ол гынан баран, бу күҥҥэ диэри күүтэрбиттэн сылайа иликпин. Санаабар, эмискэ баар
буола түһүөх курдук. Дьиҥнээх таптал киһи өйүттэн-санаатыттан арахсыбат эбит, — Боккуойа кырдьан, кэрэмэстийбит баттаҕын имэриммитэ.
— Арай кэлбэтин, төһө өр күүтэҕин? — сөҕөн хараҕым муҥунан көрбүтүм.
— Өлүөхпэр диэри күүтүөм, таптал диэн оннук буолар быһыылаах. Ситэри олорботох олохпун салгыы олоруохпун баҕарабын, — Боккуойа эмээхсин хараҕар былыргы тапталын кыымнара көстөн аастылар быһыылааҕа.
— Сундуукпун харыстыа диэн хаалларабын, эйигин эрэнэбин, — миигин улаханнык эрэммит харахтарынан көрүтэлээбитэ.
— Сөп, сөп, хааллар. Эн күүстээх тапталыҥ туһугар эрэ ылынабын. Ким да кырыыһаҕа тахсыбатын диэн кирилиэһи ылан кэбиһиэм. Эмээхсин илиитин харбаан ылан илигирэппитим, ыгыта туппутум.
Боккуойа күүстээх санаалааҕыттан, баар-суох тапталын харыстыырыттан ытыктыы санаабытым.
— Бакаа, Нулгынэт, этэҥҥэ олоруҥ, — диэтэ, сыарҕатыгар олороот, көтүтэ турбута.
Хас да сыл ааспыта. Боккуойа миигин олорор бөһүөлэгэр ыҥырбытын истэн, үлэбиттэн көҥүллэтэн киниэхэ тиийбитим. Кыыһа Паша миигин таһырдьа көрсүбүтэ. Ийэтэ ханнык да киһи өрүттүбэт ыарыытыгар ыалдьарын, аҕыйах күннээх, хонуктаах киһи буолбутун кэпсээбитэ. Пашаны кытта кэпсэтээт, эмээхсиҥҥэ киирбитим. Киирбиппэр үөрэн, Боккуойа сирэйэ сырдаан хаалбыта.
— Нулгынэт, кэллиҥ дуу? ¥өрдэхпиэн, тылбын ылыммыккар улахан махтал буоллун. Тоойуом, Нулгынэт, эйиэхэ бэйэҕэр эрэ этэрдээхпин. Хата, өлүөм
иннинэ, айыым-таҥарам бириэмэ биэрдэ. Паша, эн истимэ. Таһырдьа таҕыс, Нулгынэккэ эрэ этиэм, — эмээхсин, кыыһа тахсарын күүтэн, бөгдьөллөн баран олорбута.
Паша ийэтигэр кыыһыран турбута:
— Ийээ, тоҕо Нулгынэккэ эрэ тугу эрэ этэҕин? Мин эйигин куһаҕаннык ыарыылыыбын дуо? — Паша, миигин сыҕайа-сыҕайа, ийэтигэр ыган кэлбитэ.
Мин ыксаан:
— Паша, тохтоо, — диэн баран, сибигинэйбитим, — ийэҥ тугу миэхэ эппитин кэпсиэм, — диэбиппэр, тохтоон таһырдьа тахсыбыта.
Боккуойа Паша тахсыбытын көрөн, миигин аттыгар олордубута:
— Нулгынэт, эйиэхэ хаалларбыт сундуугум туһунан этээри гынабын. Баар дуо?
— Баар.
— Оччоҕо, ыла кэллэхтэринэ мээнэ дьоҥҥо биэримээр.
— Мээнэ дьон буолалларын хайдах билэбиний?
— Бастаан Щербакова Параскева диэн эмээхсини көрдүөхтэрэ. — Боккуойа, сөтөллө-сөтөллө, эппитэ.
— Ол Параскева Щербакова диэн кимий? — оройуоҥҥа итинник ааттаах ким да суоҕа, ол иһин дьиктиргээн ыйыппытым.
— Тапталым, Бүөтүрүм миигин: «Мин сарыыссам Параскева Щербакова» диэн ааттыыра.
— Урукку фамилияҥ Щербакова диэн этэ дуо? — эмээхсин сирэйин одууласпытым.
— Сокуон быһыытынан саахсаланаары сылдьыбыппыт. Онтон Щербакова буолбакка, төннөн кэлээхтээбитим. Тугу эмэ өйдүүр буоллаххына, билэр буолуохтааххын. — Боккуойа саҥата суох ытаан ыҥырҕаабыта.
Ытыырын тохтотоору ыйыппытым:
— Параскева Щербакованы ыйытар киһи кэллэҕинэ, эн сундууккун биэрэбин дуо? — ыалдьар киһи муҥнанарын көрүмээри ыксата олорбутум.
— Суох, биэримээр. Параскева Щербаковаҕа туохха наадыйдыҥ диэн ыйытаар. Онтон ол киһи Бүөтүр, Прасковья Щербаковтары ыйыталаһыа. Онно эн Паша Шербакова баар диэр, — эмээхсин саҥата иһиттэн тахсыбат буолбута.
Тылын истээри, уоһугар кулгаахпын таҕайбытым.
— Паша Щербакованы ыла кэллим диэбит киһиэхэ сундуукпун биэрээр, — диэн баран, дириҥник өрүтэ уһуутаабыта, өрүтэ тыынан тыын ыла сатаабыта.
— Сөп, өйдөөтүм, — дии охсубутум.
Ыксаан Пашалааҕы ыҥырбытым. Боккуойа сарсыарда, күн ойуон иннинэ, суох буолбута. Эмээхсини кистэһэн баран, дьиэбэр кэлбитим. Кэргэним кырыыһаҕа ыттар
саҥа кирилиэс оҥортороору сылдьара. Ону көрөн, сундуук туһунан өйдөөбүтүм.
Кутталбыттан кыыһыран турбутум:
— Урут тоҕо оҥорторботоххунуй? Билигин кэлэн дьаһалымсыйдыҥ дуо, оҥорторума, турдун, — диэн ыһыытаатым быһыылааҕа.
Оҕонньорум дьиктиргээбитэ, ол да буоллар:
— Оҥороору сылдьар дьоҥҥо туох диибиний? — дии-
дии, күлбүтэ.
— Куттаныма, бэйэм кэпсэтиэм, — мас суора сылдьар дьоҥҥо тахсан: «Оҥорумаҥ, атын дьоҥҥо оҥорторуох буолбутум, бырастыы гыныҥ, оҕонньорум билбэт этэ», — диэн албыннаабытым.
Өр сылларга туох да сурах-садьык иһиллибэтэҕэ.
Биирдэ, мин куоракка сырыттахпына, биир нуучча кэлэн, Параскева диэн дьахтары ыйыппытын кэпсээбиттэрэ. Мин Щербаковтары ыйыппатаҕын иһин
көрсүбэтэҕим.
Ол киһини аҕыйах хонон баран, оройуон киинигэр өлөрбүттэрин истибитим. Ити сураҕы истэн баран, хас да күн утуйар уум көппүтэ. Нууччалары көрө-көрө куота
сылдьар буолбутум.
Биир сайын эспэдииссийэ начаалынньыга миигиттэн ааҕар кинигэ уларса киирбитэ:
— Говорят, что у Вас много книг. Одолжите мне художественную книгу, — диэбитэ.
— Сами посмотрите в шкафу, если понравится берите, — диэн баран, куукунаҕа ону-маны бэрийбитэ буола сылдьыбытым.
— Мадам, Вы знаете, Параскеву Щербакову, — диэн ыйыппытыгар соһуйан охто сыспытым.
Саҥата суох өр таалан турбутум.
— Мадам, Вы слышали, о ком я спросил? — диэбитэ.
— Нет, о ком Вы спросили? — төттөрү ыйыппытым.
— Вы слышали о Параскеве Щербаковой?
— Говорят, что она жила в другом наслеге. Зачем она Вам? — мин дьиктиргээбит курдук харахпын муҥунан көрбүтүм.
— Просто так спрашиваю, один мой друг спрашивал, — диэбитигэр көхсүм кэҥээбитэ.
— Она давно умерла.
— Даа, а после нее что-то осталось?
— Не знаю, я там не была.
Нуучча ити тыллары истээт, уларсыбыт кинигэтин да ылбакка, элэс гынан хаалбыта.
Куораттан кэлэн баран истибитим, ол эспэдииссийэ начаалынньыгын ханнык эрэ хайа үрдүгэр кимнээх эрэ дьаһайан кэбиспиттэрин булбуттар диэни истэн баран, куттанарым өссө улааппыта. Боккуойа эмээхсин нууччаларыттан куттанан, сайын аайы атын оройуоҥҥа баран сайылыырым. Ол курдук бара-кэлэ хас да сыл этэҥҥэ олорбутум.
Биирдэ дьиэбэр киирбитим, кэргэммин кытта биир нуучча олороро.
— Ити кимий? Тоҕо биһиги дьиэбитигэр олороруй? — диэн кэргэммиттэн үрүт-үөһэ ыйыппытым.
— Былыргы номохтору хомуйар үһү. Эн кэлэргин истэн биһиэхэ хоммута. — диэбитэ.
— Хоммута буола-буола. Үүрэн ыытыаххын. Мин биир да номоҕу билбэппин, — диэн сөбүлээбэтэх чиҥ-чаҥ куоласпыттан кутталлаах хоноһо мин кыыһырбыппын сэрэйдэ быһыылааҕа.
— Госпожа, я слышал, что Вы очень хорошо знаете легенду о горе Кубалах, прошу Вас, расскажите, — нуучча, мичээрдии-мичээрдии, көрдөспүтэ.
Боккуойа сундуугуттан босхолонуохпун баҕарбытым ырааппыта. Дьиэттэн чугас ыскамыайка баара, нууччаны кытта кэпсэтээри, онно ыҥырбытым. Нуучча Боккуойа кыыһыгар Пашаҕа туга эрэ майгынныыр курдуга, ол иһин кэпсэтэргэ сананным быһыылааҕа.
— Легенду знаю, расскажу, давай, присядем на ту скамейку, — диэбитим.
Нуучча бэрт улгумнук миигин батыспыта.
— Давай, спрашивайте прямо, о чем хотите спросить? — Нуучча тута өйдүү охсубута.
— Вы знали Параскеву Щербакову?
— Да, еще что хотите спросить?
— Петра или Пашу Щербаковых, знаете?
— Да, знаю только Пашу Щербакову.
— Я приехал за Пашей Щербаковой, дайте ее мне.
— Параскева Щербакова ждала Вашего отца до самой смерти. — Пашаҕа майгынныыр өрүттэрин көрдөөммүн, нуучча сирэйин чинчийбитим.
— Откуда Вы знаете, что я сын Петра Щербакова? — Нуучча дьиктиргээбитэ.
— Это не трудно догадаться, Вы похожи на Пашу Щербакову. Сундук Параскевы на крыше, заберите сундук, быстрее. Из-за этого вашего сундука по ночам не сплю. Боюсь даже своей тени. Какие-то люди убили два человека. Они не знали «пароль». Старушка Параскева Щербакова этот ваш «пароль» сказала перед смертью. Убитые спрашивали только о Параскеве. «Пароль царицы — Параскевы Щербаковой» долго буду помнить. Жена Вашего отца доверила мне сундук и жизнь своей дочери. Старушка Параскева сильно любила Вашего отца. Ваша сестра Паша хотела присвоить содержимое сундука. Она успела взять голубые чашки. Поэтому мать Параскева привезла сундук сюда, на хранение. Лестница за амбаром, давайте, действуйте. Наконец-то, заберете свой сундук, — диэн баран, дьиэбэр киирэн хаалбытым.
Сундууктан босхоломмут күммүн санаатахпына, билигин да сылтаҕа суох үөрүөх-көтүөх санаам кэлэр. Боккуойа нууччаларын илиилэриттэн мүччү көппүтүм үөрүүтүн-көтүүтүн эһигини кытта тэҥҥэ үллэстэбин.
Сотору нуучча киирэн кэлбитэ, үөрбүт сирэйдээҕэ:
— Все есть, все вещи на месте. Спасибо, Вам. Я хочу отблагодарить, Вам подарок, — диэн баран, дьэҥкир күлүмүрдэс таастаах биһилэҕи ууммута.
Харахтара атыны толкуйдуур курдуктара. «Акаары дьахтар», — дии саныыр быһыылааҕа.
— Нет, не возьму, не стоит, я только выполняла просьбу Параскевы Щербаковой, она очень любила Вашего отца. Надо преклоняться перед нею, это стоит уважения, заберите все, — диэбитим.
Нуучча махтанан тоҥхоҥнуу турбута, тылыттан маппыта, туох да диэбэтэҕэ.
— Ну, ладно. Больше никогда не показывайтесь перед моими глазами. Вы, Щербаковы, забудьте дорогу в мой дом. Идите, будьте счастливы, — диэбитим, Щербаков түргэнник таҕыстын диэн.
Нуучча, тоҥхоҥноон-тоҥхоҥноон баран, тахсан барбыта. Сүүрэн тахсан, нуучча хайа диэки барарын кистээн көрбүтүм. Иккиэ буолан, сундуугу икки өттүттэн тутан, Индигир өрүс диэки барбыттара. «Боккуойа сундууга бардыын-бардын!» — диэн сибигинэйбитим. Ыарахан сүгэһэр санныбыттан түспүтүгэр, көхсүм кэҥээбитэ, — диэн кэпсээммин түмүктээбитим.
Маарыйалаах Балагыай өр таалан олорон баран:
— Ол сундуукка туох баар этэй? — диэн тэбис-тэҥҥэ ыйыппыттара.
— Билбэтим, көрбөтөҕүм. Сэрэйдэххэ, сыаналаах мал буолуо. — испэр: «Бостуой сундуукка туох баарын көрбөтөхпүн», — дии санаабытым.
— Ол сундууктан сылтаан икки киһини өлөрбүттэр эбит дии. — Балагыай түмүктүү олорбута. — Сундуук иһигэр көмүс, алмаас буолуо. Онтон атын буолуон табыллыбат.
— Хата, сундуугу хаспатаҕым үчүгэй. Көмүһү, алмааһы аптаах дииллэр, киһи иҥсэтин көбүтэллэр үһү. Иҥсэм көбөн, көмүһү, алмааһы кистэнэ сылдьан, ол өлбүт нууччалар суолларын суолланыам этэ. Билигин эһигини кытта кэпсэтэ олоруом суох этэ дии саныыбын, — диэн түмүктээбитим.
Маарыйа эмээхсин туох да диэбэтэҕэ, ону-маны санаата быһыылааҕа:
— Былыргыттан көмүһү, алмааһы ыарахан тыыннаахтар диэччилэр. Хайаан да киһи хаанын көрдүүллэр үһү. Саха, эбээн ити күндү таастарынан байбатаҕа. Нулгынэт, эн ити баайга-дуолга үөрүйэҕиҥ суох буолан кыһамматаххын, төрдүгүттэн-өбүгэҕиттэн саҕалаан үөрэммэтэх, байбатах, туһамматах буолаҥҥын тыыппатаххын. Ол оннугар тыыннаах хаалбытыҥ хайҕаллаах, — Маарыйа мин тыыннаах хаалбыппыттан үөрбүтэ.
Мария Федотова-Нулгынэт
Номох «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Кутталлаах сундуук» диэн кинигэтиттэн ылылынна.