Түүн утуйбатах буоламмыт, Маарыйалыын күнүстэри утуйдубут. Дьон утуйарыгар биирдэ уһугуннубут. Бастаан ону-маны кэпсэтэ олордубут. Киирии-тахсыы аҕыйаата, арааһа өттүгэстээтилэр быһыылаах.
— Эн Муомаҕа кып-кыра эрдэххинэ барбытыҥ. Бу сааһыран баран кэлэн олороҕун. Харахтаах эрдэхпинэ, эйигин телевизорынан хаста да көрбүтүм. Ийэҕэр майгынныыр буолаҥҥын, оҕолор эппиттэригэр, көрөн баран эндэппэккэ билбитим.
— Сүрдээҕин майгыннатан билэр эбиккин. Өйдөөх, көрбүккүн-истибиккин умнубат буолаҥҥын, ийэбин умнубакка өйдүүрүҥ сүрдээх эбит, — диэн Маарыйа умнубатын сөҕө олорбутум.
¥чүгэйдик олордоххо, сыл хонук дииллэрэ кырдьык ээ. Кини миигин тоҕус сааспыттан көрө илик буолуохтаах. Онтон ыла үйэ аҥаарыттан ордук кэм аастаҕа.
— Эдьиий Маарыйа, Буур Хаайбыт туһунан кэпсээ эрэ. — Төрөөбүт сирим туһунан элбэҕи билээри көрдөстүм.
— Кэпсээтэххэ кэпсээн ханна барыай? Ону-маны кэпсээн дуу, ыйытан дуу санаттахтарына, өйбөр көтөн түһээччи. — Маарыйа мин киниэхэ тугу эмит санатарбын кэтэһэн олорбута.
— Буур Хаайбыт туһунан араас үһүйээни истиэхпин баҕарарым элбэх. Тоҕус төбөлөөх булгунньах туһунан оҕо эрдэхпинэ, араас оннук-маннык кутталлааҕы кэпсииллэрин өйдүүбүн. Силээннээх үрэх үрдүгэр турар булгунньаҕы эмиэ иччилээх диэччилэр. Аттыгар кыыстаах эмээхсин очуоһун туһунан эмиэ үһүйээннэри кэпсииллэрин истэр этим. Голдындьа үрүйэ туһунан дьикти кэпсээннэр бааллара. —
Мин элбэҕи билэр эбит дэттэрээри Маарыйа сирэйин одуулаһабын.
— Итини барытын кэпсээтэхпинэ, элбэх буолуо. Бастаан эн Муома туһунан кэпсээ. Атын сир сонуна элбэх уонна дьикти-дьиибэ буолуо. — Маарыйа мин хайдах кэпсиирбин истиэн баҕарар быһыылаах.
— Буур Хаайбыттан Суордаах бөһүөлэгэр диэри хайдах айаннаан тиийбиппитин эбэтэр кыра сааспыттан манна кэлиэм эрэ иннинэ босхоломмут кутталлаах сундуугум туһунан кэпсиибин дуо? Тал, тугу кэпсиибин, — диибин.
Маарыйа дьигис гынна:
— Дьикти сундуук эбит. Сундуук туһунан кэпсээ. Ол кутталлаах сундуугу туох ааттаах өр илдьэ сырыттыҥ? — Маарыйа сундуук туһунан истиэн баҕаран, өлбөөркөй хараҕа уоттаммыкка дылы буолла.
— Чэ, иһит, кэпсиим даҕаны… — диэтим.
— Балагыай, кэл манна, иһит. Нулгынэт дьикти сундуук туһунан кэпсээри гынна, — эмээхсин үчүгэйтэн кыыһын матарымаары ыҥыра олордо. Балагыай өс киирбэх хоско көтөн түстэ. Ийэтин оронугар лах гына олордо, мичээрдии-мичээрдии, тугу кэпсиирбин кэтэстэ.
— Дьэ, истиҥ. Ол сундууктан сылтаан манна кэлиэхпэр диэри куруук кутталга олорбутум. Бастаан ол сундуук туһунан, мантан ийэбин кытта айаннаан тиийээт, истибитим. Омоон суолу оймоон, тоҥуу хаары тэлэн, уһун сындылҕаннаах айаммыт Догдо табаһыттарын бөһүөлэктэригэр түмүктэммитэ. Ийэм бииргэ төрөөбүт балтын киэҥ-куоҥ дьиэтигэр киирэн уоскуйбуппун-сынньаммыппын билигин да саныыбын, ону санаатахпына, дууһам уоскуйар. Ийэм балта Боккуойа диэн ааттааҕа. Ол саҕана Боккуойа түөрт уонуттан тахсыбыт түргэн-тарҕан
туттунуулаах, курбалдьыйбыт дьахтар этэ. Ийэм кинини, кэпсэтэр тылларыттан иһиттэххэ, саҥа көрбүт үһү. Боккуойа төрүөн иннинэ, ийэм дьааҥыларга эргэ тахсан барбыт. Ол иһин кини сураҕын эрэ истэр эбит. Аһа-үөлэ дэлэй дьахтар буолан остуол хотойорунан астаах: таба тыла, иһэ, сыалаах сүүдүҥүй ойоҕос, балык арааһа, бурдук ас баара.
Кутталлаах уһун айан кэнниттэн бэлэм, дэлэй астаах остуолга олорор үчүгэй да этэ.
Ийэм, балачча аһыы олорон баран, Боккуойаттан ыйыппыта:
— Боккуойа, эн ханнык эрэ устаҕас ууччаҕа эргэ барбыккын истибитим. Ол кырдьык дуо?
— Кырдьык, эдьиий, кырдьык.
Маарыйа тулуйбакка быһа түспүтэ:
— Эн ийэҥ: «Балтым Боккуойа, нууччаҕа тоҕо эргэ барбыта буолла, уучча хаһан эбээн дьахтарын бэйэтигэр тэҥнээн илдьэ сылдьыаҕай?» — диэн айманар этэ.
Мин салгыы кэпсээбитим:
— Кырдьык буоллаҕына, ол киһиҥ билигин ханна баарый? — диэн ийэм сөбүлээбэтэх курдук ыйыппыта.
— Миигин ойох ылан баран, Уус-Ньара диэн сиргэ илдьэ барбыта. Кини Щербаков Бүөтүр диэн ааттааҕа. Ол сиргэ маннааҕар баайдык-тоттук олорбутум. Бүөтүр ону-маны булара-талара, киириилээх-тахсыылаах киһи этэ.
— Ууччаны батыспыккын дьонуҥ-сэргэҥ сөбүлээбэтэхтэрэ буолуо, — ийэм эмиэ сөбүлээбэтин биллэрэн, төбөтүн хантас гынан дьиэ үрдүн одууласпыта.
— Ийэм эрэйдээх Дьэбдьэкиэй, ытыы-ытыы, тохтото сатаан кэбиспитэ. Мин истибэтэҕим. Ол саҕана, аҕам Миискэндьэ суоҕа, кини Абыйга өлбүтэ. Кини өлбүтүн кэннэ манна көһөн кэлбиппит. Арай убайым Баһылай эрэ миигин өйөөбүтэ. Бүөтүр биһиккини Уус-Ньараҕа табанан илдьибитэ. Кини миигин кэтээн ол дойдуга икки сыл олорбута. Мин нууччабын эрэммэт этэ. Бырахтаҕына, төттөрү илдьэ барыам диэн санаалааҕа, ол олордохпутуна ийэбит Суордаах Үрэҕэр ууга түһэн өлбүтэ. Ону кэлэн баран, биирдэ истибитим. Ийэм биир эмэ уҥуоҕа көстөөрөй диэн сайыны быһа көрдөөбүтүм да, тугу да булбатаҕым. Арай кини сонун курдук, сону булбутум. Ол сону балтыларбын кытта ийэбит уҥуоҕа буоллун диэн, көмөн баран кириэс туруорбуппут. Аатын суруйбуппут. Ол иһин ийэм уҥуоҕа баарын курдук саныыбын. — Боккуойа ийэтин санаан, умса туттан олорбохтоото.
— Дьааҥыга барар-кэлэр дьонтон «Миискэндьэ ойуун ойоҕо ууга түһэн өлбүтүн ким да харайбатах үһү. Чүөмпэҕэ хас да сыл сыппытын кырса, саһыл сиэбитин Суордаах бөһүөлэгин олохтоохторо, көрө-көрө, кыһамматахтар. Уолаттара, кыргыттара Абыйтан да, Уус-Ньараттан да кэлэн ийэлэрин харайбатахтар, көмпөтөхтөр», — диэн хобу-сиби истибитим.
— Мин Суордаах олохтоохторун буруйдаабаппын. Кини сүтэн хаалбыта, ону быһаччы ууга түспүтэ буолуо диэн быһаарбыттара. Дьэбдьиэ диэн балтым тоҕустаах, Маайыс сэттэлээх оҕолор этилэр. Ити кыра кыргыттар ийэлэрин бэйэлэрэ көрдүү сатаабыттар, булбатахтар. — Дьахтар хараҕын уута баһыллан тахсыбытын туора-маары илгэн кэбиспитэ.
— Билэриҥ дуу, эн ийэҥ Дьэбдьиэ миэхэ маачаха ийэ буолар. Охонооһой биһикки ийэбит, Салтаһа тааһыгар сырыттахпытына, ыалдьан өлбүтэ. Эбэбит өлбүтүн кэннэ,
аҕабыт эһиги ийэҕитин ойох ылан аҕалбыта. Мин баарбына Баһылай уонна Улахан Бороскуобуйа төрөөбүттэрэ. Миигин Дьааҥы дьонугар эргэ биэрбиттэрэ, Охонооһойго Ааныка диэн кыыһы ойох ыллартарбыттара. Эргэ барбыппыттан ыла аҕабын көрбөтөҕүм. Кини да кэлэ сылдьыбатаҕа.
Дьоммун кытта үчүгэйдик олорбутум. Онтон бары өлөн бүппүттэрин кэннэ, бу кэлэн олоробун. Кыыспын Нулгынэппин аймахтарбар көмөлөһүннэрэн, манна, Муомаҕа улаатыннараары аҕаллым. Улахан оҕолорум араас
ыарыыга өлбүттэрэ. Оҕонньорум, сиргэ сырыттахпытына, эмискэ таарымталаан өлөн хаалбыта. Ону бөһүөлэккэ тиэйэн аҕалан көмпүтүм. Онуоха эбии бу кыыс саҥа төрөөбүтэ. Кыһыл оҕобун хоонньубар укта сылдьан, өлбүт кэргэммин кытта бодьуустаспытым, сүкпүтүм-көтөхпүтүм, буору булларбытым. Ама да ааспытын иһин, ыарахан сыллар ааспыттара. — Ийэм олоҕун, убайбын санаан, марылаччы ытаата. Мин эмиэ тулуйбатым, ытаан сырдырҕаатым. — Баар-суох иитэр-аһатар оҕобуттан матан кэллим. Субу буору булларан баран, айаҥҥа туруммуппут.
Боккуойа эмиэ аһынан уйадыйда.
— Ытаамыахха-соҥоомуохха, хаһан өлбүт дьону төнүннэрээри, — Боккуойа биһигини эргиччи көрүтэлээтэ. — Хата нууччабын кытта хайдах олорбуппун кэпсиим. Кинини кытта бэрт үчүгэйдик олордохпутуна, эмискэ Бүөтүрбүн тутан барбыттара, хаайан кэбиспиттэрэ. Онон итэҕэс дьоллоох дьахтарбын, толору олоҕу олорботоҕум.
— Тоҕо? Туох эрэ, былааска сөп түбэспэт куһаҕаны оҥорбута буолуо. — Ийэм тоҕо эрэ, сирэйэ уһаан хаалбыт курдук буолбута.
— Билбэтим, доҕотторо-атастара сүрдээх элбэхтэрэ. Баҕар, кинилэр тугу эрэ куһаҕаны оҥорбуттара буолуо. —Боккуойа хараҕын халтарытан атын сир диэки көрбүтэ.
— Тутуллубутун кэннэ көрсө сылдьыбытыҥ дуо? — Ийэм сиһилии ыйытан киирэн барбыта.
— Сылдьан, биирдэ доҕотторо хаайыыга илдьэн көрүһүннэрбиттэрэ. Онно соҕотох оҕобунан, кыыспынан сэттэ ыйдаах хат этим. Оҕонньорум хаайыыга олорон эппитин, куруук өйбөр хатыы сылдьабын: «Оҕобут уол буоллаҕына, мин ааппынан ааттаар, кыыс буоллаҕына, бэйэҥ ааккын биэрээр. Хаһан эмит эһигини, тыыннаах буоллахпына, булуом, салгыы олох олоруохпут. Ааспыт сырыытыгар, эн убайгынан, Баһылайынан ыыппыт сундуукпун кистээн уура сылдьаар. Мин сундуугум буоларын туһунан кимиэхэ да кэпсээбэт буол. Кимиэхэ эмит кэпсээтэххинэ, эһигини эмиэ хаайыахтара. Мин сундуукпун ыла кэлбит дьон Щербаков Бүөтүргэ эбэтэр Щербакова Прасковьяҕа кэлиэхтэрэ. Мин оҕом аатын ааттаабыт эрэ киһиэхэ сундуугу биэрээр», — диэбитэ.
— Эдьиий, айаҕым аһыллан эйиэхэ сундуук туһунан этэн кэбистим. Эн ити туһунан кимиэхэ да кэпсээмэ. Билиҥҥи оҕонньорум Ылдьаа Никулин, кыыһым Паша ити сундуук туһунан билбэттэр. Сундуугу кинилэртэн кистии сылдьабын. — Боккуойа, ким эмит истэрэ буолуо диэн тулатын көрүнэ-көрүнэ, эппитэ.
— Кистии сатыыгын да харабыл ууччалар истибиттэрэ буолуо. — Ийэм саарбахтаан ыйыта олорбута.
— Бүөтүр эбээннии, сахалыы булкуйан кэпсэтэргэ үөрэммитэ. Нууччалар истибит да буоллахтарына, өйдөөбөтөхтөрө буолуо.
— Бүөтүр тутулларын эрдэттэн билэр эбит, онон сундуугун эрдэ күрэппит. — Ийэм атыннык өйдүү олорбута.
— Иннин көрүнэр киһи этэ. Кини бириискэҕэ баран үлэлиирэ, маанытык таҥнара. ¥рдүк үөрэхтээх үрүҥ үлэһит этэ. Убайым Баһылай күтүөтүн Бүөтүрү наһаа сөбүлүүрэ. Билигин санаатахпына, баайын иһин буолуо. Киниэхэ араас табаары, аһы-таҥаһы булан биэрэрэ. Сэрии сыллара да буоллар, убайым Догдоҕо бара-кэлэ сылдьан, араас табаары таһара. Бүөтүр онно балыйтаран сундуугун эрдэ күрэппитэ.
— Сундуугу Догдо олохтоохторо хаспыттара буолуо, — ийэм чап гыннарбыта.
— Суох. Убайым дьоҥҥо көрдөрбөккө, киһи уҥуохтаах булгунньахха көмпүт этэ. — Убайыгар махтаммыт куолаһынан унаарыппыта.
— Маннык ыраах, быстаҕас сиргэ, ол ууччаны хайдах булан, билсэн эргэ тахсыбыккыный? — ийэм дьиктиргээбит харахтарынан көрүтэлээбитэ.
— Онно-манна ыһыллыбыт табалары мунньа сылдьан, сыккыстыыр дууһата эрэ сытар нууччаны булбутум. Аччыктаан, атахтара бааһыран өлөрө чугаһаабыт этэ. Мин куттанан ыраахтан көрөн турдахпына, миигин илиитинэн ыҥырбыта. Куттана-куттана чугаһаабыппар, айаҕын ыйа-ыйа, «ням-ням» диэбитигэр аччык эбит дии санаабытым. Харбаан ылыа диэн, чугаһаабакка, тайаҕым төбөтүгэр иилэн, өйүө аспыттан бэрсибитим. Аска аччык бөрө курдук тииһинэн түспүтэ. ¥рүйэттэн солуурчахпынан уу баһан таһааран иһэрдибитим.
Нууччалыы тугу эрэ кэпсээбитэ да, мин өйдөөбөтөҕүм. Убайбын аҕалыам диэн бэлиэ биэрэн баран, ураһам диэки ыстаннарбытым. Убайым, борокуот нууччаларын кытта доҕордоһор буолан, нууччалыы билэр этэ. Киэһэ убайбын кытта кэлбиппит, нууччабыт өлөөрү мөхсө сытара. Кэпсэтэр да кыаҕа суоҕа.
«Төһө баран, бу киһи элбэх аһы сиэбит. Киһини өлөрөөрү ыбылы аһаппыккын, аччык киһини кыра-кыралаан аһатыахтааххын, өйдөөтүҥ дуо?» — убайым миигин кынчарыйбыта.
«Кырдьык өлүө дуо?» — мин куттанан кутум-сүрүм атахпар түспүтэ дуу, көппүтэ дуу, биир сиргэ тоһоҕоломмут курдук туран хаалбытым. Убайым чаанньык оргуппутунан барбыта. Илиитин кутааҕа ититэ-ититэ, нуучча иһин имэрийбитэ. Айаҕар ньуосканан кыра-кыралаан чэй иһэрдибитэ. Ол курдук сарсыардааҥҥа диэри нууччаны кытта бодьуустаспыта. Нуучча сарсыарда убайбын кытта кэпсэтэр буолбута. Мин буруйбунан киһи өлбөт буолла диэн үөрэн, ийэбэр кэпсии барбытым.
Убайым Баһылай нууччаны аҕалан ураһаҕа киллэрбитэ. Атаҕын бааһын ийэм отунан-маһынан эмтээбитэ. Булбут нууччабыт сылы быһа ыалдьыбыта. Кэнники кинини мин ыарыылыыр буолбутум. Кини отутугар чугаһаабыт киһи этэ. Мин сүүрбэ биирдээх этим. Иккиэн эдэрдэр буолан буолуо, икки ардыбытынан уу тэстибэт доҕордуулар буолбуппут. Тылбытын да истиһэр этибит. Атын дьонтон кинини сиртэн булбуппутун кистээбиппит, убайым кистэппитэ, кимиэхэ да кэпсээмэ диэн боппута: “Борокуот нууччаларыттан кэлбит убайым табаарыһа” дэттэрбитэ.