Сунтаар улууһун Кутана сэлиэнньэтиттэн төрүттээх, Дьокуускайга олорор “Кутана уолаттара” түмсүү биллэриитэ бэҕэһээҥҥиттэн социальнай ситимнэринэн тарҕанна.
edersaas.ru
Биллэриигэ: “Биһиги, куоракка үлэлии-хамсыы сылдьар уолаттар, бу хара дьай бүрүүкээбит кэмигэр дьиэттэн тахсыбакка олорор аҕа саастаах дьоммут аһылык ылынаргытыгар уонна атын да наадаҕытыгар көмө буолаары бөлөх тэриннибит.
Туохха наадыйаргытын маҕаһыынтан атыылаһан аҕалан биэрэбит (төлөбүрэ чиэк быһыытынан), оттон сырыыбыт босхо. 7 914 270-21-94 нүөмэргэ эрийиҥ”, – диэн суруйбуттар.
Маннык үтүө санаа Сунтаар улууһун Кутана орто оскуолатын бүтэрбит Василий Ивановка киирбит уонна биир дойдулаахтарын кытары “Кутана уолаттара” түмсүүнү тэрийбиттэр.
Уолаттар Дойдуга бэриниилээх буолуу сылынан уонна биир дойдулаахтара бу ыарахан кэмнэргэ кыһалҕаны билбэккэ аһаралларыгар баҕа өттүлэринэн көмөлөһөн эрэллэр.
Ол туһунан Василий Иванович:
“Ээ, киэҥ араҥаҕа таһаараргытын сэргээбэппин даҕаны, чэ тылбын ылыннардыҥ быһылаах.
Аҕа саастаах дьоммутугар хайдах көмөлөһүөхпүт суоҕай? Ити ыйбыт төлөпүөммүтүгэр эрийдэхтэринэ, тугу сакаастаабыттарынан бородуукталарын ылан аҕалан биэрэбит. Кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарга сылдьабыт, сыаналарын үөрэтэбит. “Маннык сыанаҕа сөбүлэһэҕит дуо?” – дьоммутуттан ыйытабыт, чиэк биэрэбит.
Билиҥҥитэ аҕыйах киһи эрийдэ. Илдьибит дьоммут махтаналлар, алгыстарын этэллэр. Бүгүн кууһунан атыылыыр маҕаһыыннар үлэлээбэт буоланнар, сүүрбэтибит. Уопсайынан, биир дойдулаахтарбытыгар, аҕа саастаах дьоммутугар үөрүүнү бэлэхтиирбититтэн бэйэбит да астынабыт. Кыра сылдьан, кинилэри төһөлөөх убаастыы-ытыктыы, сорохторун толло да көрөрбүт буолуой? Хата бу сылдьан, биир дойдулаахтарбытын кытары алтыһан ааһарбыт биһиэхэ эмиэ күүспүтүгэр күүс эбэр буоллаҕа”, – диэн суоппар идэлээх, үтүө санаалах Василий Иванов санаатын үллэһиннэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru